Орто Сурт олохтоохторо киин ититэр ситимҥэ холбонуохтара

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Горнай улууһун Орто Сурт нэһилиэгэр 25 кэтэх дьиэни киин ититэр ситимҥэ холбуохтара.

Бу күннэргэ Ил Дархан Айсен Николаев муус устарга  “Быһа эпииргэ” биэрбит сорудаҕын толоруу – кэтэх дьиэлэри ититэр ситимҥэ холбооһун үлэлэрэ саҕаланнылар.

«СӨ ОДьКХ» ГУП иһитиннэрбитинэн, тэрилтэ филиалын үлэһиттэрэ Юбилейнай уонна Лесной  уулуссаларга баар дьиэлэргэ үлэлииллэр. Ититэр ситим тирэхтэрин туруордулар, улуус утары үбүлээһини оҥорон, анал үлэ тэриллэрин атыыластылар, үлэ от ыйын бүтэһигэр түмүктэниэҕэ.

Бүгүҥҥүттэн ититэр ситим тардыллыахтах учаастагын сирин тэҥнииллэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1