Оптоволокно ситимэ аны Анаабырга тиийиэҕэ

Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Анал этиилээх быһа эпииргэ таҕыста.

Кини пандемия кэмигэр интэриниэт ситимэ баар буолан ыарыыны утары охсуһуу үлэтэ арыый чэпчээбитин бэлиэтээтэ:

«Пандемия кэмигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн цифровой сервис өҥөтө улаханнык  туһалаабытын бары көрдүбүт. Ахсынньы  2 күнүгэр оптоволокно ситимэ Өлөөн киинигэр тиийдэ. Аны сотору Анаабыр оройуонугар тиийиэҕэ. Уопсайа 1,5 тыһыынча уһуннаах  оптоволокно ситимэ тиийдэ, 10 улууска оҥоһулунна. 709 оскуола, балыыһалар холбононнор, пандемия кэмигэр оҕолорбут дьиэттэн олорон үөрэннилэр, 15 тыһыынча киһи бу сервис өҥөтүнэн быраастартан быһаччы сүбэ-ама ыллылар. Көмө оҥорор суһал кииннэр үлэлэрэ арыый чэпчээтэ. Аны 2021 сылга 500 социальнай тэрилтэ оптоволокноҕа холбонуоҕа. 48 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа оптоволокно тиийиэҕэ»,- диэн эттэ.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0