Орто омурҕан (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ийэбэр Багдасаева Валентина-Мария Андреевнаҕа анабыл

Бииргэ үөскээбит кыыһым орто омурҕанын бэлиэтиир дьоро киэһэтигэр ыҥырыылаах ыалдьыт буолан олоробун. Бу олорон санаатахха, эмиэ да элбэх хаар ууллубут эбит. Оттон киһи олох күннээҕи түбүгэр саас ыраатарын өйдөөбөт даҕаны, олоххун наар саҥаттан саҕалыыр курдук былаанныыгын. Урут устар олох диир эбит буоллахпытына, билигин олохпут биир кэм ытыллан олорор. Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорбут хайы үйэ эбээ, эһээ диэн ытыгыланан ааттанар дьон буолбуттар.

Оҕо сааһым дьүөгэтин саҥа харахпынан көрдүм. Шура улахан ыал хаһаайката, алта оҕо амарах ийэтэ, икки оҕо эбээтэ, биир эр бэрдин тапталлаах ойоҕо, биир кийиит хотуна, икки күтүөт ийэ кынна. Ону таһынан, кини бу сааһыгар диэри ыал тапталлаах кыыһа, бу дьоро киэһэтигэр ийэлээх аҕата кыыстарын икки өттүгэр олороллорун көрүөххэ олус үчүгэй. Аны туран, кини өссө үс убай балта, икки кыыска эдьиий, мааны ыал кийиитэ. Хор, бу биир киһиэхэ дьэ элбэх аат-суол! Өссө эбиитин Шурабыт өр сыл үтүө суобастаахтык оҕо саадыгар иитээччинэн үлэлээн, амарах сүрэхтээх, илиитигэр талааннаах, улаханнык ытыктанар үлэһит.

Бу олорон оскуолаҕа үөрэммит орой мэник, үөрүүлээх-көтүүлээх, хоргутуулаах да сааспытын санаабакка ханна барыаҥый. Биһиги ойон тахсар күннээх оҕо сааспыт дьиэрэҥкэйдээн ааспыт оскуолата билигин суох. Көтүрүллүбүт. Ол оннугар саҥа таас оскуола дьэндэйбит. Оттон оччолорго, биһиги саҥа сокуолаҕа барар кэммитигэр, бөһүөлэккэ биир баар-суох икки этээстээх мааны дьиэ этэ. Маҥан испиэскэнэн сыл аайы сотуллар улахан үрүҥ дьиэ ыраахтан ыҥыра-угуйа турарга дылы буолара.

Саҥа бартыбыал тутан, сабыс-саҥа үрүҥ фартуктаах бороҥ өҥнөөх былаачыйабын кэтэн, үрүҥ бантиктарым хаамтаҕым аайы биир кэм өрө эйэҥэлээн, хааман да, дьиэрэҥкэйдээн да ылан, ийэбин кытта сиэттиһэн оскуолаҕа тиийбит маҥнайгы күммүн бу баардыы өйдүүбүн. Оскуола иннигэр мустубут дьон элбэҕиттэн хараҕым ирим-дьирим барбыта. Уолуйан ылбытым. Онтон учууталбытын булан, биир эрээт буолан турар оҕолор быыстарыгар миэстэбэр туран уоскуйбутум. Ийэм сотору миигин хаалларан барбыта. Ол турдахпына, улахан баҕайытык звонок тырылаабытыгар, оҕолор бары ханна эрэ сырсан хаалбыттара. Мин соҕотоҕун туран хаалбытым. Ыксаабытым. Ханна барарбын билбэккэ, хараҕым уутун нэһиилэ кыатана сатыы турдахпына:

Хайа, эн бу тоҕо хааллыҥ? Оҕолор бары ити оскуолаҕа киирдилэр ээ. Ыл, кэл, атааран биэриим, — диэбитэ биир эбээм курдук саастаах кырдьаҕас учуутал. Онно тута санаам көнө охсон, учууталы кытта сиэттиһэн оскуолам боруогун аан бастаан атыллаан киирбитим.

Дьэ ол оскуолаҕа биһиги, эмдэй-сэмдэй оҕолор, тутуспутунан үөрэнэ киирбиппит. Мин Шураны кытта эн-мин дэһэн алтыс кылааска тахсан баран доҕордоспутум. Онно даҕаны мин киниэхэ шефтээх буоламмын. Шура үөрэҕэр, учууталлар этэллэринэн, мөлтөх этэ. Нуучча тылыгар киниэхэ миигин “шефтэһэргэ” сорудахтаабыттара. Биир уулуссаҕа олорор буоламмыт, бэйэ-бэйэбитигэр кэлэ-бара сылдьарбытыгар дэбигис этэ. Кини ийэтэ Анньыыска бэкээринэҕэ үлэлиирэ, аҕата Дьөгүөр — суоппар. Шуралаах дьиэлэрэ бэкээринэ курдук саҥа буһан тахсыбыт килиэп минньигэс сыттааҕын өйдүүбүн. Ийэтэ аламаҕай баҕайы этэ. Мин кэллим да аһата сатааччы. Дьиэбэр аһаан да кэллэрбин, Шуралаахха сып-сылаас килиэби арыылаан, көп соҕустук саахар кутан баран тохтубатын диэн үрдүгэр үүттээх чэй таммалатан баран сиирбит. Ол килиэп олус да минньигэс буолара! Дьиэбэр кэлэн эмиэ ол курдук килиэби оҥостон сиэн көрөөччүм да, олох атын буолара. Тоҕо эбитэ буолла.

Шуралаах эргэрэн харааран хаалбыт салҕааһыннаах уп-уһун дьиэлээхтэр этэ. Киирээккин кытта уҥа диэки таҥас ыйыыр бэйэ оҥоһуута ыскаап баара, онтулара өҥө-түүтэ бараммыт сиитэс сабыылааҕа. Утары сервант быыс кэтэҕэр улахан төгүрүк остуол турара. Остуолларын сабыыта эмиэ олус эргэ буолара, сөҕөрүм диэн, ыскаачардара абырахтаах буолааччы. Түннүк диэки ийэлэрэ олорор миэстэтинэн былыргы улахан сылабаар билигин музейга көрөр алтан подноспутугар турарын бу курдук харахпар көрөбүн. Ол төгүрүк остуолга уонтан тахса киһи биирдэ олорон аһыыра. Сороҕор онно өссө мин эбилик буоларым. Ол улахан төгүрүк остуолларын ортотугар улахан бэйэлээх таас иһиккэ соркуой кутан уурбуттарын маҥнай көрөн баран муодарҕаабытым. Хас биирдии киһиэхэ тэриэккэ диэн ууруллубат. Арай кырдьаҕас эбээлэригэр Анньыыска анаан туспа ас кутара. Шура эбээтэ саҥата суох, хатыҥыр бэйэлээх эмээхсин тииһэ суох миилэтинэн килиэбин чэйигэр уган сымнатан баран сиирэ. Баара-суоҕа биллибэт сэмэй эбээлэрэ бэйэтин кэмигэр аатырар ыанньыксыт эбит. Ол туһунан история уруогар Шура учууталбыт сорудаҕын толорон суруйан аҕалбыттаах. Кини эбээтэ эр киһилии күүстээх буолан, сэрии сылларыгар холкуос туох баар үлэтин тутан олорбут. Тыаҕа мас саһааннаан, бултаан-алтаан, күөлгэ балыктаан, үгүс хоргуйан ыксаан олорор ыал үрүҥ тыыннарын өллөйбүт үтүөлээҕин туһунан уруокка кэпсээбитин сөҕө-махтайа истибиппит. Учууталбыт Иван Петрович онно Шураны улаханнык хайҕаабыта.

Бээ, Шураҥ иһэ истээх, мээнэ буолбатах! Бу эбээтин туһунан суруйбутун көрүҥ! Кини бу бэлиэтээһин оҥорон, билигин кини эбээтэ Даарыйа Бөтүрүөбүнэ олоҕун туһунан матырыйаал оскуола музейыгар туруоҕа, — диэн уоттаах чоҕулуччу көрбүт харахтарынан кылааһы эргиччи көрбүтэ бары сөбүлүүр учууталбыт.

История учууталын туһунан туспа кэпсээн. Иван Петрович курбуу курдук уһун уҥуохтаах, хаһан да уларыйбат бороҥ өҥнөөх пиджактаах, уһун атаҕар хайдах эрэ кылгастыҥы курдук көстөр килэрийэн хаалбыт хара ыстааннаах буолааччы. Кылаас аанын эрчимнээхтик арыйаат, остуолугар диэри аҕыйах хардыы оҥороот, бартыбыалын олоппоско быраҕара. Бу диэн кини олоппоско олорорун өйдөөбөппүн, бартыбыал ууруллар мал курдук ылынар курдуга. Наар тура тэбинэ сылдьан кэпсиирэ-ипсиирэ. Билиитэ-көрүүтэ киэҥэ диэн! Атын уруоктарга айдаарар, мэниктиир да уолаттар историяҕа чуумпураллара. Иван Петрович Шурабытын сордуурун бу олорон санаан кэллим. Ол кэпсии сылдьан, кими баҕарар ойутан туруоран ыйытар идэлээҕэ. Шураттан ыйыттаҕына, биирэ олох тугу да саҥарбат этэ. Биирдэ эмиэ Шураны ойутан туруоран, Рим императора Цезарь туох уһулуччу талааннаах этэй диэн ыйытта. Кыыһым идэтинэн саҥата суох умса туттан турда.

Көрүҥ эрэ Шура хараҕын! Улам-улам уота умуллан, умуллан, умуллан барда… Билигин олох да барбатах собо миинин курдук буолла! – дии-дии кыыс хараҕын өҥөйөн көрөн, олох да үлтү кыбыһыннарда. Мин испэр учууталга да, дьүөгэбэр да олус абатыйа саныы олордум. Итиччэ чэпчэки боппуруоска тоҕо эппиэттээбэтий диэн кыйаханан бөҕөбүн. Оттон уолаттарга эгэ эрэ, Шураны ыйа-ыйа күлэн быардара суох.

Ол кэнниттэн төһө даҕаны Иван Петрович миигин историяҕа көмөлөс диэбэтэр, шефтээх киһи быһыытынан эбээһинэспин кэҥэтэн, аны историяны эмиэ бииргэ оҥорорго санаммытым. Манна биир дьиибэ баар. Шуралыын историяҕа барар темабытын бииргэ ааҕабыт, бэйэ-бэйэбитигэр кэпсиибит. Кыыһым тута үчүгэй баҕайытык өйдүүр. Мин атын баҕайытык учуутал курдук сананан туран ыйытааччы буолабын. Испэр бэйэбиттэн астына саныыбын. Оттон учуутал идэтинэн соһуччу баҕайы Шураны ойутан туруорда да, кыыһым балык курдук ньимилийэн хаалар. Оо, кыһыйан да биэрэрим! Уруок кэнниттэн аахсаары, үнтү кыыһыран баран тиийэбин ээ. Кыыһым ытыы сыһар да, тоҕо билэрин да кыайан эппэтин миэхэ кыайан быһаарбат. Оттон мин кыыһым ити ураты майгытын наар эргитэ саныыбын. Тоҕо, тоҕо кини атын оҕолор курдук саҥа таһааран кэпсээбэтий? Саамай кыһыылааҕа, билэрин да кэпсээбэт ээ!

История уруогун сөбүлүүрүм баһыйан, аны Шуралыын биир үксүн аан дойдуга буолан ааспыт быһыы-майгы туһунан суруйалларын хаһыаттан ааҕабыт. Ортоку кылааска былыр  баһылаан-көһүлээн, сайдан ахан олорбут Римскэй империяны үөрэтэбит. Мин кыра кылаастан учуутал буолар баҕалаах киһи эгэ эрэ. Учуутал курдук тутта-хапта сатыы-сатыы, учебникпын ытыспар ууран туран, доргуччу ааҕабын. Кыһалла-кыһалла дорҕоонноохтук ааҕабын, өйбүнэн-санаабынан букатын ол кэмҥэ тиийэбин.

Чэ, Шура, тугу өйдөөбүккүн кэпсээ эрэ!

— ?

Кыыһым саҥата суох түннүк диэки көрөн олорор.

Аайаа, көр эрэ, саас кэлэр сибикитэ биллэн эрэр. Түннүк хаар кырыата ууллан, дьикти баҕайы оһуордары түһэрбит дии! Көр эрэ, ити муус халлааҥҥа харбаспыт хайаларга маарынныыр! Оттон бу түҥкэтэх ойуур быыһыгар турар булчуттар өтөхтөрүн санатар. Бу муус оһуордар Саҥа дьыл алыптаах күнүн санаталлар…

Шурааа! Бүт эрэ! Сарсын, көрөөр эрэ, эйигин Иван Петрвоч ойутан туруоруо ээ!

Туруордун да хайаатын! Айака! Хаһан ахсыс кылааһы бүтэрэ охсобун! Хаһан эрэ бэйэм талбыппынан сылдьар буолабын!

Талбыккынан сылдьабын диэн тугуй? Үөрэҕэ суох хаалаары гынаҕын да?! Эйигиттэн сылтаан, миигин сэмэлиэхтэрэ! Сатаан үөрэппэт диэхтэрэ! – ис дууһабыттан учууталлыы сылдьар киһи абабыттан ытыы сыһабын.

Аайа, миигиттэн аккаастан ээ. Хайдах эмит гынан ахсыс кылааһы бүтэриэм. История миэхэ даарам да наадата суох. Тоҕо мин бэйэбит дойдубут, олохпут туһунан буолбакка, былыргы үйэтинээҕи санаам да кыайан тиийбэт дойдутун үөрэтиэхтээхпиний?

Киһи билиитэ киэҥ буолуохтаах буоллаҕа дии. Наада диэн үөрэтэн эрдэхтэрэ. Шура, итинник санаалаах хайдах олоруохха сөбүй?

Биһиги олох этиһэн баран эрдэхпитинэ, Шура ийэтэ хоспутун өҥөйөн аһылыкка ыҥырда.

Хоспутуттан тахсыбыппыт, остуолга дьиэлээхтэр толору мустубуттар, аһаары күө-дьаа буолбуттар. Ийэлэрэ өрөһөлүү кутуллубут соркуойун остуол ортотугар уурда. Истикилээҥкэҕэ симиллэн турбут улахан луоскалары дьиэлээхтэр биир-биир ылаат, аһаабытынан бардылар. Мин саҥа илиибин уунан ньуоска ылаары гыммытым, иһитим кураанах буолан биэрдэ. Тута иэдэһим итий гынна, кулгаахпар тиийэ кытарбыппын биллим. Хайыамый, аһыыр кыаҕа суох киһи умса көрөн олордум. Анньыыска элбэх кэргэттэрин аһатар түбүгэр мин мучумааммын эрэ өйдөөн көрбөт. Ол олорон көрбүтүнэн астан ыраастыы маттым. Күөмэйбин хомуок бүөлүү турда, хараҕым уута остуолга таммалаан барбытыгар ойон туран аан таһыгар дьон сонун быыһыгар көхөҕө ыйанан турар килиэккэ ойуулаах истээх соммун элээрдэн ылаат, таһырдьаны былдьастым. Хаһан даҕаны туохтан да маппатах бэйэм улаханнык хоргуттум. Ол быыһыгар Шураҕа олус абатыйдым. Дьиэбэр диэри сүүрэр икки хаамар икки ардынан былаастаан тиийдим. Ити буоллаҕына сырыттын! Хайдах да үөрэннин! Уонна киниэхэ кэлэн бэрт!

Сарсыҥҥытыгар оскуолаҕа кыыһым миэхэ чугаһаабытыгар, кыыһырбыт уоҕум ааһа илик буолан, сүр кыһаллан кынчарыйан бараммын, көхсүбүн көрдөрдум. Шура олох өйдөөбөтөхтүк көрөн турбута.

Үһүс чиэппэр түмүктэммитэ. Син миигинэ да суох Шура иккитэ суох түмүктээбитэ.

Оттон мин олох атын үлүһүйүүгэ ыллараммын, Шураҕа барарбын таһы-быһа умнан сылдьабын. Арай биһиэхэ режиссер кэллэ! Кини кулуупка үлэлиир эбит. Остуоруйа туруораары, оруолларга барсар оҕолору тала сылдьар. Оччону истэн баран, мин ол режиссер анаабыт күнүгэр тиийдим ээ. Тиийиэм дуо. Тулуйумуна, дьиэбэр букатын да барбатым. Режиссер диэн олох уратытык, букатын омук тылын курдук иһиллэр үлэлээх киһини кэтэһэн оскуолаҕа сырыттым. Кэтэстэххэ, бу бириэмэ барбатыан! Оскуолаҕа ону-маны көрө, сылдьа сатаан баран таһырдьа тахсан кылаастаах буола оонньоотум. Наһаа астык оонньуу! Сиэппэр укта сылдьар от күөҕэ өҥнөөх обургу соҕус таастаахпын, онтубун сиргэ оҥоһуллубут килиэккэлэргэ быраҕан ойуоккалыыбын. Ол сырыттахпына, эмиэ оруолга тиксиэхтэрин баҕарар оҕолор дьиэлэриттэн кэлитэлээтилэр. Хас да буолан, кылаастаах оонньоон бардыбыт.

Хайа, ким режиссеру кытта көрсөр? Тоҕо кылааска ким да суоҕуй?

Кылааспыт салайааччыта Мария Дмитриевна таһырдьа тахсан ыҥырда.

Хайдах суох диэн? Мин кинини кэтэһэн олох да дьиэбэр бара иликпин! – хап-сабар эппиэттээччи буоллум.

Аайа хайаан да артыыска буолара буолуо!

Оҕолор күллүлэр. Ону аахсаары гынан баран, атын сыаллаахпын санаан, таҥаспын тэбэнээт, оскуолаҕа сүүрэн киирдим. Кылааспытыгар киирбиппит, мин көрдөхпүнэ, букатын атын олохтон тиийэн кэлбит эдэр дьахтар кылаас ортотугар турар. Санныгар диэри түһэ сылдьар чуолката суох хойуу хара баттахтаах, киэҥ хараҕа хара хойуу кыраскалаах. Клеш джинсылаах уонна бытархай сибэкки ойуулаах куопталаах. Ордук ыһа сылдьар баттаҕа уонна джинсыта сөхтөрдө. Маннык ураты киһини, буолаары буолан режиссеру аан бастаан көрөбүн, долгуйан харахпын быһа симэн ыллым. “Кэлии киһи диэх курдук!” — дии санаатым. Киин куораттан кэлэ сылдьар, сайдыылаах баҕайы киһи диэн тута сыана быстым. Ол кэнниттэн бүтүннүү кулгаах-харах буоллум. Атын оҕолор эмиэ бары тургутардыы көрөн тураллар.

Оҕолоор, бу паарталары мэһэйдээбэттэрин курдук истиэнэ диэки сыҕарытыҥ эрэ! – диэтэ эмискэччи режиссербут. Төлүтэ биэрэн, хамаандалаан эрэр курдук саҥатын эмиэ муодарҕаатым. Биһиги көрдөһөрдүү, унаарытан саҥарары билэбит. Режиссер сорудаҕын толорон, паарталары барытын истэнэ диэки соһон, кылааспыт ортотун ыраастаатыбыт.

Билигин бары төгүрүччү турдубут. Уонна бу курдук туран эрэ дьэ билсиэҕиҥ.

Биһиги улахан дьон кэллэхтэринэ, наар паартаҕа олорон алларааттан үөһээ көрө үөрэммит дьон соһуйдубут. Ол гынан баран, режиссер учуутал курдук буолбатах эбит. Кини хара маҥнайгыттан биһигини кытта тэҥнээҕин курдук кэпсэттэ.

Мин Антонина диэммин. Билигин биир-биир бэйэҕит тускутунан кэпсээҥ эрэ.

Оскуола араас кылааһыттан мустубут оҕолор бэйэ туһунан тугу кэпсиэххэ сөбүн билбэккэ, чочумча турдубут.

Чэ эрэ, эн саҕалаа! Аатыҥ ким диэний?

Эмискэ миигин ыйда. Хайыахпыный, ааппын, хаһыс кылааска үөрэнэрбин эттим. Ол туран, аны тутаах оруолу биэриэ суоҕа диэн, уруок таһынан тугунан дьарыктанарым туһунан эбии кэпсээтим.

Сөп,сөп. Аайа, саҥаҥ бүтэҥи эбит. Куоласкын дьарыктыаххын наада. Сиэркилэ иннигэр туран кинигэтэ аах. Айаххын ханнык дорҕоону таһаараргынан, сөпкө атыахтааххын. Ол артикуляция дэнэр. Бу курдук, – дии-дии Антонина айаҕын араастаан туттан, сирэйин быччыҥын үлэлэтэн, сирэйин-хараҕын олуона баҕайытык имитэн ылла.

