Орджоникидзе болуоссатыгар — «Улуу Кыайыы сааһа»

Ааптар: 
08.05.2017
Бөлөххө киир:

Бүгүн Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар үгэс буолбут «Улуу Кыайыы сааһа» диэн бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ буолла.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

 Сааскы ылааҥы күҥҥэ дьон-сэргэ үөрбүтэ-көппүтэ, санаата көнньүөрбүтэ сүрдээх. Болуосакка байыаннай тиэхиниьикэ быыстапката, «Саллаат хааһытын амсайыы», олохтоох былаас уорганнарын салайааччылара бэтэрээннэри эҕэрдэлээһиннэрэ, «Туймаада» ырыа государственнай ансаамбылын кэнсиэрэ — бырааһынньыктааҕы үөрүүнү тупсаран биэрдилэр. Биллэн турар, сүрүн болҕомто бэтэрээннэргэ уурулунна.

Кэрэхсэбиллээҕэ баар, болуоссат ыччатынан толору. Кыттааччылар да, көрөөччүлэр да бу дьоллоох күҥҥэ үөрүүлээх бырааһынньыгы бииргэ бэлиэтээтилэр.

Доҕордуулар Арассыыйа народнай артыыһа, Москватааҕы Большой тыйаатыр солиһа, Чайковскай аатынан уонна Ленинскэй комсомол аатынан бириэмийэлэр лауреаттара Владимир Мальченко уонна СӨ народнай артыыһа Юрий Платонов бүгүн Улуу Кыайыы күнүгэр бэтэрээннэри эҕэрдэлээтилэр.

Дьокууйскай куораттааҕы национальнай гимназия 6 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ бүгүн кылаастарын салайааччыта Венера Илларионованы кытта тыйаатырга сылдьаары анаан оҥостон кэлбиттэр. Кинилэр Орджоникидзе болуоссатыгар күлэ-үөрэ кэпсэтэ туралларыгар түбэстим.

Биһиги кылааспыт оҕолоро сыл аайы Улуу Кыайыы бырыһаанньыгар туһуламмыт бары тэрээһиннэргэ кыттабыт. Төрөппүттэрбит барыбытыгар  байыаннай форманы анаан тиктэрбиттэрэ. Бүгүн «Сэрии суруктара» испэктээкилгэ сылдьаары байыаннай формабытын кэтэн кэллибит, — диэн кэпсиир Эрхан Макаров.

Үөрэнээччилэр аттыларыгар эмиэ байыаннай таҥастаах эдэр дьон эмиэ  туох эрэ интэриэһинэйи кэпсэтэ тураллар эбит. Чугаһаан билсибитим, танкистар эбит.

— Икки сыллааҕыта «Саха сирин танкистара» диэн уопсастыбаннай тэрилтэни тэрийбитим. Билигин кэккэбитигэр 300-чэкэ чилиэннээхппт. Улуу Кыайыы күнүгэр мустан сулууспалаабыт кэммитин ахтыһабыт. Бэйэ-бэйэбитин туохха барытыгар өрүү өйөһөбүт, — диэн кэпсиир уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Петр Барашков.

Кэрэсэбиллээҕэ баар, бу тэрилтэ «Эдэр армеецтэр» диэн оҕолорго анаан байыаннай дьыаланы билиһиннэрэр этэрээт тэрийбит эбит. Ол оҕолорун кытта бииргэ Улуу Кыайыы күнүн бэлиэтии сылдьаллара — ураты көстүү.

Болуоссаттан бэтэрээннэри батыһан, «Сэрии суруктара» испэктээкили көрөөрү Саха тыйаатырыгар киирэбин.

Уус Алдан Курбуһаҕыттан куоракка эмтэнэ кэлбит 84 саастаах Дария Пестрякова саллаат хааһытын амсайан, бырааһынньыктааҕы тэрээһиҥҥэ сылдьан баран, аны испэктээкил көрөөрү тыйаатырга кэлбит.

