“Айыы Кыһата” оскуола төрөппүтэ Семен Посельскай былырыын педагогическай дьаарбаҥкаҕа оскуола оҕолоругар анаан «Эргиэн» диэн бизнес-оонньуу бырайыагын көмүскээбитэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ оҕону эбии үөрэхтээһин хайысхатыгар сонун хамсааһын быһыытынан, бу бырайыагы Үөрэх министиэристибэтэ олоххо киллэрдэ. Ол курдук, Семен Посельскай бырайыагын бэйэтинэн 12 улууска сылдьан билиһиннэрэн, 1000 кэриҥэ оҕону урбаан эйгэтигэр хабан үөрэттэ.
Эдэр учууталы кытта анаан көрсөн, кини оскуола оҕотун урбаан салаатыгар хайдах сыһыарарга соруммутун туһунан кэпсэттим.
— Семен, тоҕо,чуолаан, урбаан эйгэтигэр оҕону сыһыарарга ылыстыҥ?
— И.И.Фадеев аатынан Финансовай-экономическай колледжка преподавателлиибин. Быйылгыттан Үөрэх уонна наука министиэристибэтин өйөбүлүнэн орто үөрэх кыһаларыгар ыччаты урбаан эйгэтигэр уһуйар соруктаах Иһитиннэрэр-логистическай киин салайааччытынан үлэлээн эрэбин.
Бу тиэмэҕэ ылсыым төрүөтэ – оҕом үөрэнэр «Айыы Кыһата» оскуолатыгар үөрэнээччилэри урбаан хайысхатыгар дьарыктааһын. Оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева бу үлэбин бэлиэтии көрөн, оҕону эбии үөрэхтээһиҥҥэ сонун сүүрээн курдук ылыммыта уонна анаан өйөөн, былырыын сайыҥҥы педагогическай дьаарбаҥкаҕа “Эргиэн” бизнес-оонньуу бырыайыагын оҥорорбор сүбэлээбитэ. Оскуолаҕа инновационнай үөрэхтээһини сайыннарыыга үлэлиир Дмитрий Титов көмөлөһөн, быйыл бу бырайыакпын олоххо киллэрэн эрэбин.
— Ол бырайыагыҥ сүнньүнэн 12 улууска сырыттыҥ дуо?
— Оннук. Барыта тыһыынча кэриҥэ оҕону урбаан хайысхатыгар араас бырайыагы оҥорорго үөрэттим.
— Оҕолор төһө ылыналларый?
— Олус түргэнник ылыналлара уонна толкуйдара далааһыннааҕа сөхтөрдө. Ол иһин улуустарынан сырыыбытын түмүктүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи финальнай тууру тэрийэргэ сананным. Ол эбэтэр, кулун тутар 30 күнүгэр “Бэс чагда” («Сосновый бор») оҕо сылы төгүрүччү сынньанар киинигэр өрөспүүбүлүкэ улуустарыттан 120 чулуу урбаанньыт оҕолору биир күн түмэн, улахан тэрээһини ыытыахпыт.
— Семен, эн эдэр киһи маннык далааһыннаах үлэни, биллэн турар, соҕотоҕун тэрийбэтэҕиҥ чахчы. Ким эйигин өйүүрүй?
— Ааспыт сайын бырайыакпын Үөрэх министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Ноевка киирэн билиһиннэрбитим.
— Бу бырайыаккынан эбии үөрэхтээһин сүнньүн тутус, — диэн сүбэлээбитэ Афанасий Иванович. Кини сүбэтин ылынан, хас оскуолаҕа сырыттаҕым аайы уопутуран иһэбин.
— Эр киһи оскуолаҕа учууталлыырын түмүгэ бу буоллаҕа. Бэйэҥ хас оҕолооххунуй? Оскуолаҕытыгар Аҕа сэбиэтэ баар дуо?
— Икки оҕолоохпун. Улаханым «Айыы Кыһатыгар» үөрэнэр, кырам — оҕо саадын иитиллээччитэ. Иккиэн Эбээ Уйусхаана ыытар «Саха» НКИХ «Айыы оҕото» биэриитин ыытааччылара.
