Орто омурҕан. Кэпсээн салгыыта

20.10.2021
Бөлөххө киир:

Оргууй ааны тоҥсуйдулар. Итинник кини эрэ тоҥсуйар. Эмиэ сырдык сэбэрэтэ мичилийбитинэн киирэн кэллэ. Симиттибиттии аан таһыгар турда. Тимур долгуйан ойон турда.
Тимур Васильевич, мин бүгүн эрдэ көҥүллэтээри, поликлиникаҕа барыахтаахпын…

— Ыарыйдыҥ дуо, Сардаана, илдьэн биэрэбин дуо? — Тимур Сардаанаҕа утары хааман кэллэ.

— Суох, ыалдьыбатым, тастыҥ бырааппар толуон ылыахтаахпын. Илдьэн биэр, сололоох буоллаххына…

— Чэ, таҥнан тахсаар массыынаҕа, мин билигин сотору тахсыам. – Тимур суһаллык докумуонун бэрийбитэ буолла, саһыл истээх тирии сонун кэтэн кабинетыттан тахсан барда.

Массыынатын улгум уруулун эрийэ олорон хараҕын кырыытынан кыыһын көрөр. Сардаана сырдык пуховик сонноох, бэйэтигэр олус барсар бэргэһэлээх. Кини куруук үрдүк хобулукка дугунан хаамар. Ити айаннаан истэхтэринэ Тимур төлөпүөнүгэр кэргэнэ эрийдэ. Тимур ыйар тарбаҕынан Сардаананы сэрэтэн баран туруупканы ылла.

— Тимур, суһаллык оскуолаҕа тиийиэҥ дуо, орто уол Айаал физкультуралыы сылдьан атаҕын өлөрбүт, төрөппүттэр кэлиҥ диэтилэр. Кыыспыт утуйа сытар, оскуола эн үлэҕиттэн чугас дии, — диэн Мира ыксаабыт саҥата иһилиннэ.

— Тохтоо, уоскуй эрэ Мира, мин бу наадаҕа баран иһэбин, оскуолаҕа сатаан тиийбэппин. Кыыскын уһугуннаран баран такси ыҥыран барбаккын дуо? — сибээс анараа өттүгэр Мира тугу эрэ саҥарда быһыылаах, Тимур онно кыһаммакка төлөпүөнүн арааран кэбистэ.

Сардаана сэрэйдэ. Ити Тимур кэргэнэ эрийэр. Кини Тимуру көрөөт сөбүлүү көрбүтэ. Бэйэтигэр олус эрэллээх, киэҥ харахтардаах эдэр киһи бастаан олус кытаанах көрүҥнээҕэ. Ол эрээри үлэлэрин кафетыгар кыыс ааһан иһэн, Тимур кинини батыһыннары көрбүтүн бэлиэтии көрбүтэ.Сардаана бэйэтигэр эрэлэ улааппыта. Кини оҕо эрдэҕиттэн кыһалҕалаах олоҕу билбит буолан, бу тэрилтэҕэ үлэлии киирээт баай, кыахтаах киһини булан кэргэн тахсыан саныыра. Дьиҥэ, кини урут кэргэннэнэ сылдьыбыта. Кэргэнэ Вася билигин улууска олорор. Онтон Сардаана биир кыыс оҕолоох. Оҕото кыра буолан дьонун аахха баар. Кэргэнинээн майгыларынан сатаспакка икки сыл олороот арахсыбыттара. Инньэ гынан бу тэрилтэҕэ киирэн дьэ, үлэлээбитэ сылтан ортоҕуна ипотека нөҥүө саатар биир хостоох дьиэни атыылаһан оҕотун көһөрөн аҕалары былаанныыр. Оттон Тимур киниэхэ өйөбүл, көмө буоларыгар саарбахтаабат.

— Тимур, үлэбитигэр иккиэн мөҕүллэрбит буолуо…

— Мөхпөттөр. Куттаныма Сардаана, мин эйигин көмүскэһиэм, — диэн баран кыыс диэки мичээрдээн кэбистэ. Кини бэйэтигэр олус эрэллээх, киэҥ-холку. Аата, маннык да кэргэннэммэппин ээ, — диэн Сардаана Тимурун одуулуу олордо. Кини санаатын таайбыт курдук Тимур Сардаананы эйэҕэстик көрдө.

Мира утуйбута чаас аҥаара буолбут кыыһын уһугуннаран, такси ыҥыран оскуолаҕа айаннаата. Иһигэр олус ыгылыйда. Оо, үлэлиир эрдэҕинэ бэйэтэ туспа хамнастаах, кэргэниттэн улахан тутулуга суох этэ. Билигин барыта олус курус. Чэ, оҕолор улаатыахтара… Барыта этэҥҥэ буолуоҕа, — диэн идэтинэн бэйэтин уоскутунан баран өрө тыынна. Ити кини идэтэ. Улаханнык туохха да долгуйбат, холку майгылаах. Кыыһа үһүн туоллаҕына үлэтигэр тахсыа. Бүгүн саҥа пылесоһун аҕалыахтаахтар. Дьиэ иһигэр биир тутаах үлэтэ көҕүрүүр. Оччотугар кэм быыс булан бэйэтин да көрүнүө эбит. Таксига харчытын төлөөт, кыыһын сиэтэн дэллэриппитинэн оскуола олбуоругар киирдэ. Дьиҥэ, кэргэнин тэрилтэтэ мантан чугас, олох дьиэ кэргэнин туһунан таһыччы умнан эрэр… диэн иһигэр Тимуругар хом саныы-саныы оҕолор физкултууралыыр саалаларыгар тиийдэ. Оскуола биэлсэрэ, уола Айаал уонна кылаас салайааччыта Вера Ивановна кэтэһэн олороллор эбит. Хата, Айаал атаҕа этэҥҥэ эбит. Ийэ киһи оҕотун тиийэн кууста, төбөтүттэн имэрийдэ.

— Мира Владимировна, бүгүн Айаал салгыы үөрэммэтин, дьиэлээтин, — диэн учуутала саҥарда.

— Ээ, сөп, Вера Ивановна, билигин такси ыҥырыам, — диэн дьахтар сумкатыттан төлөпүөнүн хаһыста. Уутун хамматах кыыһа Ньургуйаана хаппырыыстаан кыҥкыйдыырын быыһыгар ийэ такси ыҥырар мучумааныгар түстэ. Онтон массыына кэлбитигэр уолун батыһыннаран оскуолаттан тахсан бардылар.

— Ийээ, ити биһиги дьиҥэ наһаа үчүгэйдик футболлуу сылдьыбыппыт, ону буоллаҕына Женя алҕас атахпын тэбэн кэбистэ ээ, — диэн уончалаах Айаал кэпсии-ипсии истэ. Айаал ийэтин курдук холку уол. Оттон Ньургун аҕатыҥы түргэн туттуулаах. Номнуо сэттис кылааска үөрэнэр. Уолаттар иккиэн биир оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Айан устатыгар кыыстара утуйан буккураан хаалла. Халыҥ таҥастаах утуйбут оҕону иккиэн өйөөн икки, көтөҕөн икки дьиэлэригэр киллэрдилэр.

