Оскуола оҕолоро – туһалаах үлэҕэ

Ааптар: 
13.12.2017
Бөлөххө киир:

1970-с сылларга Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын иһинэн үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра (ЛТО) баара. Сайын икки симиэнэнэн Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар М.Горькай аатынан сопхуоска тахсан оттуур үтүө үгэстээх этибит.

edersaas.ru


1978 сыллаахха 9 кылаас кэнниттэн Томтор биригээдэтигэр үлэлээбиппит. Кытарах арыытыгар оттообуппут. Учууталбыт Клара Григорьевна Шадрина салайан илдьибитэ, биhигини кытта тэҥҥэ үлэлэhэрэ. Маҥнай быстах үлэҕэ сылдьыбыппыт: уолаттар таhаҕас куруустаабыттара, кыргыттар лабыкта хомуйбуппут. Онтон арыыга оттуу киирбиппит. Үлэлиирбитигэр сопхуос оробуочайдара көмөлөспүттэрэ, үөрэппиттэрэ. Икки тыраахтардаах, 2 от оҕустарардаах, 2 от мустарар ат кыраабыллаах этибит. Үксүн илии хотуурун, кыраабылы туһанарбыт. Уолаттар охсоллоро, кыргыттар харбаан бугул оҥорорбут, онтон кэбиhэрбит.

Күнүс эбиэт кэмигэр сөтүөлүүр, оонньуур, мэниктиир этибит. Аспытын дьуһуурустуба тэрийэн бэйэбит бэлэмниирбит. Бу санаатахха, элбэххэ үөрэммиппит ол, кэнники олохпутугар туhалаатаҕа. Киэhэтин кутаа тула олорон гитаранан ырыа ыллыырбыт, кэпсэтэрбит. Манна бастакы тапталбытын көрсүбүппүт. Уопсайынан, оҕолор ол саҕанааҕы истиҥ сыһыаммытын билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьабыт.

Сайын аайы лааҕыр оҕолоро 100-130 т. оту кэбиһэр этибит. Сопхуостан оскуолабытыгар сыл аайы Махтал сурук кэлэрэ.

Юлия БУГАЕВА, Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолатын учуутала.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0