Орто омурҕан. Кэпсээн

19.10.2021
Бөлөххө киир:

Сиэрэй пуховиктаах, олус санаарҕаабыт харахтаах орто уҥуохтаах эт лахса эр киһи уон биэс этээстээх дьиэ анныгар тэпсэҥнии турда. Бу дьиэни урут кинилэр ипотеканан ылбыттара. Уһун сыллар усталара үс оҕо күн сирин көрүөр диэри куортамтан куортамҥа олорон кинилэр да эрэйи көрсүбүттэрэ. Тимур балачча уһуннук табахтаата, онтон эр ылан, урут хаһан эрэ үөрэ-көтө киирэр дьиэтин нүөмэрин домофоҥҥа баттаата. Бу хаһааҥҥыттан кини олоҕо тосту уларыйда этэй? Тоҕо кинини атахтара бу дьиэҕэ аҕала туралларый?

Тимуру ийэлээх аҕата тимир курдук кытаанах эр киһи бэрдэ буоллун диэн ааттаабыттара. Уоллара экэнэмиичэскэй идэҕэ үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран ыал буолбута. Улахан сыбаайба ньиргийбитэ. Эдэр ыал иккиэн куоракка үлэлээх буолан бастаан хос, онтон оҕолонон-урууланан баран кыбартыыра куортамнаан эйэ-дэмнээх, уу нуурал холку олохторо саҕаламмыта. Олорбуттарын бэһис сылыгар эдэр ыал ипотеканан үс хостоох дьиэ ылбыттара. Ити кинилэр олохторугар биир улахан ситиһии, хардыы этэ. Чугас доҕотторун, аймахтарын ыҥыран малааһыннаабыттара. Олохторо барыта иннигэр этэ. Эмдэй-сэмдэй икки уол. Ол кэннэ күүтүүлээх кыыстара Ньургуйаана төрөөбүтэ. Тимур кэргэнэ Мира улахан тэрилтэҕэ буҕаалтырынан, оттон Тимур бааҥҥа экэнэмиис этэ. Хамнастара үрдүк буолан ипотеканы төлүүллэрин таһынан, аны саҥа массыына ылан бар дьоннорун үөрдүбүттэрэ. Тимур ити үлэлии-хамсыы сылдьан бэйэтин саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ хардыылыыр кыахтаах, үчүгэй мааны массыыналаах, киэҥ-куоҥ дьиэлээх, сыл ахсын муораҕа оҕолорун күүлэйдэтэр кыахтаммытыттан астынара, киэн туттара. Куруук элбэх харчылаах, киппэ көрүҥнээх Тимурга дьахтар да аймах сыһыана ураты этэ. Куруук болҕомтоҕо сылдьар эр киһи дьиэтигэр ыкса киэһэ кэлэрэ. Сылайан-элэйэн кэллэҕинэ, оҕотун көрөн олорор кэргэнэ Мира, уруккутун курдук тырыбынаабыт кэрэ сэбэрэтэ улам өлбөөдүйэн, этэ-сиинэ соноон, өрүү сылайбыт сирэйдээх кэргэнин көрсөр буолбута. Ити кини күнү супту хас күн ахсын хатыланар хартыынаттан, дьиэ иһинээҕи үлэттэн, оҕо көрүүттэн сылайара. Улахан кэпсэтиитэ суох кэргэнэ тоҕо хойутаабытын сураһара. Мира эдэр сирэйин дьиэ үлэтэ, оҕолор кыһалҕалара эмэн сиир буолбута сирэйигэр-хараҕар көстөр буолбутун Тимур бэлиэтии көрбүтэ. Аны бу дьахтар кинини уруккутун курдук умсугуппат, үөрдүбэт, оҕолорун ийэлэрэ уонна дьиэ ис үлэтин толорор хаһаайкаҕа кубулуйбутун төһө да бэлиэтии көрдөр, итини туоратар, кэргэнигэр көмөлөһөр, өйүүр биир да хамсаныыны оҥорботоҕо. Хата, төттөрүтүн кини дьиэтигэр кэлиэн соччо баҕарбат буолан хаалбыта. Үлэтин кэнниттэн бииргэ үлэлиир эр дьонун кытта кафеҕа, билъярдыы ардыгар сынньана саунаҕа барара. Кэргэнэ эрийдэҕинэ төлөпүөнүн тыаһа суохха туруоран кэбиһэрэ. Мира кэргэнэ кэлиҥҥи кэмҥэ уларыйбытын төһө да иһигэр бэлиэтии көрдөр, сылайан ардыгар баттаҕын да сууммакка, ороҥҥо сытта да утуйар эрэ аатыгар барара. Оттон Тимур олоҕор эмискэ, соһуччу атын олох саҕаламмыта. Кини маннык истиҥ, долгутуулах иэйиини олоҕор билбэтэх да буолуон сөбө. Кини бииргэ үлэлиир Сардаанатын көрөөт иһигэр олус ис киирбэх кыыс диэн сөбүлүү көрбүтэ, ол эрээри отдел салайааччыта эрээри эдэр кыыстыын оонньоһор диэхтэрэ диэн болҕомто уурбатаҕа буолара. Оттон Сардаана Тимуру кытта олус үчүгэйдик лыҥкынас куолаһынан кэпсэтэрэ. Кинини көрдө даҕаны мичээрдээбитинэн киирэрэ. Бу киэһэ бииргэ үлэлир коллегалар бары кафеҕа, онтон салгыы боулиҥҥа оонньуу барбыттара. Сардаана уонна икки эр киһи Тимур массыынатыгар олорсон айаннаабыттара. Тимур сиэркилэ нөҥүө Сардаананы көрөн ылара. Кыыс кини көрдөҕүнэ утары мичилийбит харахтарынан көрөн кэбиһэрэ. Таптал уотттаах кутаата Тимуру ыга кууспута, бүтүннүү баһылаабыта. Киэһэ хойут дьиэтигэр кэлбитэ, оҕолоро утуйбуттар этэ. Оттон кэргэнэ Мира Тимурун кэтэһэн утуйбакка олороро.
— Хайа, ама тэрилтэҕит бачча хойукка диэри үлэлиир буолла дуо?, — диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрбитэ. Саҥата суох кэргэнигэр ас куппутун, Тимур аахайбатаҕа. Остуолга олорон Мира кэргэнин кытта кэпсэтэрдии быһаарыммыта.
— Тимур, тоҕо дьиэҕэр олох ыксаабат буоллуҥ, икки уолуҥ үөрэхтэрэ, дьарыктара барыта мин үрдүбүнэн, Ньургуйаана иккитэ эрэ, дьыссаакка барыа эрдэ дии, мин кыыспын таһырдьа таһаарарбар кытта сылайабын. Арай миэхэ бэйэтэ сүүрэн дьиэни хомуйар пылесос ыллахпытына?, — диэн кэпсэтиини атыҥҥа эргитэн кэбиспитэ. Тимур бастаан кэргэнэ кэпсэтиини саҕалыырыгар арааһа сэрэйэр быһыылаах диэн хайдах кэпсэтэрин толкуйдуу олорбута, кэпсэтии атыннык салаллан пылесоска тиийбититтэн өрө тыыммыта уонна:
— Оттон харчы баар дии, ылаар ээ, дьиэҕэр аҕалан биэрэллэр дуо?, — диэн аахайбатахтык саҥараат остуолтан турбута.
— Тимур, күнүс биирдэ эмит дьиэҕэр эбиэттии кэлиэххин, таарыччы уолаттары дьарыктарыгар да быраҕан ааһыаҥ этэ…
— Мира, мин наһаа сылайдым, эн күнү быһа үлэлээбэккэ олороҕун дии, мин буоллаҕына отчуот үөһэ отчуот. Айка, утуйа бардым.
Мира саҥата суох киэҥ куукунатын иһигэр олорон хаалбыта. Кэлин Тимур наар итинник кэпсэтэр. Оннооҕор оҕолор төрөөбүт күннэригэр улаханнык кыһаммакка, өрө көтөҕүллүбэккэ харчы биэрэн баран, барытын Мираҕа сэлээнниир. Мира саарык, торт, ас сакаастаан бокуойа суох буолар. Бырааһынньык саҕана сиэркилэҕэ да көрүнэр кыаҕа суох сылайан остуолга олорор. Ол эрээри кини иһигэр кэргэнигэр эрэнэрэ. Иккиэн бэһис кууруска үөрэнэ сылдьан холбоспуттара. Тимур успуордунан дьарыктанар, олус көхтөөх нарын Мираны төһөлөөх эккирэтэн кэргэн ылбытай. Сибэкки тута-тута Мира уопсайын иннигэр кэлэн вахтаҕа кэтэһэн турара субу баардыы көстөр. Кинилэр икки