Мира дьиэтигэр киирэн оҕолоругар ас-үөл бэлэмнээтэ. Быыһыгар ватсап ситимигэр дьүөгэлэрин кытта анал бөлөхтөрүн киирэн көрдө. Иһигэр «Тыый, суруйсубуттар а5ай, чэ бээ, быыс буллахпына суруйуом» дии санаата. Кини куруук итинник гынар. «Чэ бээ” диир уонна устунан ону хаалларар. Дьиэ иһинээҕи сүпсүлгэн кинини ордук долгутар. Үс оҕо ийэтэ аһын-үөлүн кыһалҕатыттан атыҥҥа аралдьыйыа суохтааҕын курдук саныыр. Киэһэ хойут оҕолор бары хосторугар утуйа барбыттарын кэннэ куукунаҕа олорон ону-маны эргитэ санаата. Кэргэнэ үлэтиттэн кэлэ илик. Тимур оннук киһи буолбатах, кини оннукка тиийиэ суоҕа… Дьахтар иһигэр араас уорбалыыр санаалар киирбиттэрин киэр кыйдаата, төлөпүөнүн ылан кэргэнигэр эрийдэ да, Тимур ылбата. Айаннаан истэҕэ, үлэтигэр наһаа ноҕуруускалыыллара дуу… Мира хоһугар киирэн улахан сиэркилэҕэ бэйэтин көрүннэ. Хаһааҥҥы эрэ кэрэ сэбэрэлээх кыыстан туох да ордубатах. Оттон инстаграмҥа кинитээҕэр аҕам саастаах дьахталлар эдэрчи көрүҥнээхтэр, этэ-сиинэ соноон туох да таҥас барсыбат буолаахтаабыт. Дьиҥэ, Мира ыскаап муҥунан араас мааны таҥаһа-саба элбэх, ол эрээри үгүстэр баппат да буолан эрэллэр эбит. Дьахтар соруйан саҥа, оһуобай түгэҥҥэ кэтиэм диэн хаһааммыт мааны солко халаатын хостоото. Кини бу халаатын хаһан эрэ буолуохтаах чүмэчилээх романтичнай биэчэргэ анаан ылбыта да, кумааҕытын да туурбакка соннук сытыарар. Ылан кэтэн көрдө. Төгүрүк быһыытыгар-таһаатыгар бэркэ көстөр эбит. Баттаҕа лэппээһин кырыттарыы буолан чахчы да модьу көрүҥнүүр. Уоһун кырааскаланна, сирэйин туртатынан Тимура кэлэрин кэтэстэ. Итинник кириэһилэҕэ кэтэһэ олорон утуйан хаалаахтаабыт. Оттон Тимур кэлбэтэх.

