Ороһуоспа күнүнэн билгэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ороһуоспа – христианскай бырааһынньык. Иисус Христос төрөөбүтүн кытта өйдөбүллээх. Үгүстэр бу күнүнэн сирдэтэн күн-дьыл хайдах буолуон билгэлииллэр.

edersaas.ru

Ороһуоспа күн улахан үлэни толоруллубат, этиһиллибэт эҥин диэн араас суол быраабылалар бааллар. Өбүгэлэрбит сүрүннээн күнү-дьылы билгэлииллэр эбит. Ол курдук, Ороһуоспа түүнүгэр кэлэр сайыны быһаараллар. Киэһэ им сүтүүтэ саҕаланыаҕыттан халлаан өҥө уларыйыытын кэтииллэр. Халлаан өҥө хараҥардаҕына сайынын ардахтаах буолар, кубарыйбыт түгэнигэр кураан буоларын сылыктыыллар. Бырааһынньык иннинэ сулус элбэх түгэнигэр сир аһа, тэллэй хото үүнүө диэн сабаҕалыыллар. Ороһуоспа бээтинсэҕэ түбэстэҕинэ кыһына уһун, сайына кылгас диэн эмиэ этэллэр.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: vk.com

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0