Бу күннэргэ сонуну киэҥник тарҕатар федеральнай сириэстибэлэргэ, Арассыыйаҕа оскуола дириэктэрдэрин куоластаан таларга этии киллэрдилэр диэн балачча иһилиннэ.
Маныаха сүрүн төрүөтүнэн кэлин ааттара киэҥник иһиллэн эрэр “Саҥа дьоннор” (“Новые люди”) баартыйа РФ Үөрэҕириигэ министиэристибэтигэр оскуола дириэктэрдэрэ быыбарданан талылынныннар диэн этии киллэрбиттэрэ буолар. Куоластааһыҥҥа учууталлар, улахан кылаас үөрэнээччилэрэ эрэ буолбакка, төрөппүттэр эмиэ кыттыахтарын сөп диэн ыйбыттар.
Маныаха ханыылыы этии бу да иннинэ дөрүн-дөрүн тахсыталаан ылара. РИА Новости суруйарынан, дойду Үөрэҕириигэ министиэристибэтэ “РФ үөрэх туһунан” сокуонугар олоҕуран, оскуола дириэктэрдэрин анааһын мэхэниисимэ сокуонунан сүрүннэммитин, тустаах салайааччыны уопсай мунньаҕынан, кэнэҕэһин тэрийэн таһаарааччы бигэргэтиитинэн үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин кэмпириэнсийэтинэн эбэтэр тэрийэн таһаарааччы анааһынынан дуоһунаска олорорун туһунан иһитиннэрбитин суруйар. Оччотугар, билигин даҕаны талар кыаллар дуо?
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.