Ааспыт нэдиэлэҕэ хаһыаппытыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы туһунан билиһиннэрбиппит. Бу сырыыга орто анал үөрэххэ ылыыны сырдатабыт. Орто анал үөрэххэ тус сыаллаах миэстэ көрүллэр дуо? Докумуону хаһааҥҥыттан, хайдах туттарабыт? Саҥа идэлэр аһыллаллар дуо?
Хас миэстэ?
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтигэр иһитиннэрбиттэринэн, 2021-2022 үөрэх дьылыгар Саха сирин орто үөрэхтэригэр абитуриеннартан докумуону бэс ыйын 20 күнүттэн тутан саҕалаатылар.
Кэлэр үөрэх дьылыгар, уопсайа, 6 362 бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Итинтэн 3 317 миэстэ – 11-с кылаас, 2 920 миэстэ – 9-с кылаас кэнниттэн, 75 миэстэ – кэтэхтэн, 50 миэстэ – күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) үөрэхтэргэ.
Саҥа идэлэр
“СӨ 2020-2024 сылларга уонна 2026 сылга диэри былааннаан үөрэҕи сайыннарыы” судаарыстыбаннай бырагырааманан үлэ ырыынагын ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн каадыры бэлэмниир сыаллаах, быйыл орто үөрэх кыһаларыгар барыта 16 саҥа идэни астыбыт”, — диэн СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Михаил Присяжнай иһитиннэрэр.
Ол курдук, 2021-2022 үөрэх дьылыгар оператор станков с программным управлением; токарь на станках с числовым программным управлением; мастер слесарных работ; наладчик сварочного и газоплазморезательного оборудования; мехатроника и мобильная робототехника; технология и техника разведки месторождений полезных ископаемых; аэрофотогеодезия; металлургия цветных металлов; контроль работы измерительных приборов; технология деревообработки; изготовитель арматурных сеток и каркасов; электромонтажник по сигнализации, централизации и блокировки; мастер столярно-плотничных, паркетных и стекольных работ; технология мяса и мясных продуктов; рыбовод; монтажник связи саҥа идэлэргэ үөрэххэ ылаллар.
Орто үөрэххэ — тус сыаллаах миэстэ
Михаил Присяжнай тус сыаллаах бэлэмнээһин (целевая подготовка) орто анал үөрэххэ киэҥник тарҕанарыгар интэриэстээхтэрин этэр. “Нэһилиэнньэ тус сыаллаах үөрэх (целевик) диэни иһиттэ даҕаны, үрдүк үөрэххэ эрэ сыһыаннаах диэн өйдүүр. Оннук буолбатах. Орто анал үөрэх бырагыраамаларыгар эмиэ тус сыаллаах дуогабарга илии баттаһыахха сөп. Өрөспүүбүлүкэ 30 сыл кэриҥэ тус сыаллаах бэлэмнээһининэн дьарыктанар, сүрүннээн киин куораттар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларын кытта үлэлэһэр. Быйыл үрдүк үөрэхтэри сэргэ, орто анал үөрэх бырагыраамаларыгар эмиэ миэстэлэр бааллар. Сыыйа миэстэтин ахсаана эбиллэн иһэр. Тоҕо? Биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ирдэнэр, Саха сиригэр суох идэлэргэ эбэтэр үлэ биэрээччилэр сакаастарынан бэлэмниибит. Маны олоххо киллэрэргэ хас даҕаны бырайыагынан үлэлэһэбит”, — диэн кэпсиир.
Инникитин орто үөрэхтэргэ тус сыаллаах бэлэмнээһининэн үөрэнэр устудьуон ахсааннарын элбэтэр инниттэн хампаанньалары, тэрилтэлэри кытта кыттыгас олимпиадалары тэрийэр, салааларынан бырайыактары олоххо киллэрэр наадатын ыйар.
Уопсайа, 10 анал үөрэх тэрилтэтэ — Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ, Алданнааҕы политиэхиньиическэй тиэхиньикум, Дьокуускайдааҕы автодорожнай тиэхиньикум, Нерюнгритааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ, Дьокуускайдааҕы сибээс уонна энергиэтикэ кэллиэһэ, Тырааныспар тиэхиньикума, Дьокуускайдааҕы үп-экэниэмикэ кэллиэһэ, о.д.а. тус сыаллаах бэлэмнииллэр. Судаарыстыбаннайа суох үөрэх тэрилтэтэ, холобур, Дьокуускайдааҕы инновационнай технология кэллиэһэ (ЯКИТ) тус сыаллаах дуогабарынан эмиэ үөрэтэр.
Итини сэргэ, Саха сиринээҕи уу тырааныспарын институтун иһинэн үлэлиир Өрүс училищетыгар быйыл федеральнай бүддьүөттэн 150 миэстэ көрүллүбүтүттэн, 28 миэстэтин тэрилтэлэр ылабыт диэн иһитиннэрбиттэр. Абитуриеннарга анаан исписээлинэһэ, тэрилтэлэрэ, үөрэх көрүҥэ уонна миэстэтэ барыта ыйыллыбыт. Холобур, Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота (15 миэстэ), Өлүөнэтээҕи бассейн дьаһалтата (13 миэстэ).
Үөрэххэ тутуу быраабылатыгар олоҕуран, орто анал үөрэх бырагыраамаларыгар аттестат орто баалынан куонкурустаһаллар. Бааллара тэҥнэһэр түгэнигэр, туттарсар идэлэрин хайысхатыгар сөп түбэһэр биридимиэттэригэр хайаларын сыаната үрдүгэ, салгыы тус сыаллаах үөрэх дуогабара учуоттанар. Ол кэнниттэн абитуриент тус ситиһиитин (портфолио) көрөллөр.
Тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсыан баҕарар абитуриеннар үөрэх тэрилтэлэрин саайтыгар үөрэххэ туттарсыы быраабылатын, дуогабары билсэллэрэ ирдэнэр. Ханнык тэрилтэлэр үлэлэһэллэрэ онно ыйыллар.
Бырайыагынан үлэ
Орто анал үөрэххэ тус сыаллаах миэстэ көрүллэрэ кэрэхсэбиллээх. Абитуриент баҕарбыт идэтигэр киирэр, ону ааһан үлэнэн хааччылларыгар бигэ эрэллээх буолар. Холобур, билигин Саха сиригэр таһаарыылаахтык үлэлии турар бырайыактартан “Ыччат — авиацияҕа” бэлиэтиэххэ сөп. Манна сүрүннээн “Полярнай авиалиния” хампаанньа хото кыттар. Быйыл бу бырайыагынан Омскайдааҕы гражданскай авиация көтөр-тиэхиньиическэй кэллиэһигэр “летная эксплуатация летательных аппаратов” исписээлинэскэ 10 миэстэ көрүлүннэ. Бу – орто үөрэх. Устудьуон үөрэҕин бүтэрдэҕинэ Ми-8 бөртөлүөккэ иккис пилотунан киирэр. Манна туттарсарга ВЛЭК (врачебно-летная экспертная комиссия) мэдиссиинэ түмүгэ уонна аттестат баала 4,5 баалтан намыһаҕа суох буолара ирдэнэр.
Итини таһынан, “Саха сирин тимир суоллара” бырайыагынан орто үөрэхтээх араас инженердэри бэлэмнииллэр. Үгэс быһыытынан Хабаровскайдааҕы тимир суол тырааныспарын тиэхиньикумугар үөрэнэллэр. Быйыл, уопсайа, 20 миэстэ көрүллүбүт: “организация перевозок и управления на транспорте”, “строительство железных дорог”, “техническая эксплуатация подвижного состава”, “электроснабжение”, “автоматика и телемеханика”, о.д.а. Бу идэлэргэ улахан аҥаардарыгар уолаттар туттарсалларыгар сүбэлииллэр.
Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление (ЯУГМС) хааччыйыытынан, Иркутскайдааҕы гидрометеорологическай тиэхиньикумҥа “метеоролог” уонна “гидрометеоролог” идэлэригэр 2 миэстэ көрүллүбүт.
СӨ Бырамыысыланнаска министиэристибэтин кытта быйылгыттан үлэлээн эрэр “Бырамыысыланнас эйгэтин каадырынан хааччыйыы” бырайыак иитинэн Ангарскайдааҕы политиэхиньиичэскэй тиэхиньикумҥа (Иркутскай) “переработка нефти и газа” идэҕэ 5 миэстэҕэ орто үөрэхтээх үлэһиттэри бэлэмнииргэ сакаастаспыттар.
“Саха сиригэр элбэх бөдөҥ хампаанньалар үлэлииллэр. Биһиги олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ ылалларыгар интэриэстээхпит. Үлэҕэ киирэр туһугар сөптөөх идэни баһылыыр ирдэнэр. Тустаах тиэхиньикумҥа бу миэстэлэри Иркутскайдааҕы ньиэп хампаанньата сакаастаһар”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы иһитиннэрэр.
Ону сэргэ, “Якутия” Медиахолдины кытта бииргэ үлэлэһии түмүгэр, Москватааҕы издательскай-полиграфическай тиэхиньикумҥа “печатное дело” (бэчээттээччи) уонна “производство изделий из бумаги и картона” (тиэхиньик) исписээлинэстэригэр быйыл биирдии орто үөрэхтээх үлэһиттэри бэлэмнииллэр. Бу салааҕа салгыы үлэлэһэр, бырайыак толкуйдуур уонна аны күһүҥҥүттэн олимпиада быһыытынан олоххо киллэрэр былааннаахтар.
Докумуону туттарыы
Докумуону электроннай көрүҥүнэн туттарыы быйылгыттан толору киэбинэн үлэлиэҕэ. Ол курдук, абитуриеннар сайабылыанньаларын СӨ үөрэҕин өҥөтүн эрэгийиэннээҕи порталыгар https://edu.e-yakutia.ru аадырыһынан киирэн ыыталлар.
Интэриниэт суох сирдэригэр эбэтэр улуус кэллиэстэригэр, тиэхиньикумнарыгар миэстэтигэр тиийэн докумуону туттарыахха сөп. Ол эрээри, министиэристибэҕэ быһаарбыттарынан, сэкирэтээрдэр салгыы бэйэлэрэ порталга киллэрэллэр, бэрэбиэркэлииллэр итиэннэ хас биирдии абитуриеҥҥа идентификатор иҥэрэллэр. Ол эбэтэр, абитуриент аатын оннугар нүөмэр ыйыллар.
Санатан эттэххэ, орто үөрэхтэргэ биир кэлим эксээмэн баала ирдэммэт, аттестат орто баалынан куонкурустаһаллар. Арай, сорох айар дьоҕур, уйулҕа, эт-хаан көрдөрүүтүн бэлэмэ ирдэнэр идэлэригэр эбии эксээмэннэри (вступительные испытания) туттараллар. Дьаҥынан сибээстээн, балар былырыыҥҥы курдук ыраахтан олорон (дистанционно) ыытыллыахтара.
Орто үөрэхтэргэ докумуону атырдьах ыйын 10 күнүгэр диэри ылыахтара. Ол гынан баран, миэстэ баар түгэнигэр сэтинньи 25 күнүгэр диэри тутуохтарын сөп. Үөрэххэ туттарсыы туһунан СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин тутар хамыыһыйатын 8(4112)50-60-44 нүөмэринэн ыйыталаһыаххытын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА), Ольга СТАРОСТИНА (СИА).