СҮБЭҺИТ: ОРВИ, кириип киирэн эрдэҕинэ

20.12.2021
Бөлөххө киир:

Билигин коронавируснай инфекция эбиллэн, туох ыарыынан ыалдьыбытыҥ да биллибэт курдук буолла. Онон ыалдьыбат туһуттан, ис дьиҥин билиэххэ наада.

Вирус организмҥа номнуо киирбит буоллаҕына, үтүөрүөххэ сөп дуо?

Мэдиссиинэҕэ тумуу диэн ыарыы суох. Тумуу (простуда) – респираторнай-вируснай инфекция (ОРВИ). Ол эбэтэр, киһи муннунан, айаҕынан киирэр вирус ыарытар. Үгүс бактыарыйалар эмиэ инфекцияны тарҕаталлар. Вирус уонна бактыарыйа туох уратылаахтарый?

Бактыарыйалар – кып-кыра, киһи хараҕар көстүбэт, биир килиэккэлээх организмнар. Кинилэр ханнык баҕарар тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах ордор кыахтаахтар. Киһи этигэр-хааныгар эмиэ бааллар. Сүрүннээн маннык ыарыылары тарҕаталлар: күөмэй иһиитэ, хабах инфекцията, сэллик, гонорея, менингит, Лайм ыарыыта, столбняк, о.д.а.

Вирустар – эмиэ быыкаайык организмнар, бактыарыйатааҕар да кыралар. Элбэх көрүҥнээхтэр. Кинилэр паразиттар, ол эбэтэр, атын организмҥа, атын килиэккэҕэ эрэ киирэн, сайдар, элбиир кыахтаахтар. Тас эйгэҕэ түргэнник өлөллөр. Сүрүннээн маннык ыарыылары тарҕаталлар: кириип, ОРВИ, вируснай гастроэнтерит, бэтэрээҥкэ, куор, ВИЧ, вируснай гепатит, киһи этигэр үүнэр “үөн” (бородавка), ковид-19, о.д.а.

Дьэ, ыарыы элбээбит кэмигэр вирустан хайдах харыстаныахха сөбүй? Маасканы, бэрчээккини кэтии диэни бэркэ билэҕит. Онтон вирус организмҥа номнуо киирбит буоллаҕына, хайдах буолабыт? Үтүөрүөххэ сөп дуо?

Вирус киирбитин бастакы сибикилэрэ

Организмҥа вирус киирбит да буоллаҕына, үтүөрүөххэ сөп. Вируһу утары охсуһарга аан бастаан икки көрүҥнээх мэһэй баар: бастакытынан, тас эйгэттэн сыстыбат курдук, харыстанар миэрэлэри тутуһуу (мааска, илиини суунуу, дьонтон тэйиччи сылдьыы, о.д.а.). Таһырдьаттан киирээт, илиини, сирэйи кичэйэн сууна, күөмэйи, муннуну туустаах уунан сайҕана сылдьыллыахтаах.

Иккиһинэн, вирус киирбит да буоллаҕына, ону тохтотуохха сөп. Биллэрин курдук, вирус салгынынан бэриллэр, сүрүннээн киһи муннунан, айаҕынан, хараҕынан киирэр. Организм бэйэтин көмүскэнэр ньымата – күөмэйгэ, муннуга кинилэри тохтотон, утары охсуһар. Бу кэмҥэ күөмэй кычыгыланар, кыһыйар, мурун уута сүүрэр, харах ууланар, ытырт да ытырт буолаҕын. Ол аата организм вирустары иһирдьэ киллэрбэккэ, убаҕаһынан суурайан, таһаара сатыыр эбит.

Дьэ, бу кэми мүлчү туттуҥ да, вирус тыҥаҕа, хааҥҥа киирэн, иһирдьэ алдьатыылаах үлэтин саҕалаабытынан барар. Онон, маннык уустук кэмҥэ бэйэни иһиллэнэн, түүн буоллун, күнүс буоллун, бастакы сибикини мүлчү туппакка гына сатааҥ.

Тымныы иһирдьэ киирэрин тохтотуҥ

Кытай норуодунай мэдиссиинэтэ үөрэтэринэн, тумуу диэн – “тымныы тыала” эккэ-сииҥҥэ өтөн киириитэ. Биир-икки чаас устата тымныы иһирдьэ киирбэккэ, эт-хаан таһынан соҕус сылдьар. Бу кэмҥэ киһи ис-иһиттэн тоҥор, дьигиһийэр, ол аата, иттэ сатыыр. Ону мүччү туппакка, тымныыны иһирдьэ киллэрбэккэ, “тыалы” таһырдьа тута үүрэн таһаараллар.

