Дьокуускайга – Орто Халыма улууһун үбүлүөйдээх күннэрэ (БЫРАГЫРААМА)

20.11.2018
Бөлөххө киир:

Ахсынньы 1-8 күннэригэр Дьокуускайга Орто Халыма куорат 375 сылыгар аналлаах улуус күннэрэ ыытыллыахтара. 

Ахсынньы 3 күнүгэр 12.00 ч. Дьокуускай салалтатын дьиэтин Улахан саалатыгар “Союз исторических городов Якутии” диэн форум-кэмпириэнсийэ бастакытын ыытыллыаҕа.

Маны таһынан, тустаах министиэристибэлэринэн уонна биэдэмистибэлэринэн “төгүрүк остуоллар”, көрсүһүүлэр буолуохтара;

Ахсынньы 4 күнүгэр 14.00 ч. Наукалар академияларын дьиэтигэр «Научно-исследовательский институт генеалогии и этнологии народов Севера РС(Я)» уопсастыбаннай тэриллии бырабылыанньатын чилиэннэрин кытта көрсүһүү буолуоҕа;

Ахсынньы 5 күнүгэр 16.00 ч. СӨ национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуойугар “Из золотого фонда Среднеколымского краеведческого музея” диэн быыстапка арыллыаҕа.

Оттон 19.00 ч. Нуучча тыйаатырыгар “Ынахтаах Хотун” диэн Орто Халыма улууһун норуодунай тыйаатырын испэктээгин көрдөрүөхтэрэ;

Ахсынньы 6 күнүгэр 16.00 ч. Нуучча тыйаатырыгар Орто Халыма төрүттэммитэ 375 сылыгар аналлаах мунньах ыытыллыаҕа.

Бу кэнниттэн 19.00 ч. “За чертою Полярного круга” диэн улуус талааннаах дьонун кэнсиэрэ буолуоҕа.

Ахсынньы 7 күнүгэр 10.00 ч. Ил Түмэҥҥэ Орто Халыма улууһун делегациятын кытта Судаарыстыбаннай Мунньах кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэллэрин кытта көрсүһүү буолуоҕа.

Бу кэнниттэн улуус салалтата күнүс 15.00 ч. Муусука Үрдүкү оскуолатын кытта бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсиэхтэрэ.

Ахсынньы 8 күнүгэр 14.00 ч. Национальнай библиотека Историческай саалатыгар Г.Г. Колесов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах “төгүрүк остуол” буолуоҕа.

Күнүс 15.00 ч. Доҕордоһуу болуоссатыгар “Амтан” ТХПК атыы-эргиэн дьаарбаҥкатын тэрийиэҕэ. Онтон 17.00 ч. “Самая холодная дискотека” бырайыак саҕаланыаҕа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0