Оҕо оонньуохтаах. Бу этиини утарар төрөппүт суоҕа буолуо. Ол эрээри кэнники кэмҥэ оонньуу диэн оҕону аралдьытар эрэ ньымаҕа кубулуйан эрэр курдук. Мэһэйдээбэтин, аралдьыйдын диэн оҕо илиитигэр төлөпүөнү, планшеты туттаран кэбиһэр төрөппүт аҕыйаҕа суох. Аны урукку курдук оҕолор күнү быһа таһырдьа сүүрэн-көтөн оонньообот буоллулар. Оннооҕор тыа сиригэр оннук көстүү баар.
Оччотугар, оонньуу диэн оҕоҕо туох суолталааҕый?
Олох – оонньуу. Оонньуу – олох
Оонньуу нөҥүө оҕо бэйэтин көрдөрөр, бэйэтин булар. Кини киһи быһыытынан ис эйгэтин оҥостор. Оонньуур кэмигэр кини көҥүл, хайдах баҕарар, тугу баҕарар гыныан сөп. Оҕо оҥорон көрөр дьоҕура (фантазията), уобарастаан көрүүтэ олус баай. Кини мас сыыһын да тыыннаах куукула курдук саныан сөп. Бадараантан бэрэски оҥорон баран, дьиҥнээхтии аһыы олорор курдук сананыаҕа. Оонньуу олорон саамай кыраһыабай, үтүө санаалаах принцесса, саамай күүстээх бухатыыр, булугас өйдөөх айанньыт буолуон сөп. Ыйга да ыттыа, муора да түгэҕэр түһүө, ыалдьыбыт дьону эмтиэ, бүтүн дойдуну быыһыа, баһаары умулларыа, куораттары тутуо…
Кырачаан киһи олоҕор туох эрэ бөрүкүтэ суох быһыы-майгы тахсыбыт буоллаҕына, кини ону оонньоон көннөрүөн сөп. Холобур, оҕо саадыгар Хаарчаана буолуон баҕарбыт эрээри, киниэхэ атын оруол тиксибит. Дьиэтигэр кэлэн кини Хаарчаана буолан оонньуур, сценарийы хаста да хатылыыр. Ол аата хомойбутун аһардар, кыаллыбатаҕын кыайар, баҕа санаатын олоххо киллэрэр. Оҕо оонньуу олорон, бастатан туран, ис сүрэҕиттэн иэйэр-куойар, итэҕэйэр, үөрэр-көтөр. Онон эмоциятын баһылыы үөрэнэр.
Кыра оҕо үтүктэн үөрэнэр. Айылҕаттан оннук анаммыт. Саҥара, хаама да илигинэ, төрөппүттэрэ кинини кытта кэпсэтэр, үөрэр-көтөр буоллахтарына – кини улахан дьон эмоциятын олус түргэнник ылынар. Оннооҕор сирэйдэрин хайдах эрэ тутуннахтарына, ытаан киирэн барыан сөп.
Оҕо оонньоон улахан олоххо бэлэмнэнэр. Холобур, кыра кыыс ыаллаах буола оонньуур: элбэх оҕолордонон, онтуларын көрөр-харайар, аһатар-сиэтэр. Ол аата ийэ буоларга бэлэмнэнэр. Дьон ханнык эрэ түгэҥҥэ хайдах быһыыланарын үтүктэн, кини социальнай сыһыаннарга үөрэнэр. Саастыылаахтарын кытта оонньууругар атын дьон баҕатын, дьайыытын аахсар, убаастыыр, бэйэтин дьайыытын көннөрүнэр. Оонньуу быраабылатын тутуһар. Бу хаачыстыбалар кини оҕо саадыгар, оскуолаҕа барарыгар олус наадалаахтар. Кыра эрдэҕинэ ситэ оонньооботох оҕо улаатан баран дьону кытары биир тылы буларыгар ыарахаттары көрсөр диэн учуонайдар дакаастаан тураллар.
Оонньуу оҕо өйүн-санаатын эрэ буолбакка, личность быһыытынан сайыннарар… Аралдьытар эрэ ньыма буолбатах, улахан олоххо бэлэмниир.
Оонньуур туһата
Үгүс төрөппүттэр оҕолорун кытары сатаан оонньооботтор. Куукуланы саҥардыы, массыынаны сырыһыннарыы, омос көрдөххө, олус ыарахан буолбатах курдук да, дьиҥнээхтии үлүһүйэн, оҕону кытта тэҥҥэ оонньуур улахан киһи суоҕун кэриэтэ. Ол кэриэтэ бэйэтэ саҥарар оонньуурдары, төлөпүөнү туттаран кэбиһиэҕэ. Кэнники кэмҥэ оҕо фантазиятын сайыннарбат, улахан киһи малын үүт-үкчү үтүгүннэрэр оонньуурдар элбээтилэр.
Судургу оонньуурдар тоҕо наадаларый?
Оҕо төһөнөн кыра да, оонньуура эмиэ судургу, бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр буолара ордук. Холобур, 2-3 саастаах оҕоҕо кыра куукуланы аһатан, таҥыннаран, утутан, саҥардан оонньотуу кини сааһыгар, интэриэһигэр сөп түбэһэр. Кини доҕорун курдук буолар. Оттон сирэйэ кырааскалаах, түөстээх, хобулуктаах куукуланы кини өйдөөбөт. Араас монстрдар, ооҕуй оҕус курдук киһи, ниндзя чараппаахылар, өлүк курдук куукулалар, о.д.а. саҥа аан дойдуну билэ сатыыр киһичээҥҥэ наадата суохтар. Ону ааһан, куттуохтарын, сыыһа өйдөбүлү үөскэтиэхтэрин сөп.
Уопсайынан, улахан дьон малын-салын үкчү үтүгүннэриллибит, элбэх ымпыктаах-чымпыктаах, саҥарар-иҥэрэр оонньуурдар оҕоҕо туһата суохтар диэн психологтар бэлиэтииллэр. Тоҕо диэтэххэ, бэлэм оонньуур оҕо оҥорон көрөр дьоҕурун, баай фантазиятын сайыннарбат, ону ааһан, бэйэтэ быһаарыныы ылынарын хааччахтыыр. Оҕо көҥүлэ сарбыллар диэххэ сөп. Кунуопканы баттаа — оонньууруҥ ыллыа эбэтэр саҥарыа, онтон атын буолбат. Оҕо маннык хааччахтааһыҥҥа үөрэнэн хаалар. Оттон көннөрү өрбөхтөн оҥоһуллубут куукуланы кытта оҕо тото кэпсэтиэ, ыллатыа-ытатыа, араас түгэннэргэ киирэн тахсыа этэ… Инникитин бу маннык улааппыт оҕо олоххо буолар араас быһыыга-майгыга толорооччу эрэ буолар, атын тахсар суолу көрдүү сатаабат. Киниэхэ кыра эрдэҕиттэн бэлэм суолу булан биэрэллэригэр үөрэммит буолан, өйүн үлэлэппэт.
Оттон 4-7 саастаах оҕо бэйэтэ сюжетын толкуйдуур, оруоллары үллэрэн оонньотор. Онон улахан киһи истээччи, толорооччу эрэ буолар. Бу тэҥҥэ оонньуу сылдьан, төрөппүт оҕо хараҕынан көрөн, бэйэтин дьиэ кэргэнин, оҕо саадын, иитээччитин, доҕотторун туһунан элбэҕи билиэн сөп.
Ханнык баҕарар оонньуу оҕону туохха эмит үөрэтэр. Холобур, сасыһан оонньооһун оҕо хараҥаттан, кыараҕас сиртэн, соҕотох хаалартан куттанарын суох гынар. Хамсаныылаах оонньуулар сымса, хапсаҕай, тулуурдаах буоларга үөрэтэллэр. Оонньуу кэмигэр кыракый киһи үөрэнэр эрэ буолбатах, толору олоҕунан олорор. Ол иһин олоххо үөрэтиэххин баҕардаххына, оонньуу нөҥүө үөрэппит быдан туһалаах уонна түргэн.
Оруоллаах оонньуулар. 3 сааһыттан оскуолаҕа киириэр диэри оҕо оруоллаах-сюжеттаах оонньууларынан үлүһүйэр. Бу кэмҥэ кини атын киһи (быраас, учуутал, баһаарынай, циркач) оруолугар киирэр. Манна тэҥнээн көрөн, “мин бэйэм кимминий?” диэн ыйытыыга хоруй булар. Ону тэҥэ оруолун оонньуу олорон, атын дьон туһугар тус бэйэтин баҕатын хааччахтыыр, быраабыланы тутуһар (холобур, быраас эмтии олорон, хаһыытыы-хаһыытыы орон үрдүгэр ыстаҥалаабат). Бу оҕо оскуолаҕа киирэригэр бэлэмин, улахан киһи курдук буолуон баҕарарын көрдөрөр.
Түмүктээн эттэххэ, оонньуу оҕо олоҕор улахан суолталааҕын умнуо суохтаахпыт. Дьоллоох оҕо саас оонньуута суох буолбата чахчы.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru