Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолалары туох уларыйыы күүтэрий?
Кэлиҥҥи сылларга үөрэх эйгэтигэр үгүс уларыйыы барда. Кырдьыгын эттэххэ, көннөрү ааҕааччы ону улаханнык сонурҕаабат да буолла. Хас үөрэх сыла саҕаланнаҕын аайы туох эрэ эбии-сабыы, үксүгэр биир кэлим эксээмэҥҥэ уларыйыылар киирэллэр. Бу сылга оскуолалары, учууталлары, үөрэнээччилэри туох күүтэрин наардаталаан көрүөҕүҥ. edersaas.ru
Астрономия
Били, “новое – это хорошо забытое старое” дииллэринии, астрономия биридимиэтин хаттаан эргитэн эрэллэр. 1990-с сылларга баара да, туһата суоҕунан ааҕан эбитэ дуу, тохтотон кэбиспиттэрэ. Быйылгы үөрэх дьылыттан сыыйа төнүннэрэр санаалаахтар. Дойду үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ маҥнайгы космонавтаах дойду астрономияны үөрэппэтэ сыыһа диэн эппитэ иһиллибитэ. Тустаах биридимиэти анал кууруһу ааспыт физика учууталлара үөрэтиэхтэрэ. Маныаха нэдиэлэҕэ биир чаас көрүллүөҕэ.
Астрономия биридимиэтин киллэрии оскуолалар төһө бэлэмнээхтэриттэн тутулуктаах. Быйыл кыаллыбат түгэнигэр, эһиил даҕаны киллэриэхтэрин сөп диэн этиллэр. Арай, анал кинигэнэн, кэбиниэтинэн хааччыйар ирдэнэрэ ыйыллар. 2019 сылтан астрономияҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэлэр ыытыллыахтара. Оттон туспа биридимиэт быһыытынан эксээмэннэри туттарыахтара суоҕа диэн төрөппүттэри уоскуталлар.
9-с, 11-с кылаастарга
Быйыл сааһы быһа социальнай ситимнэргэ биир кэлим эксээмэни (БКЭ) тохтотон эрэллэр үһү диэн сурах тарҕаммыта. Ол эрээри, дойду миниистирэ тустаах эксээмэни хайдах даҕаны тохтотор табыллыбатын, эрэгийиэн оҕолоро киин үөрэх кыһаларыгар үөрэнэллэригэр сүрүн тирэх буоларын ыйбыта. Холобур быһыытынан эттэххэ, урукку сылларга киин үөрэх кыһаларыгар үксүн Москва эрэ оҕолоро киирэллэрэ. Биир кэлим эксээмэн киириэҕиттэн ыла устудьуон улахан аҥаара дойду араас муннуктарын оскуолаларын бүтэрбит оҕолор диэн бэлиэтииллэр.
Быйылгы үөрэх дьылыгар биир кэлим эксээмэҥҥэ улахан уларыйыы киирэрэ иһиллибэт. Арай, бэлэм эппиэттээх сорудахтар (тест) суох буолуохтара. Итиэннэ эксээмэн сорудахтарын эксээмэн ыытыллар пууннарыгар миэстэтигэр тута бэчээттээн таһаарыы, сканируйдааһын салгыы барыаҕа. Ону сэргэ 9-с кылаас үөрэнээччилэрэ нуучча тылыгар тылынан эксээмэни туттарыахтара. Бу кинилэргэ сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэҥҥэ (ОГЭ) киирэллэригэр быраабы биэриэҕэ. Тылынан эксээмэни эһиил аҕыйах эрэгийиэҥҥэ ыытан көрүөхтэрэ. Пилотнай бырайыакка кимнээх киирсэллэрэ бу ыйга быһаарыллыа диэн, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Манна эбэн эттэххэ, 2020 сылтан тохсус кылаас үөрэнээччилэрэ математиканы, нуучча тылын сэргэ омук тылын булгуччу туттараллара ирдэниэҕэ. Оттон 11-с кылаастарга 2022 сылтан киириэҕэ.
Учуутал эксээмэн туттарыа
Быйылгыттан ыла эксээмэни үөрэнээччилэр эрэ буолбакка, учууталлар эмиэ туттарыахтара. Биллэн турар, биир кэлим эксээмэн курдук буолбакка, тестирование быһыытынан барыаҕа. Быйыл күһүн математика, нуучча тылын учууталларыгар тестирование ыытарга 15 эрэгийиэн сөбүлэҥин биэрэн олороро иһиллэр. Холобура, Татарстан бэйэтинэн тылламмыта биллэр. Баҕар, ким эрэ тоҕо чопчу математика, нуучча тылын учууталларыгар “харахтара иҥиннэ” диэн туоһулаһыа. Маныаха хоруйа судургу. Бу биридимиэттэр булгуччулаах эксээмэннэр буолаллар. Онон биир хардыы инники тураллар диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.
Учууталлар тестированиеларын туһунан аҕыйах хонуктааҕыта, үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы мунньаҕар СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоровтан оскуола дириэктэрдэрэ эмиэ ыйыталаһан тураллар. Итиэннэ соччо биһирээбэттэрин биллэрбиттэрэ.
Дойду сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрэ суруйалларынан, тестирование хайа эрэ учууталы үлэтиттэн ууратаары дуу, хамнаһын быһаары дуу буолбакка, учууталлар билиилэрин таһымнарын бэрэбиэркэлиир сыаллаах ыытыллар эбит.
Судаарыстыба оскуолалара
Билиҥҥитэ оскуолалары улуус дьаһалталара, куорат уокуруктара салайан олороллор. Кинилэр боломуочуйаларын дойду субъектарыгар биэрэр наадатын туһунан Арассыыйа үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ быһайын иһитиннэрэн турар. Сорохтор ити бырайыагы утараллар, атыттар биһирииллэр.
Билиҥҥитэ туох итэҕэстээҕин, үтүө өрүттээҕин ыйааһын бэскитигэр көрөн үөрэтэ сылдьаллар. Бырайыак быһыытынан аҕыйах субъегы хабан үлэлэтэн көрөр санаалаахтар.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ, дойду министиэристибэтин 2017 сыл атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи суругар олоҕуран, бырайыак олоххо киириитигэр үлэ саҕаламмытын иһитиннэрдэ. Ол курдук, билиҥҥитэ икки суол баарын ыйаллар. Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэҕэ айдарыылаах оҕолору өйүүр сыалтан “Ил Дархан” диэн оскуолалар судаарыстыбаннай ситимнэрин нөҥүө. Манна киирбит оскуолалар тута “судаарыстыбаннай” ааттана түһэллэр. Күн бүгүн оскуолалар ситимнэрин балаһыанньата оҥоһулла сылдьар.
Иккиһинэн, бырайыак быһыытынан икки-үс улуус оскуолаларын (үөрэх управлениеларын эмиэ) муниципальнайтан судаарыстыбаннай таһымҥа көһөрөн, үлэлээн көрөр былааннаахтар.
Оскуолаттан — предпринимательствоҕа
Олох олус да түргэнник устар, уларыйар. Аҕыйах сыллаахха диэри оҕолору учуутал, быраас буолуҥ диэн үөрэтэллэрэ. Сыыйа юристар, экономистар ирэдэнэллэрин олох көрдөрбүтэ. Билигин “хас хардыы аайы юрист, хас хардыы аайы экономист” диэн Ил Дархан учууталлар атырдьах ыйынааҕы мунньахтарыгар илэ бэйэтинэн этэн турар. Бүгүҥҥү күн техническэй идэлээх дьону ирдиир эбит буоллаҕына, сарсын оҕо судаарыстыба сирэйин-хараҕын манаан олорботун, килиэбин бэйэтэ булунарын, олоҕун бэйэтэ оҥосторун, үбүн-харчытын ааҕына-суоттана улаатарын курдук үөрэтэргэ дьулуһаллар. Ол инниттэн үгүс хайысхалаах үлэ барар. “Холобура, 2015 сыллаахха В.П.Ларионов аатынан агротехнологическай хайысхалаах Майа итиэннэ И.Е.Федосеев-Доосо аатынан агро хайысхалаах Дириҥ орто оскуолаларыгар бизнес-инкубатордар тэриллибиттэрэ. Күн бүгүн, улуус дьаһалталарын чахчыларынан, үрдүкү кылаас оҕолоро предпринимательствоны биридимиэт уонна элективнэй куурус быһыытынан үөрэтэллэр. 32 улууска 76 бизнес-инкубатор тэриллибитин иһитиннэрэллэр. “Профессиональное будущее Якутии” бырайыак чэрчитинэн 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах үөрэх босуобуйата тахсыбыта”, — диэн СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.