«Онтон ордук дьол суох» (дьиҥнээх олохтон)

Ааптар: 
30.11.2022
Бөлөххө киир:

Сайын аҕалара хаайыыттан босхолонон кэлбитэ. Төhө да ыран-дьүдэйэн кэллэр, куолаhа сэниэлээх, чөллөркөй, санаатын туруга сэргэх этэ.
Алексей Ефимович реабилитацияланан, салайар дуоһунастарга үлэлиэн сѳптѳѳҕѳ быһаарыллыбыт этэ.
Онон кинини Арахлейга холкуос бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Арахлейтан чугас Тасей, Иван-Озеро, Преображенка диэн дьикти ааттаах нэһилиэктэр бааллара. Арахлей Читаттан син тэйиччи, 7-8 кѳстѳѳх сиргэ сытара.
Шелопугиннар малларын-салларын таһаҕас тиэйэр массыына аһаҕас куусабыгар тиэйэн Арахлейга кѳспүттэрэ. Онон, Павлушалаах Ксюша иккис кылааска атын оскуолаҕа киирбиттэрэ. Шелопугиннар оскуола оҕотун сабыс-саҥа куорматын кэппитинэн, үѳрэ-кѳтѳ сарсыарда аайы үѳрэнэ тэбинэллэрэ.
Павлушаны учуутала Катя Епифанцева диэн кылаас саамай кыраһыабай кыыһын кытта биир паартаҕа олордубута.

Иккис «б» кылаас уолаттара бары фарфор куукула курдук намчы Катяны сѳбүлүүллэрэ. Ким кистээн, ким аһаҕастык биллэрэн.
Кылаас «хоруола» Олег Каменскай, былдьыры тыллаах, хортуоппуй курдук муннулаах, иккис сылын хаалан олорор үѳрэнээччи:
“Катя — мин кыыһым! Атыттар кини диэки кѳрѳргүт букатын сатаммат!” — диэн быһа бааччы эппитэ.

Павлуша хара бастакыттан, Катяны кѳрѳѳт да, түѳһүн иһигэр сылаас иэйии туолбутун билбитэ. Катя да холкуос бэрэссэдээтэлин уолун иһигэр киллэрэ санаабыта.
Олег сэрэппитин истибэккэ, Павлуша кылаас королеватын кытта уоскулаҥ кэмигэр паарталар быыстарынан эккирэтиһэ оонньообута.
Епифанцева икки аҥы ѳрүллүбүт баттаҕын маҥан баантыктара сүүрдэҕинэ иннигэр туналыҥныырыттан уолчаан олус үѳрэрэ уонна дьоллоно саныыра.
Биллэн турар, итинник оонньуулларын Каменскай адьаһын сѳбүлээбэтэҕэ.

Биирдэ Павлушаны туора ыҥыран ылан киҥнээхтик сибигинэйэ былаан эппитэ:
“Иһит эрэ, Павлик, ити Катялыын оонньоһон бүт! Отуо сүнньүгүн доргутан да биэрдэхпинэ кѳҥүлүм! Бэрэссэдээтэл оҕото диэм суоҕа!»
Павлуша иирсээн тахсаары гыммытын сэрэйэн, сѳбүлэспит курдук тоҥхох гыммыта.
Ол эрэн аныгыскы биримиэнэҕэ Катялыын эмиэ оонньообуттара.

Уруок кэнниттэн Олег Каменскай табаарыһа Олег Иващенколыын Павлушаны аара суолга манаан турбуттара.
Эдьиийэ кылаас актыыбын кытта истиэнэ хаһыатын таһаара хаалбыт буолан, Павлуша Липин Фролу кытта аргыстаһан дьиэлээн испитэ.
Атастыылары аара суолга кѳрсѳн, Каменскай Павликка мордьойон турбута, устунан кырбаары гыммыта, баттахтаабыта.
Ол эрэн, ким да кѳһүппэтэх ѳттүттэн балаһыанньа уларыйа түспүтэ: Павлуша тутан испит суумкатын Олег сирэйигэр бырахпыта. Ону хабан ылар кэмигэр, Олегы уҥа тобугар тэбэн саайбыта уонна уҥа сутуругунан сэҥийэҕэ уоптарбыта. Соһуччута, ыарыыта бэрдиттэн тобуктуу түспүт кылаас «хоруолун» Павлуша түҥнэри тэбэн түһэрбитэ уонна үрдүгэр саба түһэн, түѳһүттэн хам баттаан олорон кыбдьырыммыта:
“Ѳйдѳѳн иһит, Олежек, ѳссѳ биирдэ суолбар кѳрсүѳм да, бүгүҥҥү түгэн оҕо оонньуутун курдук кѳстүѳ!»
Онтон эргиллэн, соһуйбут уонна куттаммыт, тэйиччи турар Олег Иващенкоҕа хайыспыта:
«Эн эмиэ тос мааскын ылыаххын баҕардыҥ дуо?!”
Иващенко эргиллэ биэрбитэ уонна сүүрэн тилэҕэ хараара турбута.
Липин Фрол табаарыһын букатын саҥалыы көрбүт курдук буолбута уонна күлүгээн Каменскай «мотуорката көммүтүттэн» олус үөрбүтэ, астыммыта.
Сэнээбититтэн сэттэтин ылан, ити күнтэн ыла Олег Каменскай Павлигы тыыппат буолбута.
Ити курдук кылаас «королеватын» Катюшаны Шелопугиҥҥа былдьаппыта.

Кылаас хоруола буолбут Павлуша үѳрэх кэнниттэн Катя суумкатын тутан, аарааҥҥа дылы аргыстаһан барар буолбута.

…Павлуша аҕатын, Алексей Ефимовиһы, саҥаттан саҥа сиргэ, «хаалыылаах тэрилтэни ѳрѳ тартын» диэн, кѳһѳрѳн испиттэрэ.

Оҕолор 6-с кылааска киирэллэрин саҕана аҕаларын Дарасуҥҥа хайа тиэхиньикэтин, буровой установкалары оҥорор собуокка кылаабынай инсэньиэринэн анаабыттара. Ксюшалаах Павлуша Дарасун 1-ы нүѳмэрдээх оскуолатыгар ылыллыбыттара.

Дарасун эмтээх уутунан биллэр, бүтүн Сойуус үрдүнэн аатырар санаторийдаах чѳкѳ куорат этэ. “Дар суу” – “эмтээх уу” диэнтэн ааттаммыт. Тимир суолунан дойду араас муннугуттан доруобуйаларын бѳҕѳргѳтүѳхтэрин баҕалаахтар эмтэнэ кэлэллэрэ.
Дарасун тулата барыта мыраан (сопка).
Саас аайы мыраан сирэйигэр чэмпэрээк сибэккилээтэҕинэ, Дарасун остуоруйа дойдутун курдук кэрэтийэрэ. Күөх ойуур хаймыылаах тэтэркэй көбүөрүнэн бүрүллүбүт мырааннар олус тупсаҕай, кэрэ көрүҥнэнэллэрэ.

Ксюшалаах Павлуша орто сүһүѳх үѳрэнээччилэрэ буолан, биридимиэт аайы тус-туһунан учууталга үѳрэнэр буолбуттара. Кылааhынньыктарын уонна ыаллыы олорор оҕолору кытта түргэнник бодоруспуттара.
Ордук чугастык Ксениялыын (Ксюшаны аны итинник ыҥырар буолбуттара) биир паартаҕа олорор Алеша Ли доҕордоспута.
Аҕата кыраайы үѳрэтэр оскуола түмэлин сэбиэдиссэйэ этэ, онон Алеша Ли устуоруйаны, тѳрѳѳбүт кыраайын уруккутун, Забайкалье биллиилээх дьонун сүрдээҕин кэрэхсиирэ.

— Истиҥ эрэ, — диэбитэ биирдэ Алеша, дьиэлээн истэхтэринэ, — дойдубутугар Емельян Ярославскайы билбэт киһи диэн суох. Кини Читаҕа тѳрѳѳбүтэ. Кыраайбыт биллиилээх дьонноруттан биирдэстэрэ. Сэбиэскэй Сойууска религияны утары охсуспут бассабыыктартан биир саамай актыбыыстара этэ.
Кини аатынан үгүс куораттарга уулуссалар бааллар. Дьокуускайга кыраайы үѳрэтэр мусуой кини аатын сүгэр.

