Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр национальнай оскуолалар баалларын, төрөөбүт тылбытын үөрэтэрбитин буолуохтааҕын курдук саныыбыт. Ол эрээри, 1960-с сылларга маннык дьолтон мата сыспыппытын бүгүн эмиэ санатан ааһар тоҕоостоох.
edersaas.ru.
Миниистиринэн 19 сыл
Николай Шарин Орто Халыма оройуонугар, Сылгы Ыытарга 1930 с. сэтинньи 17 күнүгэр төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн боччумнаах, сытыы-хотуу уолу орто оскуоланы бүтэрбитин кэннэ, оройуонун салалтата дойдутун оскуолатыгар учууталынан үлэлэппитэ, салгыы Ленинградка Жданов аатынан судаарыстыбаннай университекка үөрэххэ ыыппыта. Институту туйгуннук бүтэрбит эдэр киһи 1955 с. Сылгы Ыытар оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Талааннаах салайааччы быһыытынан сыаналанан, 1959 с. райсэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, эһиилигэр баартыйа райкомун бастакы сэкирэтээринэн талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин этии киллэриитинэн, Үрдүкү Сэбиэт Президиумун ыйааҕынан, 1962 с. үөрэх миниистиринэн анаммыта.
Дьэ ити курдук, Николай Шарин 32 саастааҕар миниистир муоһатын тутан, 1981 с. диэри, ол эбэтэр уон тоҕус сыл устата өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэхтээһин сайдыытын сайыннарыыга сыратын уурбыта. Чуолаан ити сылларга бүттүүн аҕыс кылаастаах, онтон орто үөрэхтээһини киллэриигэ, үөрэх тэрилтэлэрин хаҥатыыга, иитэр-үөрэтэр үлэһиттэри былааннаахтык бэлэмнээһиҥҥэ, кэбиниэттэринэн систиэмэни, идэҕэ туһаайан үөрэтиини тэрийиигэ улахан хамсааһын тахсыбыта. Сыралаах үлэтэ сиэрдээхтик сыаналанан, Николай Иванович “Саха АССР үтүөлээх учуутала”, “РСФСР үтүөлээх учуутала”, “ССРС үөрэҕириитин туйгуна” ааттарынан, “Үлэ Кыһыл Знамята”, “Норуоттар доҕордоһуулара”, “Бочуот Знага” уордьаннарынан бэлиэтэммитэ, Орто Халыма улууһун уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо буолбута. Итиэннэ, саамай сүрүнэ, дьоруойдуу быһыыга тэҥнээх эр санааны көрдөрбүтэ: олохтоох омуктар төрөөбүт тылларын, култуураларын харыстааһыҥҥа уонна үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэтии-иитии норуот үгэһигэр олоҕуран сайдыахтааҕын туһунан туруорсан, оскуолаларга төрөөбүт тылы үөрэтии оннунан хаалларылларын ситиспитэ.
“Бигэ санаабытын быһаччы биллэрбиппит”
Философскай наука дуоктара, бэрэпиэссэр, иитэр-үөрэтэр үлэ бэтэрээнэ Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн “Кынаттаах дабаан” диэн Николай Шарин олоҕун, үлэтин-хамнаһын туһунан документальнай сэһэни суруйан, 2001 с. туспа кинигэнэн таһаартарбыта. Онно Николай Иванович төрөөбүт тылынан үөрэтиини хайдах турууласпытын итиэннэ онно кимнээх тирэх буолбуттарын туһунан маннык кэпсээбит:
—“1964 сыллаахха этэ. Үгүс автономнай өрөспүүбүлүкэлэр, ол иһигэр Калмыкия, Чечня, Дагестан, туруорсуулара диэн ааттааннар, РСФСР Үөрэҕин министиэристибэтигэр национальнай оскуолаларга нууччалыы үөрэтиини маҥнайгы кылаастан саҕалыыр, төрөөбүт тылы предмет быһыытынан эрэ үөрэтэр боппуруос туруоруллубута. Ону дьүүллэһэргэ, Москваҕа национальнай оскуолалар үлэһиттэрин кытыннарыылаах, автономнай өрөспүүбүлүкэлэр үөрэҕириигэ миниистирдэрин анал мунньахтара буолбута. Онно, туох да киэҥ кэпсэтии кэнниттэн, үгүс автономнай өрөспүүбүлүкэлэр тыл көтөхпүт автономнай өрөспүүбүлүкэлэри кытары сөбүлэһэллэрин биллэрбиттэрэ. Арай, Татарстан автономнай өрөспүүбүлүкэтэ (оччолорго миниистиринэн Мирза Исмаилович Махмутов үлэлиирэ, аптарытыаттаах, кыахтаах киһинэн биллэрэ), Башкирия автономнай өрөспүүбүлүкэтин миниистирэ Мустафина Ф.Х. уонна мин ити боппуруоска сөбүлэспэппитин эппиппит. Биһиги өйдөөһүммүтүнэн, өскөтүн маҥнайгы кылаастан нууччалыы үөрэтэр буоллахпытына, оҕолорбутугар үчүгэй билиини биэрэр кыахпыт суоҕа. Ордук тыа сиригэр нууччалыы кэпсэтэр эйгэ суоҕунан, оҕолор нуучча тылын билбэттэринэн хайдах даҕаны маҥнайгы кылаастан нууччалыы үөрэнэр кыахтара суоҕа. Национальнай оскуолаҕа кутталлаах боппуруос турбутун ылыммаккабыт бигэ санааларбытын быһаччы биллэрбиппит. “Национальнай өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи сайдыытыгар итинник хайысха ханнык да өттүнэн сөп түбэспэт” диэбиппит. Онуоха: “Сарсын 9 чааска миниистир Евгений Иванович Афанасенкоҕа кэлэҕит», – диэн буолбута.