Мин Улуу Кыайыы үөрүүлээх сонунун «Бэс Үрэх» диэн  учаастакка бааһынаҕа дьоммор көмөлөһөн, сир тартара сылдьан истибитим. Аҕам күһүн муҥха саҕана сэриигэ сураҕа сүппүт этэ. Кини түөрт бииргэ төрөөбүттэриттэн Егор Карманилов эрэ тыыннаах ордон кэлбитэ. Онон аҕам убайдарынаан сэрии толоонугар хаалбыт буолан, сэрии тулаайаҕабын. Ийэм үстээхпэр өлбүт, — диэн кэпсиир соҕотох бэйэтэ  25 сиэннээх уонна хос сиэннээх Дария Николаевна.

Оттон Бүлүү улууһун Бөкчөҥөтүттэн төрүттээх 88 саастаах тыыл бэтэрээнэ Семен Михайлов бииргэ төрөөбүт убайдара  Ньукулай уонна Уйбаан эмиэ сэрииттэн төннүбэтэхтэр. Семен Алексеевич сэттэ оҕоттон бэһистэрэ эбит.

— «Сэрии бүттэ!» диэн истээт, тоҕо эрэ тута убайдарым эргиллэн кэлиэхтэрэ дии саныы түспүтүм. Хомойуох иһин, сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ, — диэн кэпсиир тыыл бэтэрээнэ. Кырдьаҕас сиэнин кытта испэктээкил көрө кэлбит.

Оттон 90 саастаах тыыл бэтэрээнэ, Дьокуускай куорат олохтооҕо Степан Афанасьевка киһи хайдах да бачча сааһы биэрбэт. Кини Улуу Кыайыы буолбут үөрүүлээх сураҕы уруок биэрэ туран истибит. Оччолорго эдэр киһи учууталлыыр эбит. Убайдара ол кэмҥэ байыаннай сулууспаҕа сылдьыбыттар: Лэгэнтэй Иркутскайга үлэ фронугар, оттон Миитэрэй билиэҥҥэ түбэспит дьоппуон саллааттарын харабыллыыр эбит.

Саллаат хааһытын амсатан, кэнсиэр көрдөрөн, аны ыраатыннарбакка, Саха тыйаатырыгар босхо испэктээкил оҥорон, бэтэрээннэргэ бэртээхэй бырааһынньыгы бэлэхтээтилэр , — диэн уолун Максимы кытта кэлбит ытык кырдьаҕас тэрийээччилэргэ барҕа махталын тиэрдэр.

«Сэрии суруктара» диэн испэктээкили режиссер Марина Варбут туруорбут. Бэртээхэй испэктээкил буолла.

Премьера бүтээтин кытта:  «Тарҕаспаккытыгар көрдөһөбүт. Билигин 15  мүнүүтэнэн режиссер Руслан Тараховскай Тимофей Сметанин хоһооннорунан иккис испэктээкилин көрдөрүөхпүт«, — диэбиттэригэр көрөөччүлэр олуһун соһуйдубут да,  үөрдүбүт да. Мин Саха тыйаатырын режиссера Руслан Тараховскай саалаҕа киирэн олорбутун көрөн, анаан тиийэн кэпсэттим.

— Москва режиссера Марина Варбут Дьокуускай куоракка олорор. Биир күн: «Мин Саха тыйаатырыгар Улуу Кыайыы күнүгэр испэктээкил туруорурохпун баҕарабын», — диэбитинэн киирэн кэлбитэ. Биһиги сөбүлэспиппит. Атын режиссер, ураты буочар, сайдыылаах сир тыына — ону барытын көрөөччү ылынна. Оттон мин испэктээкилбин манна кэлбит тыыл бэтэрээннэригэр анаан соһуччу бэлэх курдук оҥордубут, — диэн санаатын үллэһиннэ Руслан Тараховскай. Кырдьык да, соһуччу бэлэх буолла!

Ити курдук, Улуу Кыайыы күнүгэр аналлаах Орджоникидзе болуоссатыгар ыытыллыбыт дьоро тэрээһин бэтэрээннэргэ умнуллубат күнү бэлэхтээтэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

 Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0