— Тоҕо буолуой? – Ксения мыраан тэллэҕэр баар саhарбыт хатыҥ чараҥы кэрэхсээн одуулаhа иhэн судургутук ыйыппыта.

— Кини Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут. Онно мусуойга сэбиэдиссэйдээбит. Саха ыччатын сэсийэлиисим идиэйэлэригэр уһуйбут, — Ли улгумнук быһаарбыта уонна сүрдээх иэйиилээхтик эппитэ, — Саха сиригэр бара сылдьыбыт киһи-ии! Онно хабараан тымныы диэн суруйаллар дии. Онно Ярославскай аатынан мусуойу, дьэ, сыныйан кѳрүѳм этэ эбээт! Тѳһѳ эрэ араас дьикти, ураты экспонаттардааҕа буолла?!

Балачча саҥата суох хаамсан испиттэрэ. Борук-сорук буолан, остуолбаларга уулусса банаардара холбонон сандаарыспыттара. Павлик тутан иһэр бартыбыалын хаҥас илиитигэр кѳһѳрбүтэ уонна дуоспуруннаахтык эппитэ:

— Кѳр эрэ, Лёша, Дьокуускайга барар буоллаххына биһиги эдьиийбинээн эмиэ барсыахпыт.

— Даа, даа! Барсабыт бѳҕѳ буоллаҕа дии! – сурдьун кытта эдьиийэ тута сѳбүлэһэ охсубута.
Алёша Ли эдьиийдии-сурдьулуу Шелопугиннары Саха сиригэр илдьэ барарга сөбүлэспитэ. Емельян Ярлославскай аатынан мусуойу үhүөн көрүөх буолбуттара.

Онус кылааhы эдьиийдии сурдьулуу Шелопугиннар Чита куоракка бүтэрбиттэрэ. Биир сиртэн атын сиргэ уларыйа сылдьан үөрэммит буолан, омук тылын үөрэтэллэригэр ночоотурбуттара: биир оскуолаҕа ньиэмэс тылын, атыҥҥа боронсуус киэнин, Читаҕа аангылыйа тылын үөрэппиттэрэ.
Биллэн турар, чиҥ билиини хайа да тылга иҥэриммэтэхтэрэ.
Фокин ньиэмэстии “Майн найм ист Пауль” (Мин аатым Павел), боронсуустуу «Фёзон конэсанс. Мон ном де фэмили э Шелопугин» (Билсэн кэбиhиэххэ. Мин фамилиям Шелопугин), аангылыйалыы “Ит ис э тейбл. Ай сии э Кейт энд Пит” (Бу остуол. Мин Катяны уонна Петяны көрөбүн) диэн этиилэри эрэ үөрэппитин өйдөөн хаалбыта.
Эспэдииссийэҕэ сылдьан биирдэ дьээбэлэнэн ити үс билэр этиитин биирдэ субуруппутугар пуобардара Александра Никоновна улаханнык саллыбыта уонна:
“Отой киинэҕэ көстөр омуктар курдук саҥараҕын!” — диэн саҥа аллайбыта. Александра Никоновна түөрт кылаас үөрэхтээх буолан, орто оскуоланы бүтэрбит дьону учуонайдар кэриэтэ көрөрө.

Оттон Павел маркшейдер Андреевы көрдөhөн, иллэҥ түгэн көhүннэр эрэ, аангылыйалыы тылы олохтоохтук үөрэтэн барбыта.
Кугас сааппыйаан тастаах уопсай тэтэрээтигэр саҥа үөрэппит тылларын кэчигирэччи сурунан иhэр буолбута.
Маркшейдер Петр Афанасьевич, саха киhитэ, аангылыйалыы бэркэ билэрэ. Кини:
«Тылыҥ саппааhа тыhыынча кэриҥэ буоллаҕына күннээҕи наадаҕын быhаарсар кыахтанаҕын», — диэн Шелопугиҥҥа мэлдьи сүбэлиирэ.
Ый иhигэр Павел икки сүүсчэкэ тылы үөрэтэн маркшейдертан хайҕаммыта.
Эспэдииссийэҕэ сылдьан, омук тылын үөрэтэриттэн ураты, Павел саанан ыта үөрэммитэ.
Доруобунан отучча хаамыы иhинэн, харабыынынан сүүсчэкэ миэтэрэҕэ сыалын бэркэ табар буолбута. Аҕата Алексей Ефимович улахан булчута суоҕа.
Ол оннугар балыктыырын ордороро. Онон Шелопугин булка эспэдииссийэҕэ сылдьан уhуйуллубута.

