Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр экологическай иитии дьиэ кэргэнтэн, уһуйаантан уонна оскуолаттан саҕалаан ыытыллар.
Ол курдук, 400 үөрэнээччини хабан, 21 оскуолатааҕы лесничество: Чурапчы улууһугар алта, Аммаҕа уонна Хаҥаласка үстүү, Горнайга, Ньурбаҕа иккилии, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Уус Алдаҥҥа, Мэҥэ Хаҥаласка биирдии лесничество баар. Эдэр лесниктэр, педагогтар уонна “Лесничество” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин исписэлиистэрин салалталарынан ойуур экологиятын ситимин үөрэтэллэр, айылҕа харыстабылын үлэтигэр кытталлар, “экология ыллыктарын” оҥороллор, кыһын чыычаахтары аһаталлар, саас-күһүн мас, сэппэрээк олордоллор, бөҕү-сыыһы хомуйаллар, нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр-сырдатар үлэни тэрийэллэр, өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйа таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ, куонкурустарга кытталлар.
Былырыын Арассыыйаҕа эдэр натуралистар (юннаттар) хамсааһыннара тэриллибитэ 100 сылын чэрчитинэн, Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар “Дабаан” лааҕыр баазатыгар тэриллибит оскуолатааҕы лесничестволар өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы сүлүөттэригэр Хаҥалас, Чурапчы, Бүлүү уонна Амма улуустарыттан биэстии киһилээх сэттэ хамаанда кыттыбыта. Хамаандалар салайааччылара оскуолатааҕы лесничестволар салгыы сайдар тосхоллорун тула кэпсэппиттэрэ. Оҕолор ойуур үүнээйитин, кыылын-сүөлүн, Саха сирин “Кыһыл кинигэтин” төһө билэллэрин тургутуспуттара, ойуур учаастагын кэмнээһиҥҥэ итиэннэ айылҕа харыстабылыгар оҥорбут былакааттарынан күрэхтэспиттэрэ. Түмүккэ Бүлүү улууһун Бөкчөҥө оскуолатын “Күөх дьиэ” лесничествота бастаабыта, Чурапчы 2 №-дээх оскуолатын “Кынат” лесничествота иккис, Амма улууһун Сэргэ Бэс оскуолатын “Тииҥчээн” лесничествота үһүс миэстэни ылбыттара.
Быйылгы сайын оскуолатааҕы лесничестволарга бэрт айымньылаахтык ааста. Ол курдук, от ыйын саҕаланыытыгар Хаҥалас улууһун Күөрдэмигэр оскуолатааҕы лесничестволар салайааччыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи үһүс сүлүөттэрэ буолбута. Владивостокка ыытыллыбыт экология сүлүөтүгэр Амма, Хаҥалас, Чурапчы улууһун эдэр лесниктэрэ ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
«Үнүгэс» сийиэскэ кытынна
Балаҕан ыйыгар Брянскайга «Березка» оҕо чэбдигирдэр лааҕырын баазатыгар тэриллибит оскуолатааҕы лесничестволар Бүтүн Арассыыйатааҕы сийиэстэригэр 59 эрэгийиэнтэн 60 хамаанда кытынна. Сийиэс аһыллыытыгар Ойуур хаһаайыстыбатын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччытын солбуйааччы Александр Панфилов эҕэрдэ тылы эттэ, айылҕа харыстабылын курдук уустук соругу туруоруммут, кини кэрэтин сыаналыыр ыччат олоххо миэстэтин таба буларыгар эрэнэрин биллэрдэ.
Сийиэскэ эдэр лесниктэр ботаника, зоология, экология уонна лесоводство хайысхаларыгар тугу билэллэрин, сатыылларын көрдөрдүлэр. Холобур, таксация түһүмэҕэр анал тэриллэринэн үүнэн турар мас кээмэйин быһаардылар, экологическэй сорудахтары толордулар итиэннэ оскуолатааҕы лесничестволар тэриллибиттэрэ 70 сылынан, «Ойуур, чэлгийэ тур!» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн, «Өйдөбүнньүк аллеятыгар» мас олортулар.
Бу дьоһун тэрээһиҥҥэ Саха сирин аатын Амма улууһуттан «Үнүгэс» оскуолатааҕы лесничество чилиэннэрэ – Амма орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Ангелина Архипова, Миша Захаров уонна Бөтүҥ оскуолатын үөрэнээччитэ Диана Чемпосова Александра Киренская салалтатынан чиэстээхтик көмүскээтилэр. Куонкурустарга көхтөөхтүк кытыннылар, маастар-кылаастарга дьарыктаннылар. Захаров Миша сийиэс түгэннэрин хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттэ. Диана Чемпосова баараҕай дууп үүнэн турарын көрөн сөхтө, кини өссө бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан, эриэхэ сиэмэтинэн дуубу үүннэрэ сатаабыт эбит. Оттон Александра Николаевна оскуолатааҕы лесничестволар салайааччыларыгар анаммыт кэмпириэнсийэҕэ, Амма Эдэр натуралистарын ыстаансыйатын ойууругар Сибиир кедрын питомнигын тэрийии туһунан дакылаат оҥордо.
— Сийиэс чахчы үрдүк таһымҥа ыытылынна, – диир Александра Николаевна. – Оҕолор элбэҕи билэн-көрөн, араас эрэгийиэнтэн сылдьар оҕолору кытары билсэн астыннылар. Маннык боччумнаах дьаһалга кыттар кыаҕы биэрбиттэрин иһин Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин Ойуур хаһаайыстыбатын департаменыгар, куонкурустарга кыттарга бэлэмнэнэрбитигэр көмөлөспүт департамент исписэлиистэригэр: Н.В. Колодезниковаҕа, А.С. Сыромятниковаҕа, Амматааҕы лесничество үлэһиттэригэр, Биология институтун үлэһитэ, биология наукатын хандьыдаата Л.П. Габышеваҕа, ХИФУ Ботаническай саадын дириэктэрэ, биология наукатын хандьыдаата Н.С. Ивановаҕа истиҥник-иһирэхтик махтанабыт!
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru