Туйгун сыаналаах аттестаты уонна оскуоланы мэтээлинэн бүтэрээччилэртэн быйыл туох ирдэбил турарый?
Санатан эттэххэ, хамсык дьаҥынан сибээстээн, былырыын оскуоланы туйгунунан уонна мэтээлинэн бүтэрээччилэртэн ирдэбил турбатаҕа, биир кэлим эксээмэн баала учуоттамматаҕа. Арассыыйа тыһыынчанан үөрэнээччитэ кырылас биэс сыаналаах аттестаты сиэбигэр уктубута. Онтон Саха сиригэр оскуоланы аттестатыгар туйгун сыаналаах 905 оҕо бүтэрбитэ. Маннык көстүү бүтүн дойду үрдүнэн бэлиэтэммитэ. Ол эрээри, салайааччылар маны сөптөөҕүнэн аахпаттар. Оҕо чахчы туйгун билиилээҕин, мэтээли ылар кыахтааҕын бигэргэтиэхтээх диэн быһаараллар. Ол иһин быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ кэккэ ирдэбиллэри киллэрбиттэр.
Кырылас биэс сыаналаах аттестаты ылар туһугар 10-с уонна 11-с кылаас үөрэх дьылларыгар бары биридимиэттэргэ “туйгун” (“отлично”) сыана турар буолуохтаах. Ону тэҥэ, биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарааччылар нуучча тылыгар 70 баалтан кыраны уонна бары талар биридимиэттэригэр орто түмүктэн (удовлетворительные результаты) кыра сыананы ылыа суохтаахтар. Түмүктүүр судаарыстыбаннай эксээмэни (ГВЭ) туттарааччылар нуучча тылыгар уонна математикаҕа эксээмэннэрин “туйгун” (“отлично”) сыанаҕа туттарыахтаахтар диэн этиллэр. Бу туһунан РГ Үөрэҕи уонна науканы кэтээн көрөр федеральнай сулууспа иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru