Оонньуулары көрсөр Архипов

Ааптар: 
06.12.2017
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Анал этиитигэр бары эйгэнэн ыытыллар үлэни-хамнаһы хапта, ол иһигэр аны сайын, атырдьах ыйын 1-5 күннэригэр, Аммаҕа былааннанар Саха сирин норуоттарын VII спортивнай Оонньууларын үрдүк таһымҥа тэрийэр соругу туруорда. Онон Амма улууһун баһылыга Николай Архиповы кытары сэһэргэһиибит бу тиэмэттэн саҕаланна.

edersaas.ru


Дьоһуннук көрсөр  туһугар

— Николай Архипович, улуус үлэтэ-хамнаһа барыта Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар ананар буолуохтаах.

Кырдьык, Оонньуулары көрсөр тэрээһин үлэ өссө иллэрээ сылтан саҕаламмыта. Быйыл “Олимпик” лааҕыр,  “Дружба” спортсаала сөргүтүлүннэ. Бары нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт ырааһырдыы, тупсарыы, көҕөрдүү үлэлэрэ тымныы түһэн тохтотулунна, аны саас салҕаныа. Билигин түөрт улахан эбийиэк: Аммаҕа кыһыҥҥы манежтаах стадион уонна элбэх функциялаах спортсаала, Бөтүҥҥэ адаптивнай спорт саалата, Чапчылҕаҥҥа спортсаала тутуллаллар. Маны сэргэ Бөтүҥҥэ саҥа оскуола тутуута саҕаланна, эһиил баччаҕа үлэҕэ киллэриллиэ. Аны ипподром оҥоһуллуо, Бөтүҥҥэ, Аммаҕа оскуола хочуолунайдара өрөмүөннэниэхтэрэ, саҥа стадиону уонна Ыччат микро-оройуонун сылытар хочуолунай туруоруллуо. Бэстээх суола оҥоһуллуо, бу сылларга олус ноҕуруускаланна. Оттон пуондаҕа харчыны хомуйуу уонна ыспарсымыаннары бэлэмниир үлэ тиһигэ быстыбат. Саха сирин олимпийскай оонньууларын дьоһуннук көрсөр туһугар үлэ-хамнас ити курдук баран иһэр. Кэлэр сыллары сырдаттахха, 2021 с.  Олоҥхо ыһыаҕа биһиэхэ ыһыллыа, 2022 с. өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит, онон сибээстээн былаан элбэх. Быһата, үлэлиэх диэтэххэ, үлэ – үгүс.

Уон сэттэ хотон!

— Сопхуостар ыһыллыбыттарыгар биирдиилээн бытарыйбатаххыт  түмүгэр, олохтоох производствоҕа улахан болҕомто ууруллубут кэмин  идэтийбит, бөдөҥ  хаһаайыстыбалардаах көрүстүгүт.  

— Сүрүн дьарыкпыт тыа хаһаайыстыбата буоларын быһыытынан, сүөһү-сылгы ахсаанын уонна бородууксуйа оҥоһуутун элбэтиигэ утумнаахтык үлэлиибит. Онуоха улахан хаһаайыстыбаларбытыгар тирэҕирэбит. Кыстыгы окко, сиилэскэ былааммытын толорон уонна 17 хотону тутан көрүстүбүт. Ол иһигэр, Сатаҕай кэпэрэтиибигэр 120 ынахха анаммыт комплекс, Бөтүҥ уонна Абаҕа кэпэрэтииптэригэр үс сыллааҕыта тутуллубут комплекстар иккис уочараттара үлэҕэ киллэрилиннэ, Соморсун агрокластерыгар биэс хотон оҥоһулунна. Бу үс кэпэрэтиип былырыын-быйыл Алтайтан холбоон 240 симменталь ынаҕы аҕалан, сүөһүлэрин боруодатын тупсардылар, билигин үүтү сайыҥҥылыы ыыллар. Норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Емельянов аатын сүгэр “Амма“ кэпэрэтиип үүт соҕотуопкатыгар былаанын мэлдьи толорор, кэлиҥҥи сылларга сыр оҥоһуутун баһылаата, Москваҕа ыытыллыбыт “Көмүс күһүн – 2017” быыстапкаҕа сырынан уонна дьэдьэн барыанньатынан кыһыл көмүс мэтээли ылла. Буойунатын үлэҕэ киллэрэн, үрүҥ аска, ыраас ууга уонна сир аһыгар үлэлиирин таһынан эккэ салаатын кэҥэтэн эрэр.

Бурдук уонна “Уһук Илин гектара”

— Амма улууһа туорахтаах култуураны үүннэриигэ өрөспүүбүлүкэҕэ инники күөҥҥэ сылдьар, дэлэҕэ “Саха сирин Украината” аатырыа дуо?

— Сыл ахсын бурдугу 6 тыһ. гектарга ыһабыт, бааһынабытын кыралаан кэҥэтэн иһэбит. Быйыл 300 гектар чөлүгэр түһэрилиннэ, Болугур уонна Покровка бааһыналарын бүтэйдээһиҥҥэ улахан үлэ ыытылынна. Урбаанньыт Руслан Федотов улууска мэлдьи көмөлөһөр, билигин саамай элбэх ыһыылаах ”Амматааҕы” АУо-ҕа акционер буолла. Ил Дархан сорудаҕынан, кини хаһаайыстыбаны атаҕар туруорууга эппиэттээҕинэн ананна.

“Уһук Илин гектарынан” 1,5 тыһ. сайабылыанньа киирбититтэн, билиҥҥитэ 562  дуогабар түһэрилиннэ. Кырыс сири туһаҕа таһаарыынан сөргүтүллэн иһэн, сопхуос эстэн быраҕыллыбыт Булуҥ учаастагар сир ыларга сайаапка биэрбит дьон баҕа өттүлэринэн түмсүү тэринэннэр, кэлим тутуу бырайыагар үлэлэһэн эрэллэр. Инньэ гынан бу учаастак саҥа бөһүөлэктэри тэрийэр пилотнай бырайыакка киллэриллэн, саҥа тыыны ылар кэскиллэннэ!

— Итинэн ханнык баҕарар хамсааһын дьон көҕөр тирэҕирдэҕинэ,  таһаарыылаах буолар диигин?

— Оннук.

Космос аргыһынан  

— Сир 1990-с сс. үллэһиллибитинэн турар, инньэ гынан сирдэрэ тиийбэт хаһаайыстыбалар түүлэһэргэ күһэллэллэр. Онон сиргэ хонтуруолу күүһүрдэр санаалаахпыт. Космос аргыһынан түһэртэрэн ходуһабыт, бааһынабыт хайдах таҥастанарын, үүнэрин, төһө сир туһаныллыбакка хааларын быһаарыахпыт итиэннэ онно олоҕуран сирбитин-уоппутун бэрээдэктиэхпит. Сири космостан мониториннатыы айылҕа харыстабылыгар, уот туруутун сэрэтэргэ эмиэ наада.

— Маннык ньыма баарын саҥа истэбин…

— Бу технология Москва таһынааҕы былдьаһыктаах сирдэргэ уонна бурдуктаах уобаластарга туһаныллар, оттон Уһук Илиҥҥэ билиҥҥитэ кэлэ илик.

Интернет  уонна уот

— Технология диэбиккэ дылы, “субуотунньукпут биллэриилэрин батсаабынан тарҕатан абыранныбыт” диэн нэһилиэктэргит үөрүүлэрин үллэстэллэр. 

