Оскуоланы бүтэрээччилэр өйтөн суруйууларын тиэмэлэрин хайысхата билиннэ
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр дойду үөрэҕин миниистирэ Ольга Васильева Калужскай уобалас 45-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүтүн кэмигэр, быйыл 11-с кылаастарга бэриллэр өйтөн суруйуу хайысхаларын иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ өйтөн суруйууну (сороҕор аахпыттан суруйуу) быйыл ахсынньы ыйга суруйуохтара. Ити кинилэр биир кэлим эксээмэҥҥэ киирэллэригэр быраап буолар. Оттон чопчу тиэмэни оҕолор өйтөн суруйуу иннинэ эрэ билэр кыахтаахтар.
Дьэ, ханнык хайысхалар бааллар эбитий? Бастакы хайысха – “Аҕалар уонна оҕолор” (“Отцы и дети”), иккис — “Оҥорон көрүү уонна баар чахчы” (“Мечта и реальность”), үһүс — “Өс ситиһии уонна үтүө майгы” (“Месть и великодушие”), төрдүс — “Искусство уонна идэ” (“Искусство и ремесло”), бэһис – “Үтүө быһыы уонна хаҕыс майгы” (“Доброта и жестокость”).
Оскуоланы бүтэрээччилэр өйтөн суруйууларыгар (аахпыттан суруйуу) сыана турбат. Ол оннугар “зачет/незачет” диэн туруораллар. Тургутууну ааспатахтар хат туттарыахтарын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Уруһуй — интэриниэттэн.