Дьиэҕэ олорор эрэсиими тутуһар кэмҥэ үгүс киһи урукку кэмҥэ ыра санаа оҥосто сылдьыбыт баҕа санаатын олоххо киллэрдэ, бэйэтигэр үгүс туһалааҕы оҥордо.
edersaas.ru
Суорун Омоллоон аатынан опера тыйаатырын ырыаһыта Петр Бучугасов – кинилэртэн биирдэстэрэ. Бүгүн сэһэргиир дьоруойум Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгиттэн төрүттээх.
— Уустар хааннара эбээбиттэн Елена Илларионовнаттан бэриллибит буолуон сөп. Быйыл төрөөбүтэ 100 cылын туолар. Кини иистэнэр, туос оҥоһуктары тигэр, этэрбэс улларар этэ. Ону мин кыра эрдэхпинэ көрө сылдьан улааппытым. Ол да иһин улахан уолбун эмиэ бэйэбин кытта илдьэ сылдьан, уһанарга, бултуурга үөрэппитим. Онон оскуолатын бүтэрэригэр барытын сатыыр, — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр Петр.
Дьиэҕэ олоруу кэмигэр – туһалаах дьарык
Дьиэҕэ олоруу эрэсиимин иннинэ аҕай Петр убайынаан уонна күтүөтүнээн Кыйыга олорор дьонноругар үс күн иһигэр профлииһинэн уонна тимир турбаларынан 30 миэтэрэлээх олбуору туппуттар.
Гарааһыгар туттарыгар тимир ыскаап оҥостубут. Онон тээбиринэ билигин орун-оннугар бэйэтин миэстэтигэр турар. Кыра уола сылдьар уһуйааныгар “Колобок” дьиэтин туппут.
Тимиринэн уһаныы – ураты дьарык
Бу тимир чыскыны, ордубут тимир тобохторуттан оҥорбут. “Муннуга – 1 см тимир лиис уонна “үйэтин моҥообут” эргэ домкрат үөһүттэн оҥоһуллубута.
Ол-бу уһанарга тутуһар-хабыһар, эбии илии-атах буолар. Холобур, ити чыскыга ытыттаран туран, үүттүөххэ да, эрбиэххэ да сөп”, — диэн кэпсиир Петр.
Тимиринэн массыына бампердарын оҥорор. “Бултуурга, тыа уустук усулуобуйатыгар сылдьарга, кытаанах тургутууну эрэллээхтик туоруурга, анаан халыҥ тимиртэн оҥоһуллар”, — диэн санаатын үллэстэр ырыаһыт уус.
Оттон бу тимир сиэйпэни киһи собуот оҥоһугун маҕаһыынтан атыыластым диэх курдук. Уус саа сиэйпэтин эмиэ оҥорор.
Ырыаһыт маһы эмиэ ыллатар
Опера ырыаһыта алта муннуктаах беседка оҥорбут. “Бэс хаптаһынынан былырыын сайын улахан уолбунаан биэс-алта күн туппуппут.
Чугас аймах уолаттар илии-атах буолан көмөлөспүттэрэ”, — диэн кэпсиир сэһэргэһээччим. Онон ырыаһыт маһы эмиэ ыллатар уус буолан биэрдэ.
Булчут бэрдэ
Сатабыллаах Петр Бучугасов аны айылҕаҕа таҕыстар эрэ, тугу барытын умнар.
“Кэлин ыал буолан баран, булка сыстыбытым. Убайдарбын уонна доҕотторбун кытта булт араас көрүҥэр сылдьабын. Саха киһитигэр булт – туспа абылаҥнаах”, — диэн санаатын үллэстэр булчут ырыаһыт.
“Похти” аны солист оҥордо
“Хор тыйаатыр туруорар бары испэктээктэригэр кыттар. Хормейстербыт РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Октябрина Птицына”, — диэн кэпсиир ырыаһыт.
Тыйаатыр артыыһа Петр Бучугасов ааспыт сезоҥҥа “Юко уонна Анеке” диэн испэктээххэ солист быһыытынан бастакы сүрэхтэниитэ буолбут. Онно «Похти» диэн сүрүн дьоруой убайын толорбут.
… Ити курдук, опера ырыаһыта Петр Бучугасов бары өттүнэн сатабылын көрдөрөн, “Талааннаах киһи барытыгар талааннаах” диэн бэргэн этиини толору бигэргэттэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru