“Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа” бочуоттаах ааты иҥэрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа.
Өрөспүүбүлүкэҕэ култуура, музыкальнай уонна тыйаатыр искусствотын сайдыытыгар уһулуччу кылаатын, өр сыллаах таһаарыылаах айар үлэтин иһин бочуоттаах ааты иҥэрэргэ
“Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай артыыһа”
Петров Григорий Борисовичка, “Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатыра” судаарыстыбаннай тэрилтэ опера солиһыгар, Дьокуускай куорат.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана
Дьокуускай к.
2017 сыл муус устар 24 күнэ
1860 №-дээх.
Григорий Петров М.П.Мусоргскай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбаннай консерваторияны бүтэрбитэ. Кини лирическэй тенордаах, күүстээх тембрдээх биллэр ырыаһыт. Уралга үөрэнэр кэмигэр “Барҕарыы” фонда стипендиата буолбута.
Опернай ырыаһыт 50 тахса теноровай лирическэй партиялары толордо. Москваҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы “Москва –эйэ куората” уонна “Кэрэ аан дойдуну быыһыаҕа” фестивалларга кыттан, бастыҥ тенор-ырыаһыт аатын ылбыта. Хотугу Кипргэ буолбут түүр тыллаах норуоттар опернай фестивалларыгар ыллаабыта. Аан дойду тыйаатырдарын сценатыттан кини кэрэ куолаһа иһиллибитэ.