Дьокуускайга Орто Халыма улууһун күннэрэ саҕаланнылар

Бөлөххө киир:

Бүгүҥҥэттэн Дьокуускайга Орто Халыма куорат төрүттэммитэ 375 сылыгар аналлаах улуус күннэрэ саҕаланнылар. Ол курдук, “Союз исторических городов Якутии” диэн форум-кэмпириэнсийэ буолла.

Манна Орто Халыма, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Дьааҥы куораттар салалталара кытыннылар. Форум кэмигэр Саха сирин бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын бэйэни салайыныыга боппуруостарыгар департаменын салайааччы Афанасий Владимиров, Халыма-Индигиир уокуруктан Ил Түмэн дьокутаата Василий Местников, Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Слепцов уо.д.а. үлэлээтилэр, санааларын үллэһиннилэр. Тэрээһин түмүгэр, сойуус тэриллэн, сыллата форум үлэлэтэр туһунан резолюцияны ылыннылар.

Афанасий Владимиров, Саха сирин бэрэсидьиэнин уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын бэйэни салайыныыга боппуруостарыгар департаменын салайааччы:
— Орто Халыма улууһун баһылыга Евгений Слепцов Саха сирин историческай куораттарын сайдар суолларын тобулуохха, кыһалҕаларбытын быһаарсыахха диэн этии киллэрбитин тута өйөөбүтүм. Бу куораттар сайдыылара өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ төһүү күүс буолар. 

Орто Халыма күннэрин бырагырааматын кытта билсиҥ.

Айтана Аммосова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0