Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Хаҥалас улууһун Орто Дойду комплексыгар «Эһээ Дьыл дьиэтэ» Хаҥалас улууһун салалтатын кытта «Күһүҥҥү ыһыаҕы» ыһыахтара. Тэрээһиҥҥэ ас- үөл, араас уустар оҥоһуктарын быыстапката, саха күһүҥҥү национальнай таҥаһын куонкуруһа, кэнсиэр, сынньалаҥ бырагыраамата ыытыллыа. Сиһилии «Күһүҥҥү ыһыах» тэрээһин туһунан Эһээ Дьыл-Гаврил Угаров сырдатта:
— «Саха омуга үс национальнай бырааһынньыктаах. Ол курдук, бастакы бырааһынньык ыам ыйыгар Күөххэ үктэнии диэн саха саҥа сылын көрсүү. Оттон Айыыларга сүгүрүйүү диэн сайыҥҥы ыһыах. Уонна үсүһүнэн буолар- Күһүҥҥү ыһыах. Күһүҥҥү ыһыаҕы сахалар былыр ыһаллар эбит. Холоон көрөн эттэххэ, Вацлав Серошевскай кэлиэҕиттэн ыла умнуллан киирэн барбыт. Бу ыһыахха сахалар сайын хайдах ааспытын бэлиэтииллэр. Былыргы сахалар күһүн кэлэриттэн олус куттаналлар эбит. Тоҥ Суорун уонна куһаҕан тыыннаах айыылар кэлэр кэмнэрэ диэннэр, кинилэри сымнатар, кыыһырдыбат туһугар ыһар ыһыахтара буолар. Күһүҥҥү ыһыах туһунан саха биллэр историга, история билимин доктора Анатолий Гоголев «История Якутии» диэн кинигэтигэр суруйбут. Маны таһынан, Пекарскай тылдьытыгар эмиэ таарыллан ылбыт.
Биллэн турар, сайын эдэр дьон билсэллэр- көрсөллөр. Ол курдук, уолаттар күһүн кэлэн дьонноругар бу кыыһы сөбүлүү көрдүм, кэргэн ылахпын баҕарабын диэн дьонноругар этэллэр эбит. Күһүҥҥү ыһыахха кыыс уонна уол төрөппүттэрэ көрсөн кэпсэтэллэр, илии охсуһаллар, уруу тэриллэр кэмин быһаараллар эбит. Тоҕо диэтэр, күһүн ас-үөл элбиир кэмэ, үлэ намырыйар. Уруу тэрийэргэ олус табыгастаах кэминэн ааҕыллар. Уонна ас-үөл элбэх кэмигэр үөскээбит оҕо сэниэлээх уонна чэгиэн буолар.
Былырыын биһиги, Хаҥалас улууһун салалтата өйөөн, бастакы «Күһүҥҥү ыһыаҕы» Орто Дойдуга ыспыппыт. Тэрээһиммит сүрүн соруга диэн — сайын түмүгүн таһаарыы. Ыһыахпытыгар ас быыстапката, атыы- эргиэн, саха күһүҥҥү национальнай таҥаһын күрэҕэ ыытыллар. Күһүҥҥү ыһыахха саха эрэ омуга буолбакка, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор омук барыта сылдьыан сөп. Быйылгы ыһыахпытыгар араас омук диаспоралара кыттыыны ылыахтара. Тэрээһиммитин үгэскэ кубулутар соруктаахпыт. Дьону-сэргэни биһиги тэрээһиммитигэр кэлэн көхтөөх кыттыыны ылан, сынньанан-дуоһуйан барыҥ диэн ыҥырабын».
«Күһүҥҥү ыһыах» балаҕан ыйын 23 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан «Орто Дойду» комплекска ыытыллыа. Барыан баҕалаахтарга Доҕордоһуу болуоссатыттан оптуобустар айанныахтара.
Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru