Егор Ильин, Үөһээ Бүлүү 4 №-дээх орто оскуолатын учуутала:
—Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар бэлиэтииллэринэн, олохтоохтор бэйэлэрэ да этинэллэринэн, үбүлүөйдээх «Манчаары Оонньуулара» үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Бу үөһээ-бүлүүлэр кыралыын-улаханныын хас да сыллаах күүстээх түмсүүлээх үлэлэрин түмүгэ дии саныыбын. Бу оҕолорум уонна кэргэним Оонньуулар тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытыннылар. Билигин дьиэ кэргэнинэн күрэхтэһиилэри көрө сылдьабыт.
«Манчаары оонньуулара» биһиэхэ ыытыллалларын истээт, үөрбүппүт. Бу бэртээхэй стадион, спорт кииннэрэ, былаһааккалара кэнчээри ыччаттарбыт эт-хаан, өй-санаа өттүнэн эргиччи сайдыылаах дьон буола улааталларыгар төһүү буолуохтара диэн эрэллээхпин.
Роман ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1