Исписэлиистэр эппиттэринэн, «Орто Дойду» зоопаркаҕа баар хагдаҥ эһэлэр кыһыҥҥы утуйууларыттан кэлэр нэдиэлэҕэ уһуктуохтара. Уопсайынан хагдаҥ эһэлэр кыһын арҕахтарыгар 107-109 күн устата утуйаллар.
Зоопарка научнай-просветительскай отделын сэбиэдиссийэ Наталья Сафонова эһэ бытааннык уһуктар, ол бырассыаһа нэдиэлэ кэриҥэ диэн СИА-ҕа кэпсээбит. «Кэлэр нэдиэлэҕэ күүтэбит. Сылтан сыл эһэлэр араастык уһукталлар. Холобур, биир сыл кулун тутар 10-нун диэки уһуктубут буоллахтарына, кэлэр сылга кулун тутар бүтүүтэ туруохтарын эмиэ сөп«, — диэн быһаарар. Хагдаҥ эһэлэр уһуктан баран, хааннарын сүүрдэр сыалтан эттэрин-сииннэрин имитэн «эрчиллэллэр» уонна хаары сииллэр.
Зоопаркаҕа баар эһэлэр уһуктубуттарын кэнниттэн тута аһаппаттар, бастаан утаа хаайтарбыт хойуулара тахсыахтаах эбит. Ити быһаарыллыбытын кэнниттэн тыатааҕылары кыралаан аһатан бараллар. «Зоопарка атын кыыллара кыһыны этэҥҥэ кыстаатылар. Колымана уонна Ломоносов диэн үрүҥ эһэлэрбит төрөппүт оруолун толорортон сынньаннылар, быйыл оҕоломмотулар», — диэн Наталья Сафонова кэпсээтэ.