Дьокутаат Ф.С. Тумусов “Кэргэн кэпсэтии” диэн кинигэбин улуу Арассыыйа килбэйэр киинигэр Москуба куоракка бэчээттэтэн таһаартарда. Эрэннэрбит тылыгар турарын өссө төгүл биллим.
Өлүөхүмэҕэ кэлэ сылдьан дьону-сэргэни кытта кэпсэтэрэ, тыла-өһө олохтооҕун эриэхсит. Кырдьаҕас түмэлбит үлэһитин кытта эмиэ кинигэ, суруйааччылар тустарынан кэпсэтэр этилэр. Хойут Москубаҕа тиийэн да баран нэһилиэк кырдьаҕаһын умнубакка төлөпүөнүн нүөмэрин көрдөөн ылбыта. Судаарыстыбаннай Думаҕа үлэлии олорон боростуой саха киһитин умнубат эбит. Онтон эр ылан кинигэбэр өйүүрэ дуу, диэн көрдөспүппүн, тылбын быһа гыммакка таһаартарда.
“Кэргэн кэпсэтии” диэн кинигэбэр суут-сокуон үөдүйэ илигинэ, былыргы үгэс быһыытынан, кыыһы сааһыттан хааччаҕа суох баай киһиэхэ сүгүннэрэн ыыталлар. Эдэр кыыс таптыыр уолуттан арахсымаары, төһөлөөх эрэйи көрөрө суруллар. Бу сэһэммин, дьээбэрэн эттэххэ, бассаапка били этэргэ дылы, “кэччэгэй дьахтар” алаадьытын курдук кыралаан ыыппытым. Дьон сөбүлээн ааҕан “амтаһыйан” эрдэҕинэ бүтэн хаалар. Онно дьэ миигин, ааптары мөҕүттэллэр, “допинг” курдук ыытар, саамай интириэһинэйигэр кэлэн бүтэн хаалар” диэн. Дьэ ол сэһэммитин Федот Семенович бэчээттэтэн таһааран ыыппыта Москуба куораттан айаннаан тигинэтэн кэлэн иһэр. Ааптардыын, ааҕааччылыын долгуйа күүтэбит. Сэһэн толорутун ааҕыаххыт.
Онтон Федот Семенович туһунан этэр буоллахха, саас Токо өрүһү көмүсчүттэр грунунан быһыттаабыттарын, эрдэ суруйбутум курдук, Федот Семенович борокуратууранан киирэн, буруйдаах дьон эппиэккэ тардыллыбыттара.
Бу көмүс хостооһун элбээбит, айылҕаны алдьатар дьалхааннаах, экология айгырыыр кэмигэр, норуот туһугар кыһамньылаах үлэһит Судаарыстыбаннай Дуумаҕа баарынан киэн туттабыт. Өссө да инникитин итинник норуот туһугар үлэлии сылдьарыгар баҕарабын. Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран, Федот Семеновичка барҕа махталбын тиэрдэбин.
Родион ДАНИЛОВ — Ородьумаан