Биирдэ уокка оттор мас бэлэмнии сылдьан Павел улардарга түбэспитэ. Төттөрү сүүрэн кэлэн:
“Көтөрдөр бааллар!” — диэн төлүтэ биэрээт, батарантааhын курдаммыта, саатын хабан ылбыта уонна ойуурга ыстаммыта. Геологтар иhийэн, күүтэн олорбуттара. Өр буолбатаҕа дүппүлүөт тыаhа эҥсиллэн кэлбитэ. Онтон өссө саа тыаhаабыта. Онтон өссө иккитэ.

— Уол фазааннары кыайда! – кыhыл уктаах бүк тутуллар быhаҕын сытыылаан кикирийэ олорор Авель Зимин эрэмньилээхтик эппитэ, куударалаах баттаҕа тыалга өрүкүйэн ылбыта.

— Чаччыгыныардыы сылдьар ини! – пуобар Александра Никоновна намыhах остуолга иhити-хомуоhу сааhылыы туран гидрогеологы кытта сөбүлэспэтин биллэрбитэ.

— Эс, кыра чыычаах аайы уол иитиини бараабат. Куртуйахтарга түбэстэ ини, — Петр Афанасьевич уоhун үрдүнээҕи хара хойуу бытыгын имэриммитэ уонна “Беломорканал” бөппүрүөскэтин хаҥас дьабадьытыгар көhөрбүтэ, тунааран тахсан үɵhэ устар табах буруотуттан хараҕын симириҥнэппитэ.

— Уон кэппиэйкэҕэ уксабын: уол фазаан тутан кэлиэ. Үhү! – Авель тимир быыла буолбут уҥа илиитин үс тарбаҕын: сөмүйэтин, орто тарбаҕын уонна тойон эрбэҕин чочотон көрдөрбүтэ.

— Чэ, сакалааттаhыахха даҕаны! – түөтэ Шура иилэ хабан ылбыта уонна эттээх харытынан сүүhүн үрдүнэн көстөр-көстүбэт көлөhүн таммахтарын туора соттубута. – Көрөөр эрэ, чаччыгыныардаах кэлиэ!

— Куртуйахтаах кэлэр ини. Мин эмиэ уон харчыга уксабын, — диэбитэ Андреев. Эспэдииссийэ дьоно бары уксан барбыттара. Кимнээх эрэ бөчүгүрэhи аҕалыа диэбиттэрэ. Начаалынньыктара Просянин «улар» диэбитэ.
Өр-өтөр буолбатаҕа, Шелопугин тыаттан кэлэн иhэрэ көстүбүтэ. Кини икки улары тутан кэлбитэ. Артём Ильич оҕолуу үөрэн:
“Улар диэбитим дии!” — диэн саҥа аллайбыта.
Уксуу түмүгэр кыайан. солкуобайтан тахсаны сүүйэн, Просянин бэркэ көнньүөрбүтэ:
«Баатым тобоҕо баар эбит!» — дэтэлээбитэ.
Оттон Павел хайдах бултаабытын кэпсээбитэ.

