Оскуолалар өрөмүөннэрэ

Ааптар: 
03.07.2022
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын өрөмүөннэригэр 2,8 млрд солк. көрүллүбүт.

Хапытаалынай өрөмүөнү оҥорорго федеральнай субсидия 2,8 млрд солк., ол иһигэр 2022 сылга — 2,5 млрд солк. тахса, 2023 сылга — 356,89 мөл.солк.
Этиллибитинэн 25 улууска уонна куораттар уокуруктарыгар уопсайа 58 оскуоланы саҥардан биэриэхтэрэ. Быйыл 38 оскуола өрөмүөннэниэ.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев национальнай бырайыактарынан уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагыраамаларын иитинэн ыытыллар тутууну сүрүннүүргэ уонна эбийиэктэри саҥалыы уларытан оҥорууга суһал ыстаап сүбэ мунньаҕын ыытта. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, дойдуга онна өрөспүүбүлүкэҕэ маннык кэриҥнээх хапытаалынай өрөмүөннэр оскуолаларга хаһан да ыытыллыбатахтар.
«РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин быһаарыта «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа сийиэһин түмүгүнэн ылыныллыбыта, улахан үп көрүллүбүтэ. Улуустар, куораттар уокуруктарын баһылыктара, үөрэх управлениеларын, оскуолалар, бөһүөлэктэр, нэһилиэктэр салалталара бука бары миэстэлэринэн көхтөөхтүк кыттыахтаахтар, үлэни кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык оҥорорго», — диэн этэр Ил Дархан.
От ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 54 эбийиэккэ өрөмүөн үлэлэрэ саҕаламмыттар. Үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова этэринэн, оскуолаларга хапытаалынай өрөмүөннэри таһынан, өссө наадалаах тэриллэр атыылаһыллаллар, ханнык да куттал суох буолуутугар усулуобуйа тэриллиитэ хааччыллыахтаах. Бүгүҥҥү күн туругунан түөрт оскуолаҕа анал тэрил ылыллан туруоруллубут.
Ил Дархан сүбэ мунньаҕар Хаҥалас, Булуҥ, Нам, Кэбээйи, Сунтаар улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ ыытылла турар үлэлэр тустарынан иһитиннэриилэри оҥордулар.
Түмүккэ Айсен Николаев үлэлэр сүрүннээн кыраапыгынан  баран иһэллэрин бэлиэтээтэ. Алта эбийиэккэ кыра хаалыы баарын эттэ уонна маны баһылыктар тус хонтуруолларыгар ылалларыгар соруйда. Туһааннаах биэдэмистибэлэргэ өрөмүөнү түргэтэтэргэ уонна толоруллар үлэ хаачыстыбатыгар ураты болҕомтону уурарга эттэ.
Хаартыскалар Андрей Сорокин (СИА) түһэриилэрэ
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0