Ол туһуттан кытайдар соруйан ытырдаллар эбит. Муннуларын, күөмэйдэрин көтөр түүтүнэн, салпыакканан соруйан кычыгылаталлар, мэйиилэрэ эргийиэр диэри ытырдаллар. Итии чэйи иһэн баран, халыҥ суорҕан анныгар сытан, көлөһүннэрин таһаараллар. Мүөттээх, имбиирдээх чэй манна олус барсар. Арай, лимону туһанары көҥүллээбэттэр: аһыы амтана “тымныы тыалын” иһирдьэ хаайан кэбиһэр, онон түргэнник үтүөрэри бытаардар дииллэр эбит.

Тымныы тыал” атаххын, сискин тоҥордоххуна, ордук киирэр. Ону тэҥэ, мурун тымныйдаҕына эмиэ киириэн сөп эбит. Мурун тоҥноҕуна, онно хаан эргийиитэ бытаарар, вирустары кытары охсуһар иммуннай килиэккэлээх хаан тиийбэт. Онон таһырдьа тымныыга сирэйгитин баана сылдьыҥ, муннугутун тоҥорумаҥ.

Хайдах эмтэнэбит?

Дьэ, тумуу бастакы сибикилэрэ билиннэхтэринэ, туустаах уунан күөмэйи санаан кэлэ-кэлэ, үчүгэйдик сайҕаныахха наада. Итии чэйи, муоруһу, оргуйбут үүтү, дөлүһүөн утаҕын иһэн баран, итии уулаах тааска атаххытын паардааҥ. Наскы кэтэн баран, халыҥ суорҕан анныгар көлөһүн тахсыар диэри сытаргыт ордук. Лууктаах, чесноктаах килиэби сиэххитин сөп. Ол эрээри, наһаа тото аһаабат ордук, организм инфекцияны утары охсуһар кэмигэр кинини аһынан ноҕуруускалыыр сатаммат.

Эвкалипт, пихта, камфора, шалфей эфирнэй арыылара бактыарыйалары тэйитэр дьайыылаахтар. Бу арыылары сыттыахха, эбэтэр, ууга суурайан баран, хоско ыстарыахха сөп.

Ингаляция эмиэ туһалыыр – анал ингалятор суох буоллаҕына, көстүрүүлэҕэ итии ууну, ромашканы, боҕуруоскай оту, эфирнэй арыыны кутан, сотторунан саптан баран, ол паарынан тыынаҕыт. Урут буспут хортуоппуй паарынан тыыннарар этилэр.

Иммунитеты үрдэтэргэ, инфекцияны утары охсуһарыгар көмөлөһөр сыалтан, дөлүһүөн сироба, элеуторококк, женьшень, эхинация ностуойкалара туһалаахтар.

Муннуга куттарга

Мурун уута сүүрэр буоллаҕына, үчүгэй – бу организм ыраастанар. Эбии туустаах уунан муннуну сайҕыыр туһалаах – ыстакаан ууга 1/2 ч.нь. тууһу кутан, булкуйан баран.

Лууктаах мүөтү кутан ыраастаныллар: 3 ост. нь. бытархай гына кырбаммыт луукка 50 мл сылаас ууну, 1/2 ч.нь. мүөтү кутан, чаас аҥаара туруоран баран, пипетка көмөтүнэн хааппыланан кутуллар.

Алоэ сүмэһинин арыыны кытары булкуйан баран, муннуга хааппыланан кутуохха сөп.

Атаҕы паардааһын

Итии уулаах тааска 1 ост.нь. хартыыһаны кутан баран, суорҕанынан, улахан сотторунан сабан, 15-20 мүнүүтэ устата атаҕы уган олоруллар. Уута атах тулуйарынан итии соҕус буолуохтаах, ол гынан баран, тириини сиэ суохтаах. Үрдүк кыраадыстаах киһи атаҕын паарданара көҥүллэммэт.

Күөмэйи сайҕаныы

Луук хаҕын 1 ыстакаан итии уунан кутан, оргутан баран, 3 чаас устата сойута уураҕыт. Онтон сиидэлээн баран, күн устата сайҕанаҕыт.

1 ыстакаан ууга 1 ч.нь. суоданы, 3-4 хааппыла дьуоту кутан баран, сайҕаныахха сөп.

Аптекаҕа атыыланар календула, прополис, ромашка, зверобой оттор ностуойкаларын 1 ч.нь. ылан, ыстакаан ууга суурайан баран, сайҕаныллар.

Бу тумуу саҥа саҕаланан эрдэҕинэ эрэ туһалыыр, көдьүүстээх ньымалар. Ыарыы күүскэ киирдэҕинэ, ааспатаҕына, бырааһы ыҥырыҥ.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0