Эр киһи эрэ туттуох-хаптыах көрүҥнээх уустук үстүрүмүөннэринэн эдэркээн кыыс бэрт судургутук, үөрүйэхтээхтик туттар. Бу — Дьокуускайдааҕы тутуу-коммунальнай тиэхиньикумун “теплоснабженец технического оборудования” исписээлинэһин бүтэрээри сылдьар Алена Анохова.
edersaas.ru
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ сыллата Бэчээт күнүгэр бииргэ үлэлэһэр суруналыыстарын ыҥыран эҕэрдэлиир, министиэристибэ үлэтин-хамнаһын, инники соругун билиһиннэрэр. Былырыын “Кванториуму” көрдөрбүт эбит буоллахтарына, быйыл пресс-тууру Дьокуускайдааҕы тутуу-коммунальнай тиэхиньикумугар тэрийдилэр. Тэрээһиҥҥэ СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров, миниистири бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай, миниистири солбуйааччы Ньюргуна Соколова, пресс-сэкирэтээрдэр Надежда Григорьева, Вера Неймохова кытыннылар. Устудьуоннар хайдах үөрэнэллэрин барытын илэ харахтарынан көрдөрдүлэр.
Тиэхиньикум сантехникаҕа уонна ититиигэ мастарыскыайыгар барыта сабыс-саҥа тэрил. Бу куорпуһу 2016 сыл ыам ыйыгар үлэҕэ киллэрбиттэр. Мастарыскыай сэбиэдиссэйэ, “Эдэр профессионаллар” Арассыыйатааҕы сойуустарын сэртипикээттээх эспиэрэ Владимир Кокош: “Быйыл модернизация кэнниттэн 18 мөл. солк суумалаах хаачыстыбалаах тэрили ыллыбыт. Бары үлэни барытын толорор кыахтаах”, — диэн билиһиннэрээтин кытта, эдэркээн Алена Анохова тимир тэриллэри бэрт намчы илиилэринэн имигэстик тутан-хабан, сантехникаҕа сатабылын көрдөрбүтүнэн барар. Ол быыһыгар бэйэтин туһунан кэпсиир:
—Мин үөрэнэр бөлөхпөр кыргыттар балачча элбэхпит. Тоҕо диэтэххэ, олоххо ирдэнэр идэ. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ династия диэххэ сөп. Ийэм, эбээм эмиэ бу исписээлинэһи баһылаабыттара, — диир.
Ийэтэ тиэхиньикуму бүтэрэн, диплом ылан идэтинэн үлэлээн көрөн баран, кыыһа оскуоланы бүтэрбитин кэннэ тиэхиньикумҥа киллэрэргэ санаммыт. Тимири кытта эллэһэр төһө уустугуй диэн ыйытыыбытыгар: “Миэхэ уустук диэн туох да суох. Дьон сатыырын барытын үөрэтиэххэ, оҥоруохха сөп. Биллэн турар, бу исписээлинэскэ күүс-күдэх ирдэнэр. Халлаан сылыйдаҕына бэйэм спордунан дьарыктанабын”, — диэн этэр.
Аттыгар салайааччылара кэпсэтэрбитин истэн туран: “Алена Дьокуускай куорат 10-с нүөмэрдээх оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Биһиги биир киэн туттар туйгун үөрэнээччибит. СӨ Ил Дарханын стипендиата. Алена тиэхиньикум кэнниттэн ханнык баҕарар үрдүк үөрэххэ киирэр кыахтаах”, — диэн Аленаны ситэрэн биэрэр. Ол курдук, Алена “Эдэр профессионаллар” (“WorldSkills”) эрэгийиэннээҕи чөмпүйэнээтигэр бастаабыт, Арассыыйаҕа 12 уолу кытта соҕотох кыыс кыттан, сэттис миэстэлэммит. «Тустаах идэни баһылыырга, чертеж ирдэнэр буолан, хайаан даҕаны математиканы, геометрияны билиэххэ наада. Ону тэҥэ, күүс-уох, түргэнник туттунуу, болҕомтолоох буолуу эрэйиллэр», — диэн санаатын үллэстэр.
Салгыы тиэхиньикум атын үөрэнэр сирдэрин көрөбүт. Плитканан бүрүйүү мастарыскыайын уопуттаах педагога Матрена Иванова үөрэнээччитин, билигин номнуо тиэхиньикуму бүтэрэн, салгыы үрдэтинэн бэйэлэригэр кэлэн маастардардыы сылдьар Артем Давлетовы кытта анал тэриллэр хайдах үлэлииллэрин билиһиннэрдилэр. Ити курдук, бу күн үөрэх кыһатын түөрт мастарыскыайын көрдөрдүлэр.
Үчүгэйэ диэн, тустаах үөрэх тэрилтэтигэр профориентационнай үлэлэри ыыталлар эбит. Оскуола үөрэнээччилэрэ бириэмэтин болдьоһон баран, кылааһынан тиийэн илэ тутан-хабан көрүөхтэрин сөп. Санатан эттэххэ, ааспыт сыллаахха Саха сирин орто анал үөрэхтэрин тэрилтэлэрин материальнай-тиэхиньиичэскэй базатын саҥардыынан сибээстээн, уопсайа, 345 мөл. солкуобай суумалаах саҥа тэрили ылбыттар. Итинтэн 42 мөл. солк. суума Дьокуускайдааҕы тутуу-коммунальнай тиэхиньикумугар барбыт.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Артемий ГРОШЕВ (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.