Амынньыар хомуйа сырыттаҕына, арай, бэрт чугастан тыастаахтык тирилээбитинэн, хара улар көтөн тахсыбыт уонна чугас баран бэс алын лабаатыгар олорон үллэкис гыммыт.
Оччону көрөөт, уол көтөҕөн испит маhын аргыый аҕай сиргэ уурбут, аа-дьуо тыаhа суох тэйэ хааман кэриигэ кэлбит. Онтон буута быстарынан саатын ылан кэлээт, бэрт ыксалынан биэстээх доруобунньуктаах ботуруоннары уктубут. Улары көрбүт сиригэр үөмэн испит.
Көтөрө көстүбэт эбит. Онтон эмискэччи сүүрбэччэ хаамыылаах сиртэн, талахтар быыстарыттан көтөн турбут.
Шелопугин саатын луоhун иэдэhигэр даҕайа охсубут, сыалыгар уларын киллэрбит да инники чыыбыhын тардан кэбиспит.
Ол аата ыhар, уҥа уоhунан «үрдэрбит».
Хара тыа маанылаах көтөрө барахсан түүтэ бурҕас гына да түстэр, салгыы көтө турбут.
Уол аны хаҥас уоhунан “типтэрбит”.
Бу сырыыга улара охтубут эрээри, тиийбитэ бааhыран сүүрэ сылдьар эбит. Ону эбии ытан ылбыт.
Бултуйан үөрэн — көтөн дьэргэстэйдэнэн истэҕинэ, аны биир улар чугастан көтөн турбут.
Саатын хаба тардан ылан, баран дуо диэн сомуоктарын тардыалаан көрөр, тэрилэ эстибэт. Па, ботуруон укта илик эбит. Ботуруон уларыттыбыт.
Бу сырыыга үстээх доробуунньалаах ботуруоннары ииттибит. Улар көппүт сирин туhаайыытынан аа-дьуо, тыаhаабатарбын ханнык диэн, сэрэниин-сэрэнэн баран испит. Онтон чугас, отучча миэтэрэлээх сиргэ, отон угун быыhыгар көтөрө хааман доодоҥнуу сылдьарын көрбүт.
Бу сырыыга тута сылдьар уларын сиргэ ууран баран, ыксаабакка кыҥаан ыппыт. Улар миэстэтигэр охтон түспүт, сэниэтэ суох кынаттарын сапсыммыта буолбут. Павел иккис уларын ылан баран, үөс диэки барбалаабыт.
Туох да суох үhү. Төннөн иhэн үс улары көтүппүт. Кэннилэриттэн ытан көрбүт да, таппатах, оннук, көтөн бара турбуттар.

— Ай эм э хаантэр! Гууд! (Мин булчуппун! Үчүгэй!) – диэбитэ Павел кэпсээнин түмүгэр. Кэллиэгэлэрэ күлсүбүттэрэ.
Маркшейдер Андреев уолу саннын таптайбыта:

— Виэри виэлл (олус бэрт), – диэбитэ.

…Павел эспэдииссийэҕэ сылдьыбыта элбэҕи туhалаабыта.
Кини онно элбэххэ үөрэммитэ, дьону кытта алтыhар дьоҕура сайдыбыта.
Эhиилигэр, үөрэх наадатын толору өйдөөн, дьонун даҕаны сүбэтинэн, инженернэй- тэхиниичэскэй үнүстүүккэ туттарсан киирбитэ.

Биирдэ бииргэ үөрэнэр табаарыhа Кокорин Юра төрөөбүт күнүгэр ыҥырбыта.
Кокориннар кыбартыыраларыгар Шелопугин болдьоммут бириэмэҕэ чопчу кэлбитэ.
Кокориннар улахан уолларын 20 сааhыгар остуол хотойорунан ас бөҕөнү тардыбыттар этэ. Юра доҕордоhор кыыhа Варя дьүөгэтинээн бааллара.

— Катя, билсэн кэбис, бу Юра доҕоро Павел, — Варя ыалдьыттары билиhиннэрбитэ. Павел Катяны “ханна эрэ көрбүт кыыhым” дии санаабыта.

— Эн Шелопугиҥҥын дуо? – ыалдьыт кыыс ыйыппыта.

— Эн миигин билэҕин дуо? – хоруйдуон оннугар устудьуон уол муодарҕаан хардары ыйыппыта.

— Букатын уларыйбатаххын, Фокин! Арай улааппыккын, киhини билбэт буолбуккун! – намчы кɵрүҥнээх, Бриджит Бардону маарынныыр, кыраhыабай кыыс эҕэлээхтик эппитэ, уhун иэҕиллибит кыламаннарын ибирдэтэн, симириктии көрбүтэ уонна төбөтүн хамсаппытыгар икки аҥы өрүммүт суhуохтара уҥа-хаҥас охсуллубуттара. — Ай-аай!

— Катюха! Ама дуу? Бу эн дуо? – Шелопугин иккис кылааска биир паартаҕа олорон үөрэммит кыыhын Катя Епифанцеваны билэн, үөрэн саҥа аллайбыта.