Режиссербут Чаачахаан туһунан остуоруйа туруорар санаалааҕын эттэ. Ол күн кэлбит оҕолорго оруоллары биэртэлээтэ. Мин Чаачахаан ойоҕун оруолун толорор буоллум. Чаачахаанынан биир кылааска үөрэнэр уолум Сергей буолла. Ол күнтэн саҕаламмыта биһиги артыыстыы олохпут. Уруок кэнниттэн хаалан репетициялыыбыт. Мин олох оруолбар бүтүннүү киирэн, шефтэһии уруогун буолуохтааҕар, бэйэм уруокпун да аанньа аахпат буоллум. Өйүм-санаам бүтүннүү – оруолбар, туруоруубутугар. Дьиэбэр кэллим да сиэркилэ инниттэн арахпаппын. Режиссербут хайдах туттарбытын, саҥарарбытын бүтүннүү бэйэтэ оонньоон көрдөрөр. Кини хас хамсаныытын түһэрэн ылан үтүктэбин. Ол сылдьан өссө оруолбун мыына саныыбын. Сүрүн оруоллаах Чаачахаан тыла элбэҕэр ымсыырабын. Мин Чаачахаан ойоҕо буолан үксүгэр саҥата суох хотун хаан буолан сылдьабын. Ол да буоллар, аатыгар сүрүн оруоллаах буолан, сыанаттан түспэппин кэриэтэ. Оҕонньорум булдуйан кэллэҕинэ, үөрэбин-көтөбүн. Онтубутун буһаран аһаан-сиэн көмүллүүбүт.

Хаһан даҕаны уҥуоҕу кирбэтэххит да? Инник буолбатах, бу курдук! – диэт Антонина муостаҕа тобуктуу түһээт уҥуоҕу хайдах кирэри көрдөрдө. Олус дохсуннук, омуннаахтык туттар-хаптар.

Наһаа да талааннаах! Хайдах итини барытын сатыахха сөбүй? – мин испэр улаханнык сөҕөбүн, астыммыт харахпын режиссертан араарбаппын. – Улааттахпына, артыыс буолуом! – эмискэ санаа төбөбөр киирдэ.

Аны туран “артыыстар” былыргы сахалар таҥастарын булар мучумааныгар түстүбүт. Мин буолуо дуо, ийэм барахсан ол түбүгэр түстэ. Ийэм иистэнэр буолан, хас бырааһынньык, тэрээһин аайы кыттарбар араас дьэрэкээн таҥаһы тигэр. Онон бу да сырыыга ийэбэр эрэ эрэнэбин. Оруолбун кэпсээтим, режиссер мааны соҕус таҥастаах буолуоххун наада диэбитэ диибин. Арай ыкса киэһэ репетицияттан кэлбитим, диваҥҥа бороҥ өҥнөөх, уолугар, сиэҕэр хара куруһубалаах бэрт мааны былаачыйа ууруллубут.

Уой, бу тугуй, ийээ! Иэхэйбиин! Мин оруобуна бу курдугу төбөбөр оҥорон көрбүтүм ээ! Ону эн хантан билэн бу тиктиҥ? — диэт, оскуолам форматын таһынан сахалыы халадаай ырбаахыны кэтэн кэбистим.

Мин Чаачаахаан ойоҕунабы-ыын! – куоласпын уларытан саҥара-саҥара, харахпын эрилис-турулус көрө-көрө, саала устун төттөрү-таары хаамыталаатым. Устунан оруолбуттан быһа тардан оонньоон көрдөрдүм. Ийэм күлэн быара суох. Ырбаахым, хаамтаҕым аайы суугунуур, олус астык!

Наһаа дьикти таҥас дии! Бу туох таҥаһай? Эмиэ да солко курдук, эмиэ да халыҥ. Имэрийдэххэ, эчи сөрүүнүүн!

Бу эбээҥ Мааппа сүктэн кэлбит таҥаһа. Былыргы хаарыс солко таҥас. Билигин маннык таҥас суох. Өссө бууктаах сонноох ээ. Көр эрэ бу. – Ийэм аны чээлэй күөх өҥнөөх эмиэ хаарыс солкоттон тигиллибит, хара баархат саҕалаах мааны да мааны сону уунна. Ырбаахым таһынан ол сону кэтэн кэбистим. Тимэхтэниэх буолтум, атын баҕайы быһыылаах сон буолан биэрдэ, киһи хараҕар быраҕыллыбат күрүчүөктэр бааллар, олору биир-биир иҥиннэрдим,  киһи биилин бэлиэтиир бэртээхэй сон эбит. Тута харыс үрдээбиккэ дылы буоллум, сиспин көннөрдүм. Миэхэ, биллэн турар, киэҥ, сиэҕэ уһун. Ол иһин ийэм сонун харыстаан, тыыппакка уурарга быһаарынна. Оттон ырбаахы сиэҕин бүк тутан тигиэх буолла.