—Бэйэҥ тускунан сиһилии кэпсээ ээ Сардаана, — Тимур саҥа билсэн эн-мин дэсиһэн эрэр Сардаанатын кууһан олорон кыыс уһун хойуу олордуу кыламаннарын одуулуур.
—Тимур, мин тугу кистиэмий, урут кэргэннэнэ сылдьыбытым, наһаа куһаҕан киһи этэ… Атаҕастыыра, ол иһин арахсыбытым… Түөртээх кыыс оҕолоохпун, дьоммор бакаа баар, сотору дьиэ атыыластахпына аҕалыам…
—Маннык кэрэ киһини хайдах атаҕастыахха сөбүй, эн мин кэргэним эбитиҥ буоллар, ытыһым үрдүгэр илдьэ сылдьыа этим…
Ити кэпсэтии кинилэр сыһыаннарыгар бэйэ-бэйэҕэ бүтэйдии эрэнсии курдук буолбута. Тимур дьиэтигэр да тиийбэккэ, Сардааналыын киэһэ рестораннаан, массыынанан хатааһылаан баран үргүлдьү үлэтигэр кэлбитэ. Тоҕо эрэ кини Сардаана урут кэргэннэнэ сылдьыбытыгар, оҕолооҕор кыһамматаҕа. Туох диэн кыһаныай, бачча кыраһыабай кыыс соҕотох сылдьыбатаҕа чахчы. Оттон кини оннооҕор үс оҕолоох… Ити эрэ түгэҥҥэ кини үс оҕолооҕун өйдөөбүтэ. Уола Ньургун сэттис кылаас, иккис уол Айаал үһүскэ үөрэнэр, кыыс иккилээх. Аны арахсан бардаҕына үс оҕо төлөбүрэ, Мира хайдах дьаһанан олороохтуур… иһигэр кэргэнин аһына санаата. Оттон Сардаананы санаан сүрэҕэ сылаанньыйда. Итиччэ улахан тапталга түбэһэн баран хайаатар даҕаны туруулаһыан наада. Быыс булан Миратынаан кэпсэтэн эйэ-дэмнээхтик арахсаллара ордук курдук. Барытын саҥаттан саҕалыа, ыраас лиистэн, ыраас тапталынан…
Ити курдук өйүн тапталга сүүйтэрбит Тимур киэһэ хойут дьиэтигэр кэлбитэ, Мира утары көрсүбэтэ. Сылайбыт да сирэйин көрдөрбөккө үргүлдьү утуйбут этэ. Эр киһи уу иһээт хоһугар киирэн сытта.
—Тимур, дьиэҕэр хоммот туох айылаах буоллуҥ, сатаан олорорбутуттан аастыбыт, — эмискэ кэргэнэ эргиллэ биэрэн кытаанах куолаһынан саҥарбытыгар, Тимур ходьох гына түстэ.
—Утуйбакка сытаҕын дуо…
Бэҕэһээ ханна сырыттыҥ, ханна хоннуҥ?!
—Табаарыспар, гаражка массыына өрөмүөннэспитим…
—Сымыйаҥ ини, эн хаһан массыына оҥостубуккунуй?
—Утуй, Мира, сарсын кэпсэтиэхпит.
—Билигин кэпсэтэбит. Оҕолор истэллэригэр быһаарсабыт да ол!
—Чэ, кэпсэтиэх, Тимур эргиллэн кэргэнигэр хайыста. Мира кыыһыран сирэйэ үллэ быһыытыйбыт, эттээх уоһа туллайан, хараҕа уоттанан оронугар олордо. Чахчы эбит, кини бу дьахтары олох таптаабат эбит. Ама хайаан маннык дьахтары кытта тэҥҥэ кырдьыай, сааһыран истэҕин ахсын өссө уларыйыа, кырдьыа турдаҕа…Аны наар кыһалҕата бүппэтиин, атын туох да интэриэһинэйи кэпсээбэт, сэргэҕэ суоҕун…
—Тимур, аһаҕастык кэпсэтиэх…
—Сөп, мин хаһан да эйигин албынныы илигим… Мира, миигин өйдөөрүүй, мин бу олохтон уопсайынан наһаа сылайдым…
—Көрөбүн, кистээбэккэ эт, эн уларыйбытыҥ ыраатта…
—Мин, мин туспа олорон көрүөхпүн наада, санааларбын сааһылыырбар…
—Туспа даа…дьахтар ах баран хаалла. Кини күөмэйин туох эрэ бүөлүү түспүт курдук буолла, саҥата суох олордо.
—Мира, уоскуй, мин толкуйданыам. Билигин миэхэ наһаа уустук, оҕолорбун хаалларбаппын, көмөлөһүөм. Эн биһи икки ардыбытыгар тапталбыт сойон хаалбыт курдук.
—Атыны таптаатаҕыҥ дии ол аата, мин манна эн оҕолоргун көрөн үрүҥ харахпын өрө көрбөппүн… дьахтар бөтө бэрдэрэн ытаан саннылара титирэстии олордулар. Тимур урут кэргэнэ уйадыйдаҕына уоскутар бэйэтэ, аны уоскуттахпына саарбахтыам, сатаан хаалларан барыам суоҕа диэн туттунан сытта. Мира ытаан тыынын таһааран баран хостон тахсан барда. Кини ити түүн саалаҕа утуйда быһыылаах.

Олох диэн алдьанара судургу да эбит. Оттон бу уу-нуурал олох олохсуйарын туһугар кинилэр иккиэн төһөлөөх көлөһүннэрин тохпуттарай, ыра санаа ымыыта оҥостубут сырдык ньээкэ уйалара итинэн үрэйилиннэҕэ…