Оскуолабытыгар «Удьуор утум» диэн Аҕалар сэбиэттэрин бырайыага үлэлиир. Манна 17 араас хайысханан хайдыһан, аҕалар бэйэбит идэбитинэн оҕолору дьарыктыыбыт. Оҕолорбут ордук байыаннай-патриотическай, авто-дьыала, булт-алт, спорт, урбаан эйгэлэригэр сыстаҕастар. Оскуолабытыгар биир олус үчүгэй үгэстээхпит — аҕалар уонна уолаттар сыл аайы муҥхалыыбыт. Тумус туттар дьоммут – оскуола дириэктэрэ Лидия Шамаева, аҕалары сүрүннүүр учуутал Николай Андреев мындыр толкуйдарынан оҕону дэгиттэр сайыннарыыга аҕалары чугаһаппыттара олус кэскиллээх үлэ эбит. Мин ити “Эргиэн” бизнес-оонньуум бырайыагын “Айыы Кыһата” оскуолаҕа олорон, толкуйдаан, икки сыл устата чочуйан таһаарбытым. Оҕолорбутун урбаан эйгэтигэр сыһыаран, оскуолаҕа атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийбиппит. Онно оҕолор бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларын батарыыга холоммуттара.
— Онно, бука, тобуллаҕыҥ буолуо, оонньууҥ сүрүн тутулун?
— Оскуола оҕотун толкуйа хааччаҕа суоҕун, туохтан да толлубатын уонна, саамай кылаабынайа, тустаах иһитиннэриини наадалаах сиртэн көрдүүрүн бэлиэтии көрөн олус сөхпүтүм. Оонньуубун ыыта сылдьан, анаан тэҥнээн көрдүм: хас биирдии улуус оҕотун көрүүтэ туспа, ураты да буолар эбит!
— Семен, эн, сүрүннээн, бизнес-оонньууну ыытар буолан, оскуола олоҕун кэпсээтиҥ. Оттон үлэлиир эйгэҕэр устудьуон ыччаты кытта туох үлэни ыытаҕыный?
— Орто үөрэх кыһаларын кытта сүбэбитин холбоон, бииргэ үлэлээһини саҕалаан эрэбит. Устудьуоннар үөрэнэр дьиэлэригэр баар производственнай базаҕа оҥорон таһаарбыт бордоууксуйаларын батарыыга үөрэтэбит, дьарыктыыбыт. Колледж дириэктэрэ Виктория Захарова олох ураты көрүүлээх, аныгылыы толкуйдаах салайааччы буолан, үлэлииргэ чэпчэки. Кини устудьуон аҥаардас теорияны билэр эрэ буолбакка, ол билиитин быраактыкаҕа сатабыллаахтык туһаннаҕына эрэ киниттэн үчүгэй исписэлиис тахсыаҕа диэн бэлиэтиир. Дириэктэр маннык толкуйа мин санаабын кытта дьүөрэлии. Ол иһин быйылгыттан колледжка Иһитиннэрэр-логистическай киин тэрийдибит. Бу сонун сүүрээни устудьуоннарбыт сөбүлээтилэр аҕай. Билигин биир хамаанданан устудьуоннар уонна преподавателлэр үлэлээн эрэбит.
… Ити курдук, эдэр педагог кэскиллээх бырайыагыттан саҕыллан, өрөспүүбүлүкэҕэ эбии үөрэхтээһин чэрчитинэн оҕону урбаан эйгэтигэр үлэлииргэ оскуола сааһыттан үөрэтии олоххо киирбитэ хайҕаллаах суол. Дьэ, онон, улуустар оскуолаларын салайааччылара, бу интервьюну интэриэһиргээн аахпыт учууталлар, үөрэнээччилэр, кулун тутар 30 күнүгэр Үөрэҕирии уонна наука министиэристибэтин уонна Инновационнай үөрэхтээһини сайыннарыы киинэ коммерческайа суох автономнай тэрилтэ өйөбүллэринэн “Бэс чагда” («Сосновый бор») оҕо сынньанар киинигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи финальнай күөн көрсүһүүгэ кэлэн кыттыҥ. Биир күннээҕи тэрээһин эһиги дууһаҕытыгар айар-тутар баҕа санааны күөдьүтүөҕэ.
— Бастаабыт хамаанда бырайыагын хайаан да олоххо киллэриэхпит, — диэн кэпсэтиибитин түмүктүүр санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт баҕа санаатын олоххо номнуо киллэрэн, сайдыы сырдык дьаралыгар куустарбыт Семен Посельскай.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru