Балаҕан ыйын 17-23 күннэригэр тымныйан ыалдьыы нэһилиэнньэҕэ уонна үһүттэн алтатыгар диэри саастаах оҕолор ортолоругар, Дьокуускай куоракка уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн кыратык үрдээбитэ бэлиэтэнэр.
Лабораторнай мониторинг түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар парагрипп вирустара, аденовирустар, РС-вирустар, риновирустар, коронавирустар баһыйаллара бэлиэтэнэр.
Роспотребнадзор Управлениета ыарыыны тэниппэт туһуттан, ыалдьыбыт оҕолору оскуолаларыгар ыыппаккытыгар итиэннэ бырааска тута көрдөрөргүтүгэр сүбэлиир. Ону сэргэ, профилактиканы тутуһаргытыгар ыҥырар.
Балаҕан ыйын 20 күнүнээҕи туругунан кирииби утары профилактическай быһыыны 224 киһи ылбыт. Кириип уонна ОРВИ кэмигэр 2018-2019 сс. 438 тыһ. киһиэхэ быһыы оҥоһуллара былааннанар.
Дьокуускайга кирииби утары быһыыны 57 тыһ. киһи ылбыт, о.э. нэһилиэнньэ 17% тэҥ. Олор истэригэр 22 тыһ оҕо, 35 тыһ. тахса улахан киһи.
Кирииби утары босхо вакцинацияны олорор сиргитинэн эбэтэр үлэҕитинэн поликлиникаларга ылаҕыт. Ону сэргэ быһыыны оҥорор биригээдэлэр үөрэх, үлэ тэрилтэлэринэн сылдьалларын туһунан СӨ Роспотребнадзор Управлениета иһитиннэрэр.