Оскуола оҕото хас кыраадыс тымныыга үөрэнэ барыа суохтааҕый?

Бөлөххө киир:

Дьэ кыһыммыт баарын биллэрэн, тымныытынан хаарыйан эрэр.  Аһара тымныйдаҕына, оскуола оҕолоро үөрэнэ барбакка, ыраахтан олорон үөрэниэхтэрэ. 

Дьокуускайдааҕы үөрэх управлениета  хас кыраадыска оҕолор ыраахтан олорон үөрэниэхтээхтэрин быһааран биэрдэ. Ол маннык. 1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ 45 кыраадыс тымныы уонна  тыала суох, 44 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэттэн  түргэн тыаллаах-куустаах, 43 кыраадыс тымныы уонна  сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах уонна 42 кыраадыс тымныы эрээри, 3-5 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах буоллаҕына, оҕолор  дьиэлэригэр  ыраахтан олорон үөрэххэ көһөллөр.

Ону тэҥэ, 48 кыраадыс тымныы уонна тыала суох буоллаҕына, 1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа барбаттар. Өскөтүн 47  кыраадыс тымныыга уонна 1 сөкүүндэҕэ  миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, оҕолор  дьиэлэригэр олоруохтаахтар.  46 кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, ону тэҥэ, 45 кыраадыс тымныы уонна сөкүүндэҕэ 3-5 миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына,  эмиэ дьиэлэриттэн быгыа суохтаахтар.

Оттон 50 кыраадыс тымныы уонна тыала-кууһа суох буоллаҕына, бары кылаас оҕолоро  оскуолаҕа үөрэнэ кэлбэттэр. Ону тэҥэ, 49  кыраадыс тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 1 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, 48  кыраадыс тымныы уонна   сөкүүндэҕэ 2 миэтэрэттэн түргэн тыаллаах, салгыы 47 кыраадыс  тымныы эрээри, сөкүүндэҕэ 3-5 миэтэрэ түргэн тыаллаах буоллаҕына, бары кылаас үөрэнээччилэрэ дьиэлэригэр олоруохтаахтар.

Мантан инньэ  Саха сиринээҕи гидрометкиин ыстаансыйаларын  сарсыарда 6 чаастааҕы көрдөрүүлэрин туругунан  оскуолаларга “актированнай” күн буолара-буолбата быһаарыллыаҕа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0