Орто Халыма күннэринэн ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлгэ быыстапка саҕаланна
Дьокуускайга СӨ национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин «Раритеты Якутии» бырайыагын, Дьокуускайга Орто Халыма улууһун күннэрин чэрчитинэн Орто Халыма кыраайы үөрэтэр түмэлин уонна филиалларын быыстапката саҕаланна. Манна 18-21-с үйэлэр сэдэх экспонаттарын бар дьон көрүүтүгэр туруордулар.
Быыстапкаҕа ыҥыырдар, мастан, туостан оҥоһуктар, ойуун мала-сала, бэл оҕо ойууннуур таҥаһыгар тиийэ баар. Маны кытта 19-с үйэттэн хаалбыт хотой ойуулаах саҕынньаҕы көрүөххэ сөп. Бу сэдэх экспонат, сүктэр кыыс кэтэр соно эбит.
Түмэл научнай үлэһитэ Юлия Луценко оннооҕор тас дойдулар мусуойдарыгар маннык ураты мала-салы көрбөккүн диэн Орто Халыма мусуойун экспонаттара сэдэхтэрин бэлиэтээтэ.
Быыстапка кэлэр сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри үлэлиир.
Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1