Дьэ кыһыммыт баарын биллэрэн, тымныытынан хаарыйан эрэр. Аһара тымныйдаҕына, оскуола оҕолоро үөрэнэ барбакка, ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ.
Дьокуускайдааҕы үөрэх управлениета хас кыраадыска оҕолор ыраахтан олорон үөрэниэхтээхтэрин быһааран биэрдэ. Ол маннык. 1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ 45 кыраадыс тымныы уонна тыала суох, 44 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах-куустаах, 43 кыраадыс тымныы уонна сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах уонна 42 кыраадыс тымныы эрээри, 3-5 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах буоллаҕына, оҕолор дьиэлэригэр ыраахтан олорон үөрэххэ көһөллөр.
Ону тэҥэ, 48 кыраадыс тымныы уонна тыала суох буоллаҕына, 1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа барбаттар. Өскөтүн 47 кыраадыс тымныыга уонна 1 сөкүүндэҕэ миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, оҕолор дьиэлэригэр олоруохтаахтар. 46 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, ону тэҥэ, 45 кыраадыс тымныы уонна сөкүүндэҕэ 3-5 миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, эмиэ дьиэлэриттэн быгыа суохтаахтар.
Оттон 50 кыраадыс тымныы уонна тыала-кууһа суох буоллаҕына, бары кылаас оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэ кэлбэттэр. Ону тэҥэ, 49 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, 48 кыраадыс тымныы уонна сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, салгыы 47 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 3-5 миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, бары кылаас үөрэнээччилэрэ дьиэлэригэр олоруохтаахтар.
Мантан инньэ Саха сиринээҕи гидрометкиин ыстаансыйаларын сарсыарда 6 чаастааҕы көрдөрүүлэрин туругунан оскуолаларга “актированнай” күн буолара-буолбата быһаарыллыаҕа.