— Дьэ, бу соhуччу көрсүhүү буолла, доҕоттор! – Юра Кокорин омуннаахтык тɵлɵ биэрбитэ, эмиэ үөрбүтэ-көппүтэ. Катя өссө тупсубут, төлөhүйбүт этэ.

Павел, төhө да киниттэн биир сыл балыс буоллар, тутум үрдүгүнэн, дуоспуруннааҕынан, лоп-бааччытынан хара маҥнайгыттан ордук аҕа курдук көстүбүтэ.
Катя кооперативнай техникумҥа товаровед идэтигэр үөрэнэр эбит этэ.
Ол киэhэни быhа Катялаах Фокин отур-ботур сибигинэhэн, кэпсэтэн тахсыбыттара.
Санааларыгар, туох эрэ наhаа наадалааҕы кыайан бэйэ-бэйэлэригэр ситэри эппэт курдуктара.
Ити күнтэн ыла Фокин Катялыын доҕордоhон, сотору-сотору кɵрсɵр, библиотекаҕа бииргэ сылдьар буолбуттара.

Биир субуота күн Шелопугин Катяны “Родина” кинотеатрга ыҥырбыта.
«Чёрт с портфелем» диэн саҥа комедияны көрбүттэрэ.
Ол хартыынаҕа араас биэдэмэстибэлэр бюрократияларын түмүгэр хортуоппуй сытыйан эрэрэ, бэчээккэ кириитикэлиир ыстатыйа, фельетон тахсара хааччахтанара көрүдьүөстүк көрдөрүллэрэ. Киинэ кэнниттэн кыыhы дьиэтигэр атааран иhэн Павел:

— Үчүгэй киинэ. Ити Савелий Крамаров суоппары бэркэ да оонньуур, — диэбитэ.

Тротуар устун сатыы сылдьааччылар кинилэри ситэн ааhаллара.
Халлаан төhө да хараҥардар, уулусса банаардара күнүскүлүү арылыйа сырдаталлара.

— Павлуша, ити киинэҕэ оонньообут икки актрисаттан: Надежда Румянцеваттан уонна Майя Булгаковаттан эн хайаларын талыаҥ этэй? – Катя уолу оҕо эрдэҕинээҕи таптал аатын ааттаан ыйыппыта.
Павел хаамарын бытаардыбытыгар кыыс эмиэ тохтообута. Уол утары хайыhан уулусса банаарын сырдыгар оҕо сылдьан паарталар быыстарынан эккирэтиhэ оонньообут доҕорун хараҕын харата кэҥээн хаалбытын дьиктиргии, умсугуйа одууласпыта уонна чуумпутук эрээри чуолкайдык:

— Мин эйигин талабын… — диэн ботугураабыта.
Ити киэhэ аан бастаан уураспыттара.
Катя уоhун үмүрүппэккэ, тоhуйан эрэ биэрэр этэ, оттон Павел кыhаллан-мүhэллэн ууруу сатаабыта.
Кыыс сылаас, сииктээх, минньигэс уостарын астына эмпитэ.

Саҥа дьылга Павел кыыhын дьонугар билиhиннэрэ аҕалбыта.
Эдьиийэ Ксения урут бииргэ үөрэммит табаарыстарыгар Алексей Лигэ кэргэн тахсан туhунан олороро.
«Павлуша кыыhын көрө» кинилэр эмиэ кэлбиттэрэ.
Катяны кыратыттан билэр буолан Павел дьоно кыыhы тута бэйэ киhитин курдук көрсүбүттэрэ.
Онон сэмэтириинэҕэ кэлбиттии санаммыт, кыбыстан тэтэрбит Епифанцеваны үтэн-анньан көрөн ууга-уокка түhэрбэтэхтэрэ.

Эдэрдэр сааhыары, кулун тутарга холбоспуттара.
Павел туспа хостоох буолан, дьиэ-уот бырабылыамата улаханнык турбатаҕа.
Оннук, дьоннорун кытта бииргэ, Павел хоhугар олорон барбыттара.

Павел доҕотторугар: «Маҥнай сөбүлээбит кыыскын кытта ыал буолартан ордук дьол суох эбит», — диир буолбута.

Максим Ксенофонтов.

+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1