Орджоникидзе болуоссакка иитээччилэр быыстапкалара тэрилиннэ
Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Орджоникидзе болуоссатыгар Саха сирин бастыҥ иитээччилэрэ бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрөр быыстапка тэрийдилэр, маастар-кылаас биэрдилэр. Кырдьыгын эттэххэ, ити курдук хабааннаах быыстапкалары урут улахаҥҥа уурбат этим. Быйыл үлэбинэн саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри харыс да халбарыйбакка баһыттан атаҕар диэри кэрийэн көрдүм итиэннэ олус биһирээтим.
edersaas.ru
Аммалар
Амматааҕы “Сардаана” оҕону сайыннарар киин дириэктэри иитэр, методическай үлэҕэ солбуйааччыта Диана Попова тустаах уһуйааҥҥа консультациялыыр методическай киин хайдах олоххо киирэн эрэрин туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, балтараа сыл анараа өттүгэр уһуйаанынан хабыллыбат оҕолору кытта үлэни ыытыы саҕаламмыт. Ол чэрчитинэн 1-3 саастаах оҕолорун илдьэ төрөппүттэр уһуйааҥҥа кэлэн билсэллэр, дьарыктаналлар эбит. Салгыы “Сардаана” уһуйааҥҥа уочаракка турар 3-гэр диэри саастаах оҕолорго дьиэлэригэр баран үлэлэһэр былааннаахтарын кэпсиир. Консультациялыыр методическай киининэн хабыллыбыт оҕолор уһуйааҥҥа бардахтарына адаптацияны түргэнник ааһаллар диэн этэр.
Психолог Мария Филиппова араас оонньуулары оҥорбуттарын көрдөрөр. Ол курдук, таҥас туттарар прищепкаттан, баттах туттарар эрэһиинэттэн саҕалаан толкуйдаммыт оонньуурдар нөҥүө оҕо өҥү араара үөрэнэр, ахсааны үөрэтэр, тарбаҕа сайдар диэн быһаарар. Тарбахтарын имитэр туһуттан тимэхтэрдээх анал араас оонньуурдары толкуйдаабыттар.
Онтон логопед Анна Дьячковская: “Маҥнай оҕолор саамай ыарырҕатар “л”, “с”, “р” дорҕооннорго сахалыы босуобуйа оҥорбутум. Салгыы “Ыраастык саҥар” диэн кинигэни бэлэмнээбитим. Онтон ити этиллибит уустук дорҕооннорунан хоһоон айбытым. Дорҕоонноро барыта биир итиэннэ дьүөрэлэһэр буолан оҕо түргэнник ылынар, устунан дорҕоону саҥарарга үөрэнэр”, — диэн санаатын үллэстэр. Анна Семеновна тустаах босуобуйаларынан педагогическай дьаарбаҥкаҕа кыттан, “Бичик” кинигэ кыһата биһирии көрөн “Дорҕоон көрдөөх хонуута” диэн кинигэни таһаартарбыта үгүс төрөппүттэргэ күн бүгүҥҥэ диэри туһалыы сылдьар. Бу да сырыыга ол кинигэтин эмиэ кыбынан кэлбит.
Салгыы Амма өрүс тааһыгар араас ойуулары түһэрбиттэригэр хараҕым кэтиллэ түһэр. Маҕаһыынтан атыылаһа барбакка, уһуйаан худуоһунньуга Наталья Гермогенова ити курдук таастары ойуулаан биэрэринэн, иитээччилэр оҕолору дуобат тумара толоонугар уһуйуллар эбит. Худуоһунньук “Тааска түспүт остуоруйа” диэн анал босуобуйалаах. Ол чэрчитинэн араас үлэлэрин сүрүн өттүн, дидактическай үлэлэрин аҕалтаабыт.
Уһуйаан эбии үөрэхтээһиҥҥэ хореограба Марина Еремеева “Чөмчүүк” диэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕону үҥкүүгэ сыһыарыыга бырагырааматын, иитээччи Александра Тимофеева “Үнүгэсчээн” диэн Амма улууһун суруйааччыларын айымньыларын кырачааннарга хамсаныы нөҥүө билиһиннэрэр, үөрэтэр бэйэлэрин авторскай босуобуйаларын илдьэ кэлэн көрдөрүүгэ уурбуттар. Дириэктэри солбуйааччы Диана Попова оҕуруо нөҥүө оскуола иннинээҕи үөрэх бырагырааматын барытын кэриэтэ хабыахха сөп диэн кэпсиир. Ону туоһулуур босуобуйатын көрдөрөр. Ылыстахха барыта да кыаллыан сөп эбит.
Бүлүүлэр
Болуоссат кытыытын диэки биир иитээччи мас аттарынан оҕолорго куоталаһыннарыыны тэрийбитэ болҕомтобун тарта. Хайа эрэ түгэҥҥэ ипподромҥа ат сүүрдүүтүгэр олорор курдук санаалар киирэн ыллылар. Оҕолор иитээччиттэн арахпакка мусталлар. Кыра сабыы иһигэр психолог оҕону кытта үлэлии, таһыгар икки педагог остуол оонньуутугар үөрэтэ олороллор. Кэпсэтэн билбитим, Бүлүү куоракка үс сыллааҕыта эрэ тэриллибит “Алёнушка” уһуйаан үлэһиттэрэ эбит. Математика учуутала Н.И.Чербохова кырачааннары саахымакка, остуол араас оонньууларыгар уһуйар, оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар эбит. Оҕо 3 сааһыттан оонньуур кыаҕын үөскэтэн, “уксаан”, “крестики-нолики” оонньууну маһынан кыһан уустугурдубут барыйаанын, о.д.а. оонньуулары толкуйдаабыттар. “Ипподром” диэн ат сүүрдэр оонньууну уһуйааннарын сэбиэдиссэйэ М.Г.Гаврильева толкуйдаабыт, үлэһиттэрэ К.К.Григорьев ону иилэ хабан ылан олоххо киллэрбит. Аттынааҕы остуолга фетртан иитээччилэр, төрөппүттэр оҕо тарбаҕын, өйүн-санаатын сайыннарар, билиитин хаҥатар араас оонньуурдара сыталлар. Айылҕаны кэтээн көрүү, остуоруйаны толкуйдааһын… Быһатын эттэххэ, дьиэҕэ ыһылла, бөх-сыыс буола сытар матырыйаалы туһаҕа таһаарбыттар, бэркэ толкуйдаабыттар. Иитээччи Надежда Чабыева хас биирдии сэҥээрбит киһиэхэ хайдах оҥоһулларын, оонньонорун барытын салгыбакка кэпсиир.
Уһуйаан педагог-психолога Елизавета Прокопьева: “Бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа биһиги сүрүннээн бырайыак чэрчитинэн кэллибит. “Педагогическай десант 21” диэн сүбэлиир-амалыыр, үөрэтэр бырайыактаахпыт. Бырайыакпыт уратыта диэн – араас тэрилтэлэринэн сылдьан тустаах аудиторияҕа сөптөөх педагогическай иһитиннэриини тиэрдэбит. Оҕону иитии, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы, дьиэ кэргэн оҕону кытта оонньууругар сөптөөх оонньуулары көрдөрөбүт, билиһиннэрэбит, сүбэ-ама биэрэбит.
Аныгы кэмҥэ ураты сайдыылаах, иитиилээх оҕо ахсаана үксүү турар. Төрөппүт бэйэтэ педагогическай өттүнэн билиилээх-көрүүлээх буоллаҕына эрэ оҕотугар көмөлөһүөн, кинини сайыннарыан, өйүөн сөп. Астарын астыыр, таҥастарын бэрийэр – ол тутах. Оҕону кытта элбэхтик кэпсэтиэххэ, бииргэ оонньуохха, бэйэҕэ, үлэҕэ, олоххо сыһыарыахха наада. Биһиги ол туһунан кэпсиибит. Онон аудитория уратытын, сааһын, баҕатын барытын учуоттуур ирдэнэр. Эрдэттэн бэлэмнэнэн, иккилии-үстүү буолан тэрилтэлэргэ тиийэбит. Маҥнай оҕо саадтара манна тугу гына кэллилэрий диэх курдук көрсөллөрө. Кэлин олус биһирээтилэр, ыҥырыыга сылдьар буоллубут.
Бүгүн манна миэхэ элбэх оҕолоох төрөппүттэр кэлэн бардылар. Экспресс-диагностика диэн бырагыраамалаахпын. 20-чэ мүнүүтэ иһигэр оонньуу быһыытынан сааһыттан көрөн садаанньа толотторобун. Оҕону кэллиэгэлэрим оонньотор бириэмэлэригэр төрөппүттэригэр кырачааннара хайдах сайдан иһэрин кэпсиибин, туохха көмөлөһүөххэ наадатын ыйан-кэрдэн биэрэбин. Төрөппүттэр интэриэстээхтэр, элбэҕи ыйыталаһаллар. Ол үөрдэр”, — диэн санаатын кэпсиир.
Талба талааннаах иитээччилэр
Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарын уһуйааннарын үлэһиттэрэ кэлэн, Дьокуускай куорат олохтоохторугар интэриэһинэй бырайыактарын кэпсээтилэр, маастар-кылаастары биэрдилэр. Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин оҕо саадын иитээччитэ Сардаана Охлопкова фоамерынан куукула оҥорууга биэрбит маастар-кылааһыгар, мин көрдөхпүнэ, саамай элбэх киһи тоҕуоруспут. Дьокуускайдааҕы кэллиэгэлэрэ миэстэҕэ тииспэккэ таһыттан көрө тураллар. “Хатырыкка ыҥырар буоллаҕына онно даҕаны тиийиэхпит этэ”, — дэһэллэр.
Покровскай куорат “Сардаана” оҕону сайыннарар киинин иитээччитэ Марианна Скрыбыкина кумааҕыттан квиллинг (кумааҕыны эрийии) ньыматынан эриэккэс үчүгэй хартыыналары айан таһаарбыт. Киһи эрэ сөҕүөн курдук.
Түмүк
Ити курдук хабааннаах быыстапкалар төрөппүккэ, иитээччигэ, оҕоҕо олус туһалаахтар эбит. Көрдөрүүнэн эрэ муҥурдаммакка иитээччилэр оҕотутан кырдьаҕаһыгар тиийэ маастар-кылаас биэрдилэр, оҕо сайдыытын таһымын бэрэбиэркэлээтилэр, оонньуур, оонньуу арааһын көрдөрдүлэр. Тус бэйэм иитээччилэр оҕону кытта дьарыктарын, маастар-кылаастарын биһирии көрдүм. Инникитин тустаах тэрээһин туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ эрдэттэн иһитиннэриэх, биллэриэх баара эбит дии санаатым. Быыстапкаҕа сылдьан баран иитээччи талаана муҥура суоҕун өссө биирдэ итэҕэйдим. Бииртэн-биир, кэрэттэн кэрэ, сэдэх, эриэккэс үлэлэр, оонньуурдар арылла тураллар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.