Ити кэнниттэн Тимур Сардааналыын холбоспуттара. Икки хостоох дьиэ атыылаһан куорат киинигэр олороллоро. Сардаана оҕотугар олорбута иккис сыла. Күн аайы киҥнэнэртэн атыны билбэт, улахан кыыһа бастакы кылааска үөрэнэр. Киэһэ аайы уруок ааҕыытын ыйа-хайа. Тимур киэһэ үлэтиттэн сылайан кэллэҕинэ, Сардаана ас да астаабакка олорор буолар. Оҕолонон ортотунан биллэ сонообут, соло булан кыламан да тыҥырах да оҥотторбот. Тимур талан ылбыт олоҕуттан төһө да кэмсиннэр, хайыыр да кыаҕа суох. Уолаттара улаатан эрдэхтэрэ. Мобильнай баанынан харчы эрэ ыытар. Сураҕа Мира үлэтигэр тахсыбыт. Кыыһа Ньургуйааната оҕо саадыгар сылдьар үһү. Тимур массыынатын атыылаабыта. Сардаана дьиэҕэ олоруоҕуттан харчылара туохха да тиийбэт. Саҥа сон, саҥа этэрбэс көрдүүр, алимент төлүүрүн иһин сирэй-харах анньар. Тимур маннык күн аайы иирсиилээх олохтон сылайан бүппүтэ. Урукку холку олоҕун санаатаҕына, сүрэҕэ нүөлүйэр. Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйэр диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Бүгүн киэһэ эмиэ бу дьонун дьиэтигэр кэллэ. Уолаттарын, кыысчаанын көрсүө этэ.
Минньигэс ас сыта дыргыйар кыбартыыратын тоҥсуйда. Ааны Мира арыйда. Оруобуна сатаха киэһээҥҥи аһылык кэмигэр кэлээхтээбит.
—Оо, папа кэллэ, — Ньургуйаана утары сүүрэн кэллэ. Кыысчаана үөрбүт сирэйин көрөн эрэх-турах сананна. Оттон Мира уруккутун курдук олус холкутук көрүстэ. Бу арахсыбыттарын кэннэ иккис көрсүһүүлэрэ этэ. Кини биллэ синньээн, баттаҕа уһаан, уруккутун курдук наҕыл бэйэлээх буола тупсубутун көрөн Тимур олус соһуйда.
—Киир, уолаттаргын көрсөн бар, сотору кэлиэхтэрэ дьарыктарыттан, — диэн Мира холкутук саҥаран баран куукунаҕа ааста. Сырдык солко халаата эрэ суугунаан хаалла. Тимур иһигэр «Киһилэннэҕэ дуу» диэн санаан ылла. Остуолга кэлэн олордулар. Дьиэ уруккутнааҕар өссө тупсубут. Өрөмүөннэммит.
—Атахтарым бэйэлэрэ аҕаллылар…
—Оҕолоргун санаан кэллэҕиҥ, суолбут икки аҥыы арахсыбыта икки сыл буолла эбээт…
—Билэбин, Мира, олох антах сатаан олоруо суохпун, кыыспын аһынабын, Сардааналыын кыыстаммыппыт ээ…
—Бэрт дии, кыра оҕолоох дьахталлары хааллартыыр адьынаттанаары гыммыккын дуу, — Мира эҕэлээхтик саҥарда. Онтон кэргэнин баттахтара чанчыктарынан туртайан эрэллэрин, бэлиэр сүүһүгэр сурааһын тахсыбытын, санньыар харахтары көрөн иһигэр аһына санаата. – Тимур, оттон оҕолоргун көрсө хам-түм кэлэр буолуоҥ буоллаҕа, тулуй, Тимур, тулуй, олох уустук буоллаҕа, — диэтэ. Ити кэмҥэ домофон тыаһаата. Мира аан аһа оргууй киирии аан диэки хаамта.
«Тулуй, Тимур… “ Көр, Мира, кини Мирата кинини уоскутар, тулуй диир. Бу эбит дьиҥнээх тэҥҥэ кырдьыахтаах таптала, олоҕун аргыһа. Олоҕун орто омурҕана чугаһаата… Ону баара быстах санааҕа ылларан, акаары, тутах, быһымах быһыыланан дьиэ кэргэнин хаалларбыта эбээт. Туох туһугар? Таптал диэҕи, ол тапталлара тута сойбута, биир кыһалҕаны көрсөөт ар-бур дэсиһэн ол киэһэ арахса сыспыттара… Оттон манна кини сүрэҕэ тохтуур, уоскуйар… Билигин уолаттарын көрсүө, бары бииргэ киэһээҥҥилэрин аһыахтара…

Ульяна ЗАХАРОВА.

Алтынньы 19 күнэ, 2021 cыл.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0