ардыларыгар истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Бэйэ-бэйэлэригэр олус харыстабыллаах сыһыаннаахтара. «Дьэ, дьиэлэннэхпитинэ ону ылыахпыт, маны ылыахпыт» диэн былаанныыллара. Онто ханна баарый. Дьиэ иһэ төһө да маанытын, баайын иһин, кинлэр тапталлара симэлийбит буоллаҕа дуу… Мира түннүк таһыгар сытар кыра сиэркилэни ылан сирэйин көрүннэ. Хараҕын анныгар санньыар сурааһын ойууламмыт, отутун ааһаатын кытта бэлиэр маҥан сүүмэхтэр көстүтэлиир буолбуттар. Ама дуу, Тимур миигин таптаан бүттэҕэ дуу, дьахтар саҥата суох олоро сатаан баран аа-дьуо туран утуйар хоһугар тиийдэ. Кэргэнэ били сылайан кэлбит киһи, төлөпүөнүн көрө сытар эбит. Мира аа-дьуо нусхайан кэлэн халаатын устан кэргэнин аттыгар сытта. Уруккутун санаан кэргэнин кууста. Онуоха Тимур соһуйбуттуу көрдө уонна төлөпүөнү арааран баран:
— Утуй, Мира, сарсыарда эрдэ турабын, — диэн тоҥуйдук саҥарда. Аат-харата Миратын сүүһүттэн сыллаата. Урукку эбитэ буоллар, кини истиҥник мичээрдиэ этэ, дьээбэлээхтик көрүө этэ уонна ыга да ыга кууһуо этэ. Дьахтар саҥата суох сытта, устунан сылаата киирэн утуйан хаалаахтаата.
Сарсыарда ахсын Тимур ыраас ырбаахы кэтэн, хаалтыс баанан киэргэнэн барар. Бүгүн эмиэ үлэтигэр Сардаана истиҥник мичээрдээн ааста. Бэҕэһээҥҥи истиҥ, аһаҕас кэпсэтии, бастакы уураһыы кэнниттэн кыыс кини диэки эрэммиттии көрөр. Тимур үлэтэ да үлэ буолбата. Өйө-санаата Сардаана эрэ. Кабинетыгар олорон Сардаана аатыгар сибэкки сакаастаата. Нөҥүө хоско сотору кэминэн дьахталлар «һуу-һаа, уаай, кимтэн” дэһэр саҥалара иһиллэр. Ити Сардаана сибэккини тутта. Кини Миратын да кытта холбоһоругар маннык иэйии киирбитин өйдөөбөт. Сардааналыын барыта ураты. Кинини кытта сылдьыы бырааһынньык курдук. Оттон Мира тула өрүү кыһалҕа, сүпсүлгэн. Олох киһиэхэ биирдэ бэриллэр….Маннык дьол олоххо биирдэ кэлэр, маннык кэрэ кыыһы аны куоттаран кэбиһиэм диэн санаа Тимур сүрэҕин ыгыта туппахтаата. Хайаатар да Сардаанатын сүтэримиэн наада. Мира буоллаҕына, аһын эрэ айдаана. Хас өрөбүл ахсын «Тимур, оптовайдыа этибит, Тимур, Ньургуҥҥа саҥа курка ылыа этибит, Тимур, кэлэр сайын санаторийга барабыт дуу…” ити курдук киниэнэ барыта кыһалҕа. Мира эчи көрүҥэ да бүрэтэ. Ортотунан дэлби соноон, эчи баттаҕа кылгаһа, уһат диэтэххэ уһаппат, күнү быһа ас астыы-астыы онтун сии-сии олорор диэн оҕолорун ийэтин иһигэр хомуруйа саныы олордо. Оттон Сардаана ааттыын Сардаана, чаҕылыйан, эчи баттаҕа уһунун, тырымнаан киирэн кэллэҕинэ, бары барыта сырдыырга дылы. Итинник кэргэннэммит киһии… Тимур Сардаананы итинник күүскэ таптаабытыттан бэйэтэ соһуйда. Тоҕо эрэ бу мин атын дьахтарга бардахпына оҕолорум хайдах буолуохтарай дии санаабакка, ватсап нөҥүө тапталлааҕар истиҥ тыллары суруйа олордо.

Ульяна Захарова.

САЛГЫЫТА БЭЧЭЭТТЭНИЭ.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0