Аан бастаан оскуолаҕа барар оҕолоох төрөппүттэр долгуйаллара өйдөнөр. Оҕобут оскуолаҕа хайдах сылдьыай? Атын оҕолордуун бодоруһуо дуо? Үөрэҕи төһө ылыныай? Мантан да атын ыйытыылар төрөппүт төбөтүттэн тахсыбаттар. Чахчы, оскуолаҕа аан бастаан киирии – бу оҕо олоҕор олус эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах түгэн.
Онон 1-кы кылааска киириэхтээх оҕону эрдэттэн бэлэмниир ордук. Психологтар маннык сүбэлииллэр:
-
Ый инниттэн күннээҕи эрэсиимҥэ үөрэтиҥ. Эрдэ утуйар, эрдэ турар буолуохтаах, оронун бэйэтэ хомуйуохтаах, таҥныахтаах. Сарсын кэтэр таҥаһын, үрүксээгин киэһэ хомунарыгар үөрэтиҥ.
-
Дьиэҕэ “оскуола” тэрийэн оонньооҥ. Оонньуурдары паартаҕа олордон, оҕону илиини уунарга, дуоскаҕа тахсан эппиэттииргэ, о.д.а. үөрэтиҥ, кинини элбэхтик хайҕааҥ.
-
Оскуола тээбириннэрин, кэтэр форматын кинини кытары сылдьан, бэйэтигэр талларан, атыылаһыҥ.
-
Оҕо буукубалары, сыыппаралары билэр, ону ааһан, ааҕар-суруйар буоллаҕына, атын оҕолортон итэҕэс курдук сананыа суоҕа.
-
Улахан киһи буолбутун, саамай үчүгэй, саамай өйдөөх, бастыҥ оҕо буоларын санатыҥ. Оччоҕо оҕо билбэт эйгэтиттэн куттаныа суоҕа.
-
Балаҕан ыйын 1 күнэ улахан бырааһынньык буоларын өйдөтүҥ, эрдэттэн бэлэмнэниҥ. Минньигэс аста астаан, дьэрэкээн саарыктары, сибэкки дьөрбөтүн атыылаһан, ыалдьыттары ыҥыран, эбэтэр пааркаҕа сынньанан, бу күнү олус бэркэ атаарыҥ.
-
Үөрэнэ киирбитин кэннэ, күн аайы кэпсэтиҥ, ыйыталаһыҥ: кимниин кэпсэппитин, бодоруспутун, учуутала туох диэбитин, тугу сөбүлээбитин-сөбүлээбэтэҕин, о.д.а.
Оҕо үөрэнэ киирдэҕинэ, хараҕар ноҕурууска улаатар. Онон бастакы күннэртэн араас куруһуоктарга суруйтаран, олус ноҕуруускалаамаҥ. Ол оннугар спортивнай, үҥкүү куруһуоктара туһалаахтар. Оҕо бүк түспэккэ, сөпкө олороругар, сотору-сотору хараҕын сынньатан, туора-маары көрөрүгэр, чыпчылыйарыгар үөрэтиҥ. Уруогун ааҕар остуола сырдык лаампалаах, оҕоҕо анаммыт кириэһилэлээх буоларын хааччыйыҥ.
Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, edersaas.ru