Оскуола оҕолоро Опера уонна балет тыйаатырын артыыстарын кытта бииргэ ыллаатылар

Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, алтынньы 1 күнүгэр “Кыайыы 50 сыла”  Спорт дыбарыаһыгар Муусука күнүгэр аналлаах чаҕылхай бырааһынньык буолла.

Бу, “Муусука — барыбытыгар” бырайыак киинин тэрийиитинэн 900-тэн тахса кыттааччылаах ырыа, муусука дьиҥнээх бырааһынньыгар детсаад оҕолоруттан саҕалаан, ДШИ-лэр, Дьокуускайдааҕы педколледж, М.Жирков аатынан Мусукаалынай колледж, АГИКИ хордарыгар, Муусука Үрдүкү оскуолатын  духобуой оркестрыгар, Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын хоругар (дирижер О.Птицына), “Туймаада” Судаарыстыбаннай ансаамбыл артыыстарыгар, Саха сирин Судаарыстыбаннай филармониятын духобуой оркестрын мусукааннарыгар (дирижер П.Васьковскай) тиийэ кытыннылар.

Тэрээһин I түһүмэҕин Дьокуускайдааҕы “Кэскил”, “Кустук”, “Остров сокровищ” детсаадтарын кырачааннара киэргэттилэр.

Бу күн оҕолорго хаһан даҕаны умнуллуо суоҕа. Ол эбэтэр, бастатан туран, кинилэр өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах артыыстарын кытта бииргэ ыллаатылар-туойдулар. Репертуар да киэҥ, дьоһуннаах – норуодунай муусукаттан операҕа тиийэ!

Муусука бырааһынньыгын II түһүмэҕэ Муусука уруогун быһыытынан барда, ону Дьокуускайдааҕы 7 N-дээх  орто оскуола муусукаҕа учуутала С.И.Мегина олус бэркэ иилээн-саҕалаан ыытта. Дьокуускай куораттааҕы Национальнай гимназия (П.Слепцова), 7-с оскуола, 26-с оскуола, Саха-Корейскай оскуола уонна Хатастааҕы ДШИ оҕолоро уруокка туйгун бэлэмнээх кэлэннэр, бары кырылас “5” сыананы ыллылар.

Духобуой оркестрдар сөхтөрдүлэр. Филармония оркестра бүтүн дефиле оҥордо. Кадетскай корпус барабаанньыттара, Муусука Үрдүкү оскуолатын (А.Э. Кузьмин), Дьокуускайдааҕы Мусукаалынай колледж (А.Малышев) духобуой оркестрдара  дьону олус үөртүлэр.

Бука бары сөбүлээн иһиттибит ДШИ-1 (С.Антоева), ДШИ-2  хордарын толорууларын. ДШИ-2 Владимир Корякин салайааччылаах хора Грант Григорян муусукатыгар “Саха сирин ыччата” сахалыы-нууччалыы тылларынан ырыатын Саха сирин бастакы хормейстера Феврония Алексеевна Баишева сырдык аатыгар анаата.

Түмүктүүр түһүмэххэ оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар уонна идэтийбит артыыстар бука бары түмсэн, “Сахам сирэ” (А.Файрушина), “Пусть всегда будет солнце” (Л. Ошанин тыллара, Арк.Островскай муусуката) ырыалары своднай хорунан олус табыллан, өрө күүрүүлээхтик толордулар.

Ольга Харайбатова, “Муусука — барыбытыгар” бырайыак киинин салайааччы:

—Бу, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллыбыт уонна бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр – Муусука аан дойдутааҕы күнүгэр түмүктэммит Муусука нэдиэлэтэ, Михаил Ефимович Николаев  көҕүлээһининэн саҕаламмыт “Муусука — барыбытыгар” бырайыакпыт кэҥээтэр-кэҥээн иһэрин уонна  бырайыагы идэтийбит артыыстар – тыйаатыр, филармония мусукааннара, артыыстара истиҥник өйөөбүттэрин көрдөрдө. Аны бу бырайыакка улуустар бэрт көхтөөхтүк үлэлэһэллэр. Улуустар баһылыктара өссө күүскэ өйүөхтэригэр эрэнэбит. Ол эбэтэр, 2018 сылга 8 улууска, 2019 сылга 9 улууска духуобуой оркестрдары тэрийэр наада.

Муусука бырааһынньыгын аны сыл аайы маннык киэҥник ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйуохтун!

Татьяна МАРКОВА.

Василий ПАК хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0