Сарсыарда арыый эрдэ министиэристибэ приемнайыгар көрсө түспүппүт. Уопсай кэпсэтиһии, сүбэлэһии буолбутугар, Татарстан миниистирэ Махмутов маннык сүбэлээбитэ: «Эһиги миниистири кытта наһаа мөккүһүмэҥ, кыыллаамаҥ. Өрөспүүбүлүкэбит салалтатын кытта быһаарсыахпыт диэҥ”. Афанасенко үс миниистири утуу-субуу ыҥыртаан, кэпсэппитэ. Биһиги: “Бэйэбит эрэ быһаарар кыахпыт суох, баартыйа уобаластааҕы кэмитиэтин уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта сүбэлэһэн баран, быһаарарбытыгар кыахта аҕалыҥ”, – диэн этиини оҥортообуппут.
Москваттан кэлэн баран: “Олус ыарахан, кутталлаах быһыы-майгы үөскээтэ”, – диэн обкуомҥа тиийэн, ис санаабын аһаҕастык эппитим. Гавриил Чиряев бэрт боччумнаахтык истэн баран: “Сөпкө быһаарбыккын. Кырдьык даҕаны, биһиги усулуобуйабытыгар билиҥҥиттэн оскуолаларга маҥнайгы кылаастан нуучча тылынан үөрэтэр кыах суоҕа биллэр. Онон Киин Кэмитиэти кытары кэпсэтэн көрүөхпүт”, – диэбитэ уонна Киин Кэмитиэти кытта кэпсэтэн, биһиги этиибитин өйүүллэрин ситиспитэ. Оҥорбут үөрэтэр былааммыт бигэргэтиллибитэ, онон “Особый учебный план татарской, башкирской, якутской школ” диэн докумуон баар буолбута. Ити, мин санаабар, өрөспүүбүлүкэ национальнай оскуолатын дьылҕатын ол сылларга көмүскээн хаалларыыга Гавриил Иосифович Чиряев улахан көмөтө, үтүөтэ этэ”.
Кыһамньылаах кэргэн, тапталлаах аҕа
—Төрөппүттэрбит 1951 с. күһүн Петергофка көрсөн билсибиттэрэ, — диэн кэпсиир Шариннар кыыстара Надежда Николаевна. – Оччолорго аҕам Ленинградка, Жданов аатынан судаарыстыбаннай университекка, ийэм Москваҕа, Сеченов аатынан мединститукка үөрэнэллэрэ. Ыал буолбуттарын Ленинградка 1955 сыл тохсунньутугар бэлиэтээбиттэрэ. Үөрэхтэрин бүтэрэн, аҕам дойдутугар үлэлии кэлбиттэрэ.
Биһиги, оҕолор — Анатолий, Борис уонна игирэ кыргыттар, Вера биһикки, бары онно төрөөбүппүт. Аҕабыт миниистиринэн ананан, 1962 с. Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Ийэбит Александра Прокопьевна өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа үлэлээбитэ. Икки өттүттэн аймахтарбыт оҕолоро, элбэх ыччат, биһиэхэ эҥээрдэһэн үөрэммиттэрэ. Сайын дьиэ кэргэнинэн ийэбит дойдутугар, Амма Лээгитигэр, тахсан сөтүөлээн уонна сир астаан кэлэрбит, хойут Сэргэлээххэ даача туттан, оҕуруот олордор буолбуппут. Оҕолор улаатан, Анатолий экэнэмиис, Борис тутааччы-инженер, Вера быраас, мин биолог үөрэҕин бүтэрэн, идэбитинэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Аҕабыт дьиэҕэ-уокка бэрт судургу, кыһамньылаах кэргэн, тапталлаах аҕа, эһээ этэ. Үлэтин туһунан төрүт кэпсээбэт идэлээҕэ. Төрөөбүт тылынан үөрэтии сарбыллар кутталламмытыгар, туох быһаарыыны ылбытын туһунан 1986 с. Ньурбаҕа командировкаҕа бара сылдьан, оччолорго баартыйа райкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлиир Алексей Томтосовка эппит этэ. Оттон биһиэхэ ону букатын хойут, 1990-с сс. эрэ, кэпсээбитэ. Дьоммут 55 сыл ыал буолан, бэрт иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара, ийэбит 2010 с., аҕабыт 2015 с. күн сириттэн күрэммиттэрэ.
Түмүк оннугар
Ити курдук оччолорго күөдьүйбүт айдааҥҥа биһиги, сахалар, миниистир Николай Шарин уонна баартыйа обкуомун бастакы сэкирэтээрэ Гаврил Чиряев курдук дьоннордоох буоламмыт, оскуолаҕа төрөөбүт тылбытынан үөрэнэр дьолтон маппатахпыт. Оттон ыалларбыт бүрээттэр ити кэмҥэ мүччү үктээн биэрбиттэрин түмүгэр, төрөөбүт тылларыгар улахан охсууну ылбыттара. Аны күһүн Николай Иванович Шарин төрөөбүтэ 90 сылын туоларын бэлиэтээһиҥҥэ бэтэрээн учууталлартан саастааптаах көҕүлүүр бөлөх тэриллэн, үлэтин саҕалаата.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскалары Надежда Шарина биэрдэ