«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо навигация саҕаланыаҕыттан 600 тыһ. т таһаҕас араас көрүҥүн тиэйдэ. Былырыыҥҥыны кытары тэҥнээтэххэ, 40 тыһ. т эбиллии баар.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Пароходство флоту эксплуатациялааһыҥҥа салаатын начаалынньыга Юрий Бадин иһитиннэрбитинэн, Өлүөнэ үөһэ тардыытыгар уу таһыма түһэн, тиэйии-таһыы үлэтигэр харгыстар үөскээбиттэр. Ол да буоллар, үлэ былаан быһыытынан ыытыллар. Осетрово – Солянка учаастагар билигин 70 тиэхиньикэ, оттон ньиэп бородууктатын таһыыга уопсайа 30 тыһ. т кыамталаах 32 суудуна үлэлиир.
Бу күннэргэ Дьокуускайдааҕы өрүс пордугар 1200 т тутуу матырыйаалын тиэммит СОТ-1135 суудуна кэлэн сүөкэнэ турар. СОТ-1135 хапытаана Анатолий Сивков: «Таһаҕаспытын сүөкэннибит даҕаны, Үөһээ Бэстээххэ айанныахпыт. Хайыр тааһы тиэнэн Пеледуйга илдьиэхтээхпит. Уу таһыма түһэн, Осетровоҕа сатаан тиийбэппит», – диэн этэр.
Билигин арктическай навигацияҕа бэлэмнэнии саҕаланна. Хоту өрүстэринэн 252 тыһ. т таһаҕаһы тиэйэр былааннаахтарын туһунан «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/