— “Эксперт групп” диэн чааһынай тэрилтэ бэйэтин суотугар оптоволоконнай сибээһи аҕалан, сибээспит биллэ күүһүрдэ. Онон интернет иллэрээ сыл  Аммаҕа, былырыын Эмискэ, быйыл Алтаҥҥа, Сатаҕайга, Покровкаҕа, Болугурга киллэрилиннэ, салгыы атын нэһилиэктэр хабыллыахтара. Ыал үксэ вай-файы холбонон интернеттэннэ, ватсаптанна. Аны цифровой телевидение киириэ, тоҕус нэһилиэккэ вышкалар туруоруллан эрэллэр, быйыл уон ханаал, эһиил эбии сүүрбэ ханаал көстөр буолуоҕа.

— Эһиги сүрүн кыһалҕаҕытынан уоккут мөлтөҕө быһыылаах дии?

— Чахчы, илин эҥээргэ биһиги эрэ уоппут мөлтөх, 35 кВтлаах. ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин, “Якутскэнергоны” кытары үлэлэһэн,   бырайыактыыр үлэтин саҕалаатыбыт. ГРЭС иккис уочарата үлэҕэ киирэн, илин эҥээргэ уот кыамтата күүһүрдэҕинэ, сэрэйдэххэ 2019 сылтан буолуо, үрдүк күүрүүлээх уоту Сулҕаччыттан Аммаҕа диэри аҕалтарыахпыт. Ити сайдарга улахан төһүү буолуоҕа. Билигин уоппут мөлтөҕө тутуу хаамыытын олус атахтыыр, бэл, пилораманы үчүгэйдик үлэлэтэр кыах суох.

— Ол да буоллар, киһи мыыммат тутуутун ыытаҕыт. 

— Оттон кыһалла сатыыбыт. Үп кырыычыгынан хочуолунайдарга чааһынай сиэктэри холбооһуҥҥа төһө да мораторий биллэрилиннэр, Сатаҕайга, Соморсуҥҥа уонна Чакырга саҥа хочуолунай дьиэлэрин туттубут. Оскуола өттүн

ыллахха, Бөтүҥ оскуолатын тутуута саҕаланна, салгыы Абаҕа, Амматааҕы лицей, Покровка, Эмис…. уочараттара кэлэн иһиэ. “Үтүө дьыала” чэрчитинэн Болугурга оҕо саада үлэҕэ киирдэ, билигин Чакыр, Покровка, Соморсун, Бөтүҥ уһуйааннара тутуллаллар. Онон сайдыыга дьулуһар, үлэни өрө тутар улууһум дьонугар-сэргэтигэр махтанабын!

Сэмсэ тыл

Максим Николаевич Сибиряков, норуот хаһаайыстыбатын  үтүөлээх үлэһитэ, 1977-1990 сс. ССКП Амматааҕы райкомун I сэкиритээрэ:  

— Амма кырдьаҕастара Николай Архиповы киэҥ-холку майгылаах, боппуруоһу дириҥник ырытан быһаарар, дьаһалтатын аппараатын хамсатар, дьону үлэ тула түмэр диэн хайгыыллар. Бэйэм хаста да көрсөн, тылын-өһүн истэн астыммытым.

Олоҕун олуктара

Архипов Николай Архипович

1969 с. муус устар 26 күнүгэр Амма сэл. төрөөбүтэ.

1991 с. Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун ветеринарияҕа салаатын бүтэрбитэ.

1991-2003 сс. — “Амма” сопхуос Покровкатааҕы отделениетын ветвраһа, Амма улууһун ветуправлениетын сүрүн исписэлииһэ.

2003-2006 сс. — Ветеринария өрөспүүбүлүкэтээҕи департаменын сүрүн исписэлииһэ, отдел начаанньыга.

2006-2007 сс. — өрөспүүбүлүкэтээҕи ветеринарнай-чинчийэр лаборатория дириэктэрэ.

2007-2015 сс. — “Россельхознадзор” Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын солбуйааччы, салайааччы.

2015 с. кулун тутар 15 күнүттэн Амма улууһун баһылыга.

Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0