Оптуобус төлөбүрүн саҥа систиэмэтин киллэрии ахсынньы 1 күнүгэр диэри көстө
Дьокуускай уокуруга иһитиннэрбитинэн, быйыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн куорат иһигэр уонна аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга сылдьар оптуобустар бырайыастарын төлөбүрүгэр дифференцированнай систиэмэ киириэхтээх этэ. Ол уларыйан, алтынньы 1 күнүттэн диэн буолбута. Бу күннэргэ ахсынньы 1 күнүттэн киирэр буолбутун туһунан иһитиннэрдилэр.
Быһаарар буоллахха, пассажир төһө элбэхтик оптуобус өҥөтүн туһанар да, соччонон билиэт сыаната чэпчэки буолуоҕа. Саҥа систиэмэҕэ икки анал каарта туһаныллыаҕа: «Алмазэргиэнбаан» транспортнай уонна «УльтраЛайт» диэннэр. «Алмазэргиэнбаан» каартата туһаныллыбыта ыраатта, онон нэһилиэнньэ үчүгэйдик билэр.
«УльтраЛайт» каарта диэн тугуй? Бу – оптуобус өҥөтүн иһин төлөбүр саҥа систиэмэтэ, судургутук быһаардахха, электроннай кумааһынньык. Саҥа систиэмэ «УльтраЛайт 20», «УльтраЛайт 40» уонна «УльтраЛайт 60» диэннэргэ арахсаллар. Балартан саамай чэпчэки сыаналааҕынан, «УльтраЛайт 60» буолуоҕа. 20, 40 уонна 60 диэн сыыппаралар оптуобус өҥөтүн хаста туһаныахха сөбүн көрдөрөллөр. 20-лээх 20, 40-наах 18, 60-наах 16 солк. буолаллара былааннаныллар.
Эксперт санаата
Павел Трофимов, Дьокуускай уокуругун транспортнай үлэни тэрийиигэ уонна хонтуруоллааһыҥҥа отделын начаалынньыга:
— Анал оборудованиены (бырайыаһы төлүүр электроннай систиэмэ) оптуобустарга туруоруу хойутаан, ахсынньы 1 күнүгэр диэри көһөн биэрдэ. Куорат үрдүнэн 700-кэ оптуобуска туруоруохтаахпыт. Сакаастаабыт тэрилтэбит оборудованиены кэмигэр оҥорбокко, бытаарыы таҕыста.