Оо, олох (кэпсээн)

Ааптар:  Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах
03.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Сыл-хонук. Күн-дьыл, күлүмэхтэнэн, түргэнэ сүр. Мэхэйиил Бөтүрүөбүс, дьоҥҥо биллэринэн, Мэхээс бэҕэһээ эрэ курдук өйдүүр, тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн сопхуоска сүөһү биригэдьииринэн үлэҕэ киирбитэ.

Эдэр бэйэтэ эмэн буолла. Быйыл оруобуна 60-нун туолла. Сааһын тухары, биир сиртэн харыс халбарыйбакка, солбуллубат биригэдьииринэн үлэлээтэ. Сэбиэскэй кэм эстэн, сопхуостар ыһыллан даҕаны, кини отуо­рун хамсаппатылар. Үлэтин киниис­кэтигэр «1978 сылга сопхуоска үлэҕэ киирдэ» диэн эрэ сурулла сылдьар. Урукку сопхуос билигин «КП» диэн аатырар. Мэхээс манна даҕаны хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьар. Үлэтин дьиҥ-чахчы баһылаабыт киһинэн ааҕынар. Өскөтүн уурайар түгэнигэр, тэрилтэ ыһыллыан курдук саныыр. Кини КП-ны тутан олороругар бүк эрэнэр.

Бу, кыстыкка киирии өрөмүөнүн кэмигэр, тойоно Сэмэн Уйбаанабыс ыҥыттарбытыгар умса-төннө түһэн, сүүрэр-хаамар икки ардынан бэдьэ­йэн иһэр. Хонтуораҕа кэлбитэ, имириир тыыннаах баара биллибэт, арай, тойон сэкирэтээрэ, куп-кугас баттахтаах Агааса кыыс көмпүүтэрин тимэхтэрэ лаһырҕаан, хаппыт буор­га ат туйаҕын тыаһыныы лаһыгырыыр. Мэхээс кыыс кугас баттаҕын сөбүлээбэтэҕин биллэрэн көхсүн этиттэ. Тойон хоһугар төлөпүөнүнэн кими эрэ мөҕөрө көбдьүөрэн олорор. Агааса Мэхээһи көрөөт, бэчээттиирин да тохтоппокко, сэҥийэтинэн «аас» диирдии, аан диэки мылах гынна. Кыыс кып-кыһыл уоһа, хап-халыҥ хараҕын кырааската, оҥоһуу кыламаннара Мэхээскэ олуонатык көһүннэ. Улаханнык кэлэйдэ, иһигэр «араа­һынай үлэһиттэр» дии санаата.

«Бу үлүгэр күн былдьаһыгар киһини үлэттэн аралдьытар» диэн тойон кэбиниэтин аанын суоһурҕанан, сэниэлээхтик аһан киирдэ. Хортууһун быылын тобугар охсон тэбээн бурҕаҥнатта уонна остуолга илиитин таһынан бырахта. Онтукайа түннүгүнэн тыгар күн уотугар өрүкүйэн ала-чуотук көһүннэ. Тойон сөбүлээбэтэ, Мэхээһи хаһааҥҥы эрэ өстөөҕүн курдук,   өһөхтөөҕүнэн көрдө, тыла-өһө дьыбарсыйда:

– Мэхээс, эйигин манныкка ыҥыр­дым. Тэрилтэбитигэр каадырдары уларытар уолдьаста. Туох дии саныыгын?

– Ээ, сөп буоллаҕа, оннооҕор тимир элэйэр, – Мэхээс туох да кэтэх санаата суох эппиэттээтэ. «Солуута да суохха ыҥыран, үлэни харгыстыыр» диэн санаата. Аҕала сатаан ымайда.

– Биригэдьииринэн ити тыа хаһаа­йыстыбатын академиятын бүтэрбит Гирииһэ уолу анаары гынабын. Туох диигин? – Мэхээс, «сүөһү биригэдьииригэр наадыйбыт эбит» диэн:

– Ээ ол, Гирииһэ эдэрэ бэрт, хаһан дьону салайбытын баран, – Мэхээс олоппос хачыгырыан диэри тиэрэ ханарыйда, быар кууһунна, атаҕын халаачыктыы уурда.

– Эдэр диэ, оттон бэтэринээр Дуня хайдах буолуой? – Сэмэн Уйбаанабыс ортоку тарбаҕынан остуолу тобугуратта.

– Па, ол кыыс дьону хантан дьаһайан үлэлэтиэй. Билигин бу мин курдук кытаанах, эрэбил дьон наадалар.

– Оччоҕуна Түмэппийи туох диигин?

– Түмэппий син этэ даҕаны, испэт эрэ кэмигэр сылдьыа. Төлө барда да хаһаайыстыба ыһыллар.

– Бээрэ, оччоҕуна сөптөөх киһи суох диэтиҥ дуо? – тойон кумааҕыга тугу эрэ бэлиэтэннэ. Тургутардыы Мэхээһи одуулаата.

– Оннук курдук, – Мэхээс кэлэйбиттии чыпчырынна, баһын булкуйда. Ити туттунуута сүөргү баҕайытык көһүннэ. Тойон сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, ытыһынан остуолу охсон «лас» гыннарда. Мэхээс соһуйан ходьоҥ­ноото.

– Чэ, бар, тугу эмит толкуйдуохпут.

*  *  *

Мэхээс сарсыарда үлэтигэр кэлбитэ, хотон өрөмүөннээччилэр туох да кыһалҕата суох, сулламмыт бэрэбинэлэргэ табахтыы олороллор эбит. Үлэни кэтэспиттии сытыы сү­­гэлэр бэрэбинэлэргэ батары сааллыбыттар. Күн уотугар биилэрэ килбэ­йэр. Көнньүөрбүттэрэ сүр. Ылдьаа көрдөөҕү кэпсиирин  быыһыгар күргүөмүнэн күлсэллэр, айаҕар киирээри үмүөрүспүттэр. Мэхээс иһэ ыдьырыйда, тойон хаанын киллэрдэ:

– Күлсэ олоруоххут дуо?! Күн ыраат­та! Туруҥ! – дьоно, «бу ким кэлэн тойомсуйда» диэбиттии хайы­һан көрдүлэр, өссө табахтаары табахтарын хостоотулар:

– Биригэдьиирбитин күүтэбит. Тыраахтар көрдөһө барбыта, – Ылдьаа үөннээх баҕайытык көрдө, табаҕын буруотун үөһэ үрдэ.

– Ханнык биригэдьиир?! – Мэхээс өйдөөбөтө.

– Григорий Көстөкүүнэбиһи, – аны Сиимэн тылбай-өспөй буолла.

– Кимий ол, Григорий Көстөкүүнэбис?

– Гирииһэ уол, – Ылдьаа хоҥоруутугар хоннорботтуу сэлибирээтэ. Сирэйин кистээн күлэн мүчүҥнээтэ.

Мэхээс байааттаҥнаан ылла, бэрэбинэҕэ нэһиилэ тиийэн олордо. Билигин аҕай күлүмүрдүү турбут күһүҥҥү күнэ күлүгүрдэ. Мээнэнэн тулатын көрдө. Хараҕар тойоно өһөхтөөҕүнэн көрбүтэ көстөн ааста. Оо, олох…

Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах.

+1
2
+1
1
+1
1
+1
0
+1
2
+1
2
+1
1