Онтуон: «Биир үйэ бэлиэнэн — Сахабыт сирэ!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биир үйэ бэлиэнэн — Сахабыт сирэ!

Саха сирэ төрүттэммитэ
Сүүс сыллаах үтүөкэн күнүнэн,
Сайдар норуот сүрүн бэлиэтэ —
Саха биир кэрэ үйэтинэн!

Сүдү сыллар сүҥкэн суолларын
Аспыт чулуу урааҥхайдара,
Сөҕүмэр улуу суолталарын
Арыйбыт үс саха уолаттара!

Өрөгөй ырыата ылланар
Бүгүн туолла ыра санаабыт,
Өрөспүүбүлүкэбит ааттанар —
Бүтүн Арассыыйа буолабыт!

Кэнэҕэски ыччат өйдүөҕэ
Сайдар саҥа суолбут тыргыллыа,
Кэрэмэн кэскилин түстүөҕэ
Саҥалыы өйүнэн салаллыа!

Биир үйэ муҥурун тутаммыт
Биир сомоҕо күүһү биллибит,
Биир ньыгыл норуотун ааттааммыт
Биир санааҕа тиийэн кэллибит!

Онтуон.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0