Остуоруйабытын көрөөччү дьүүлүгэр таһаарар күммүт үүннэ. Оройуоннааҕы Культура дьиэтигэр киһи лыык курдук мустубут. Оройуон киинигэр элбэх кэлэктииптэр талааннарын көрдөрө кэлбиттэр. Сыана кэтэҕэр, таҥас уларыттар хосторго, көрүдүөргэ артыыстар төттөрү-таары аалыҥнаһаллар. Ким эрэ сыанаҕа субу тахсаары, долгуйан ахан турар, сорохтор “һуу” диэн иэстэрин төлөөбүт дьон быһыытынан чэпчээн, саҥалара-иҥэлэрэ хойдор. Мин ордук оонньоон бүтэн кэлэр дьон сирэйин-хараҕын кэтиибин. Сирэйдэригэр көрөөччүлэр хайдах сыаналаабыттара сурулла сылдьарыгар дылы.

Эн ити туох буолан тылгын умнан баран балык буолан турдуҥ?! Репетицияҕа билэбин ахан буоларыҥ дии! Позор! Эйигиттэн сылтаан зона да куонкурсун ааспат дьон буоллубут!— эмискэ дьон куугунун-сааҕынын баһыйан ханнык эрэ дьахтар бэйэтэ да иэдэйэн, ытаан ыгдаҥныы турар кыыс үрдүгэр түспүтүн көрдүм. Мин оччону көрөн баран, наһаа улаханнык салынным. Олох да бу күрэхтэһии эбит буолбат дуо?! Антонина биһиэхэ эппэтэҕэ! Кулуубу биир гына режиссербун көрдөөн сүүрдүм. Сиргэ соһуллар былаачыйабын хомуна тутан сүүрүүнэн дьиэ биир түгэҕэр баар репетицияланар хоско Сергейдиин эрчиллэ сылдьалларын буллум.

Антонина, бу күрэхтэһии эбит дии! Тоҕо биһиэхэ эппэтэххиний? – аҕылаан-мэҥилээн тиийээт, төлүтэ биэрэн саҥардым.

Аайа, тоҕо итинник түргэнник, киһи өйдөөбөт гына саҥараҕын? Эмиэ аһаҕас дорҕоонноргун сиэн кэбистиҥ. Сыанаҕа итинник саҥарар табыллыбат! Оттон күрэхтэһии да диэтэхпинэ, онтон туох уларыйарый? Долгуйуу эрэ эбиллэр. Эһиги күрэхтэһэ сылдьабыт дии саныа суохтааххыт! Төрүкү! Сыанаҕа тахсан бэлэмнээбиппит курдук остуоруйабытын оонньоон көрдөрүҥ. Дьоруойдаргыт тириилэрин толору кэтиҥ. Бүттэ! – диэн итэҕэтиилээх баҕайытык этэн кэбистэ.

Антонина эппитин курдук, бары биир тыынынан оонньоотубут. Ордук Сергейбит Чаачахаан оруолун олус үчүгэйдик биэрдэ. Уолбут таба тириитэ сон булан кэппитэ, төбөтүгэр париктаммыта, атын киһи этэ. Көрөөччүлэр хас да төгүл ытыстарын таһынан, сыанаҕа төттөрү ыҥырыллан тоҥхоҥнообуппут. Бэйэбит да соһуйуохпут иһин, биһиги бастакы миэстэҕэ тиксибиппит. Ол кэннэ салгыы аны оройуон фестивалыгар кыттар чиэскэ тиксибиппит. Онон репетициябытын тохтоппотохпут. Саҥа Дьыл саҕана буолбут фестивальга остуоруйабытын туруорбуппут. Режиссербут дууһатын биэрэн туран эрчийэн, биһиги саҥалыын-иҥэлиин, сыанаҕа тутта-хапта сылдьардыын уларыйан, олох астынан туран оонньообуппут. Фестивальга кыттан оройуоҥҥа маҥнайгы миэстэҕэ тахсыбыппыт! Оо, үөрүү-көтүү буоллубут ээ!

Ийээ, биһиги улахан дьоннору кыайан, бастакы миэстэ буоллубут! – аантан хаһыытаабытынан, дьиэбэр көтөн киирдим.

Ийэм үөрүү бөҕөтө буолла.

Биһиги аны Дьокуускайга барар буоллубут! Улахан сыанаҕа тахсабыт! Мин туочуна артыыска буолар эбиппин! – омун-төлөн ханна барыай. Ийэм саҥата суох мичилийэн, харахтарыгар үөрүү кыыма оонньуур.

Саҥа Дьыл кэнниттэн истибитим, Антонинабыт Дьокуускайга үлэлии барбыт. Ыҥырбыттар үһү диэн буолла. Ол сонун миэхэ улахан охсуунан буолла. Кэлэн чэйдии олорон ийэбэр кэпсээтим.

Ол иһин даҕаны, итинник талааннаах киһи манна тоҕо да хаалыай?

Хайдах тоҕо диэн? Оччоҕуна талааннаах дьоннор бары киин куоракка эрэ барыахтаахтар да? Оччоҕо тыа сирин ким сайыннарар?

Оттон көрбөккүн дуо, тыыппалаах киһи үлэлээн бэйэтин көрдөрдө да киин сиргэ ыҥыран ылаллар дии. Оскуолаҕа былырыын физика учуутала уол үлэлээн испитэ дии. Бары хайҕабыл бөҕөтө буолбуттара. Ханна баарый? Өр гымматахтара, комсомолга ылбыттара. Тыа хаһаайыстыбатыгар биир оннук. Мин итини сыыһа дии саныыбын. Киһи бэйэтин идэтинэн үлэлиэхтээх, оччоҕо киниттэн туһа тахсар.

Ол да иһин биһиги оскуолабытыгар биир да эдэр эр киһи учуутал суох быһыылаах дии. Хата директорбыт Николай Дмитриевич баарыгар баһыыба! Мин кинини үтүктэн көрдөрөбүн да? – инньэ диэт, остуолтан ойон туран дьонум иннигэр туран үтүгүннүм. Мин артыыстыырбыттан аҕам үөрэр ахан. Директор атаһа буолан, ордук кинини үтүктэрбин олус астынар. Күлэн быара суох барар. Бу да сырыыга идэтинэн хаһыаты ааҕа олорон, онтун тута туора уурда.

Что такоо-оо- ее оо-бществооо? Оо-бщество-оо – ээто-о лүүүдии, — дии-диибин директорбыт ньылбаарыйбыт саҥатын үтүктэбин, сирэйбин уһата-уһатабын харахпын симириктиибин, сөмүйэбинэн айаҕым дьабадьытын имэринэн ылабын. Киэҥник хардыылаан төттөрү-таары хаамыталыыбын. – Попов, сиди смирно!!! А ну, повтори, что сказал! Чтооо?! Садись, два!!! – аны бардьыгынаан тоҕо барабын. Дьонум бары күлэн быара суохтар.

* * *

Ол эрээри артыыска буолбатаҕым. Ким билэр, баҕар, Антонинабыт биһиэхэ хаала түһэн үлэлээбитэ буоллар, идэбин да атыннык талыам эбитэ буолуо. Онон оччотооҕу кыргыттар үгүспүт курдук, оскуола кэнниттэн учуутал үөрэҕэр туттарсыбытым. Оттон ол артыыстаабыт кэмим оҕо сааһым биир чаҕылхай, умнуллубат түгэнэ буолан дууһабын сылаас, истиҥ иэйиинэн толорор.

Шурам буоллаҕына, ахсыс кэнниттэн педучилищеҕа киирбитэ. Ол кэнниттэн олохпут араас суолларынан сирдээбитэ. Өр кэмҥэ билсибэккэ сылдьыбыппыт, онтон эмискэ орто омурҕаны бэлиэтиир бырааһынньыкка ыҥырыы тутан, долгуйан тиийэн кэлэммин, оҕо сааһым эйгэтигэр киирэн дьоллоннум. Махтанабын Шурабар!

Айталина НИКИФОРОВА, Дьокуускай.

Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0