Киин куоракка оптуобустарга тохтобуллары 2011 сылтан биллэрэр буолбуттара. 2014 сылтан сахалыы эмиэ биллэрэр буолбуттарыгар, бастаан истэргэ, олус үчүгэй курдуга.
edersaas.ru
Ол эрээри, биллэрии тылбааһа сыыһалардаах этэ. Холобур, үгүс дьон кулгааҕын аалбыт “Центральнай аатынан тохтобул”, “Восьмой Марта аатынан уулусса”, “Теплай күөл”, о.д.а. биллэриилэр эдэр ыччаты сыыһа саҥарарга үөрэтэллэрэ саарбаҕа суох. Куорат оҕолоро онтон да суох сахалыы ыраастык саҥаралларын ыарырҕатар буолуохтаахтар.
Бу сыыһалары көннөрөр туһунан Гуманитарнай чинчийии института этии киллэрбитэ.
Тохсунньу 29 күнүгэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедратын уонна Гуманитарнай чинчийии институтун учуонай-филологтара Дьокуускай куорат дьаһалтатын кытары көрсүөхтэрэ.
Тыл үөрэхтээхтэрэ көннөрүллүбүт тиэкистэри аҕалан көрдөрүөхтээхтэр. Оскуолалар, поликлиникалар тохтобулларыгар «нүөмэрдээх» диэн тылы ылан кэбиһээри гыналлар. Холобур: “иккис нүөмэрдээх успуорт оскуолата” оннугар “успуорт иккис оскуолата”.
Бу көннөрүүлэри куорат дьаһалтатыгар бигэргэттэхтэринэ, дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспаҕа ыытыахтара. Сулууспа предпринимателлэри (оптуобус суоппардарын) уонна диктордары кытары үлэлэһэн, тохтобуллары сахалыы сөпкө саҥардарга үлэлэһиэҕэ.
Ити курдук, киин куоракка саха тылын эйгэтэ кэҥиир уонна сааһыланар.
Cанаа
Дария Макарова, куорат олохтооҕо:
— Оптуобуһунан куруук сылдьар буолан, ити биллэриилэри истээччибин. Араадьыйаҕа Дапсы эппитинии, өссө биһиги айаннаабат маршруттарбытыгар хайдах биллэрэн эрэллэрэ буолла. Биир бэйэм “Сэбиэскэй аатынан уулусса”, “Сайсаар күөлүн муостата”, “Сайсаар тохтобула” диэни истэн, киһи хомойор ээ. Дьиҥэ, Сайсары эмээхсин аатынан ээ. Ити саҕалааһыны өйүүбүн. Өссө тыл үөрэхтээхтэрэ тиэллэ сылдьан, куорат кытыытынааҕы маршруттары эмиэ ырытан көрүөхтэрин наада дии саныыбын.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru