Оскуоланы ким даҕаны былдьыыр санаата суох

Ааптар: 
04.02.2019
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 203-с микро-оройуонугар оскуолаҕа миэстэ тиийбэтинэн сибээстээн, кэлин үгүс кэпсэтии таҕыста, араас эбиилээх-сабыылаах сурах-садьык даҕаны тарҕанна. Олортон биирдэстэринэн, тустаах микро-оройуоҥҥа туттулла турар, сотору кэминэн үлэҕэ киириэхтээх Оҕо искусствотын оскуолатын, саҥа оскуола тутуллуор диэри оҕолор үөрэнэллэригэр бэриллэр үһү диэн. Ис дьиҥэ хайдаҕый?

edersaas.ru

Бэҕэһээ Дьокуускай куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова 202-с микро-оройуоҥҥа баар Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээччилэрин  төрөппүттэрин кытта көрсөн, долгутар ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдары биэрбит. “Оҕо искусствотын оскуолатын уопсай үөрэх оскуолатыгар кубулутар туһунан боппуруос турбат даҕаны. Ити оруна суох иһитиннэрии. Оҕо искусствотын оскуолатыгар сыста турар бибилэтиэкэҕэ биир үөрэх дьылыгар эбии кылаастары быстах кэмҥэ аһар туһунан буолар. Бүтэһиктээх быһаарыы ылынылла илик. Үөрэх дьыла чугаһыгар быһаарыллыаҕа”, — диэн иһитиннэрбит, итиэннэ долгуйарга төрүөт суоҕун эппитин туһунан Дьокуускай куорат уопсастыбаннаһы кытта сибээскэ уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэри кытта үлэҕэ департамент суруйар. Ону даҕаны атын үүт-хайаҕас көстүбэтэҕинэ, 203-с микро-оройуоҥҥа саҥа оскуола тутуллуор диэри  эрэ итинник быһаарыы ылыныллыаҕа диэн бэлиэтээбит. Оттон тустаах оскуоланы 2020 сылга үлэҕэ киллэрэр былааннаахтарын, Уопсастыбаннай норуот фронугар салалта, төрөппүттэр кыттыылаах буолбут мунньахха иһитиннэрбиттэрэ.

Түмүктээн эттэххэ, кэлин бу боппуруос тула оруна суох, туох даҕаны чахчыга олоҕурбатах сонуннары үлүннэрэн кэпсиир, сорохтор “ас таһаарынар” үгэстэннилэр. Онон суруйуу барыта оруннаах диэн, ыраас мууска ылынар сыыһа. “Айыы Кыһатын” туһунан сиһилии “Саха сирэ” хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕаарыҥ.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0