Быйылгыттан орто үөрэххэ “ситимнээх бырагыраама” (сетевая программа) диэн киирэн эрэр. Ол аата тугуй? Урутаан эттэххэ, үөрэххэ туттарсааччыларга эргиччи барыстаах бырагыраама.
edersaas.ru
СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин солбуйааччы Ньюргуна Соколова этэринии, үлэ миэстэтэ бырамыысыланнас оройуоннарыгар баар, абитуриеннар үгүстэрэ тыа улуустарыттан сылдьаллар, онон бары даҕаны Дьокуускай куоракка үөрэнэ хааларга дьулуһаллар. Ити кыһалҕаны таба көрөн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов көҕүлээһининэн, быйылгыттан ситимнээх бырагыраама киирэн эрэр. Тустаах бырагыраамаҕа хапсыбыттар, этэргэ дылы, үс бүк барыһыраллар.
Бастатан туран, Дьокуускайга түөрүйэтин үөрэтэн баран улууска тэрилтэҕэ тиийэн дьиҥнээх, күүстээх быраактыканы ааһаллар.
Иккиһинэн, бу ситимнээх бырайыакка хабыллыбыт идэлэргэ үлэһит илии ирдэнэр буолан тобулан эрдэхтэрэ. Устудьуон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ үлэ миэстэтин кэбэҕэстик булар эбэтэр үрдэтинэр да түгэнигэр быраактыкатын номнуо билэр тэрилтэтигэр барар.
Үсүһүнэн, ситимнээх бырагыраамаҕа хапсыбыт устудьуоннар уопсайынан хааччыллаллар.
Судургутук өйдөөтөххө, орто үөрэх тэрилтэлэрэ устудьуоннарын хардарыта үөрэтэллэр. Ол эбэтэр, холобур, Алданнааҕы политиэхиньиичэскэй тиэхиньикумҥа “массыына тырааныспарын тиэхиньиичэскэй көрүү-истии уонна өрөмүөн” идэтигэр киирбит устудьуон бастакы кууруһун Дьокуускайдааҕы индустриальнай-педагогическай кэллиэскэ үөрэнэр. Иккис куурустан Алдаҥҥа миэстэтигэр баран үөрэнэр.
Ситимнээх бырагыраамаҕа ханнык идэлэр хапсалларый?
- Дьокуускайдааҕы тутуу-хомунаалынай тиэхиньикума уонна Соҕурууҥҥу Саха сиринээҕи технологическай тиэхиньикум (Нерюнгри к., 11-с кылаас кэнниттэн “монтажник трубопроводов”.
- Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикум уонна Хаандыгатааҕы хайа-геологическай тиэхиньикума (9-с кылаас кэнниттэн «обогатитель полезных ископаемых»).
- Ньурба тиэхиньикума уонна Мииринэйдээҕи эрэгийиэннээҕи-тиэхиньиичэскэй кэллиэс (11-с кылаас кэнниттэн “хайа тэрилин өрөмүөнэ” (ремонтник горного оборудования).
- Дьокуускайдааҕы-индустриальнай педагогическай кэллиэс уонна Алданнааҕы политиэхиньиичэскэй кэллиэс (9-с кылаас кэнниттэн “техническое обслуживание и ремонт автомобильного транспорта”, 11-с кылаас кэнниттэн “сварочное производство”).
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.