Атырдьах ыйын саҥатыттан Дьокуускай куоракка Комсомольскай болуоссакка номнуо үгэскэ кубулуйбут «Оскуола баһаара» өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторун мунньар. Манна киин куорат эрэ буолбакка, ыраах-чугас улуустартан тыһыынчанан ыал охсуллан ааһар.
Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго аналлаах наадалаах малы-салы барытын биир сиртэн ылаары, «Оскуола баһаара» хаһан аһылларын үгүстэр кэтэһэллэр. Маннык дьаарбаҥка урут Оҕо дыбарыаһын территориятыгар ыытыллара. Салгыы кэҥээн-тэнийэн, киин куорат дьаһалтатын өйөбүлүнэн, Комсомольскай болуоссакка ыытыллар буолла. «Якутская ярмарка» АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Евгений Воробьев кэпсииринэн, быйыл тэрээһиҥҥэ 140-ча урбаанньыт кыттар. Аҥаардас Дьокуускай эрэ урбаанньыттара буолбатах, улуустан эмиэ кытта кэлбиттэр.
Салгыы «Оскуола баһаарын» устуоруйатын, «Үтүө санаа дьиэтэ» аһымал аахсыйа туһунан видеоны көрүҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1