Самаан сайын салаллан, сайдам санаалаах саха дьоно күөх торҕоҕо сууламмыт саламалаах түһүлгэлэргэ үрүҥ тунах ыһыахтарга үөрэ-астына үмүөрүһэр, тоҕуоруһар дьикти-кэрэ кэмнэрбит буоллахтара. Хайа да балаһыанньаҕа олох салҕанар, өбүгэлэрбититтэн тиийэн кэлбит төрүт үгэстэрбитин тутуһабыт, салгыыбыт, байытабыт, саҥардабыт
Улуу Туймаада уйгулаах туонатыгар Үс Хатыҥҥа аан дойду норуоттарын үмүрү тардыбыт Үрүҥ Тунах ыһыах сири-халлааны ситимнээн, киҥкиниир киэҥ куйаары дьигиһитэ ньиргийэр, ньирилиир. Кыынньар кымыһынан, арыылаах алаадьынан, саламаатынан, сыалаах этинэн айах тутан Үрүҥ Айыылары айхаллыыр, сир-дойу иччилэригэр сүгүрүйэр.
Аан дойду муҥур күүстээх мадьынылара, бөҕөстөрө, кыанар, сыыдам боотурдара манна бэрт былдьастылар. Үрүҥ түүнү эргитэн оһуокайы өрө туттулар, үүнэр күнү, Үрүҥ Күнү үөрэ-көтө көрүстүлэр. Аан дойду кылаан хомусчуттара алыптаахтык дьүрүһүтэн-дьириһитэн, кыырпаҕа суох мэҥэ халлааҥҥа күөрэгэй ырыатын тартылар. Доҕордоһуу, ил-эйэ сылаас тыына дуоһуйа сынньаммыт, үөрбүт-көппүт айыы дьонун имэрийэ илгийдэ.
Арай мин муҥнаах, мөлтөөн-ахсаан ити үлүгэрдээх бырааһынньыктан, норуот үөрүүтүттэн матаахтаатым. Санаам батарбакка, туох аатай, диэммин дэлби кыйаханан, мөҕүллэ-мөҕүллэ маҕаһыынтан тууһаммыт-тумаламмыт бэлэм шашлык этин, хас да бытыылка быыппах атыылаһаммын, эмээхсиммэр алаадьы буһартаран даачабар чэчир хатыҥчааннарым быыстарыгар, аарыма хатыҥым сүрэхпин сөрүүкэтэр күлүгэр оллоонноон олорон дуоһуйа-астына эмсэхтэнэ-эмсэхтэнэ онлайн ыһыахтаатым.
Санаам-оноом төрөөбүт-үөскээбит тыам сиригэр, ахтылҕаннаах дойдум дьонугар иэҕиллэр. Үөлээннээхтэрбиниин үөрэ-көтө ыһыахтыы сылдьарым субу баардык харахпар көстөр, кулгаахпар иһиллэр. Дойдум барахсан дьон-сэргэ олохсуйар, төрүөх кэлэр уйгулаах сир буолбут. Күөх сирэм киэргэллэрэ сибэккилэр буолан, бу оҕо аймах элбэҕин. Мичилиспит, сандаарыспыт кыыс-уол, ыччат ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, кыынньар кымыһынан, сыалаах үтэһэнэн күндүлээн, барахсаттар, эчи үчүгэйдэрин.
Оһуокайга киирэммин, тоҥолохтон ылсыһан, тэптир сиртэн тэбинэн үҥкүүлээн дуоһуйдум. Оҕотуттан саҕалаан, эчи этээччи элбээбитин. Тыллара бу ылбаҕайын, хоһуйаллара хомуһуннааҕын. Саха дьахталлара барахсаттар, хаарыс солко халадаайдаах хампа күөххэ сууланан туттан-хаптан, кынталдьыһан-сэгэлдьиһэн эчи мааныларын.
Биһиги саҕанааҕы, сэбиэскэй кэмнээҕи партийнай мунньах аҥаардаах салгытыылаах ыһыахтары санаан сүөм түһэбин. Сүөсүһүттэр, тарбыйахсыттар, сылгыһыттар эрэйдээхтэр этэҥҥэ сыл тахсыбыттарын махталыгар сопхуос парткомуттан Элиэнньин төбөлөөх кыраамата сыыһын ылан, үөрээхтииллэрэ. Ахсааннаах дьахтар, эмээхсин халадаай ырбаахы, хаһыаччык кэтээхтиирэ. Эр дьон сахалыы таҥныбыттарын өйдөөбөппүн. Сахалыы өй-санаа, омук быһыытынан үгэспит, култуурабыт суолталаммат, сайыннарыллыбат, өрө тутуллубат кэмэ этэ. Биир ньыгыл сэбиэскэй норуот буоллахпыт. Дэлэҕэ, маннык ыһыах күн, дэриэбинэҕэ соҕотох оһуокай таһаарааччыбыт Ойохтоох Охонооһой улаханнык холуочуйан баран:
«Оо-йох көрдөтөр оһуокаа-ай,
Ээ-эр көрдөтөр ээһиэкээ-эй!»– диэн этэн эҥээритэрэ, оһуокайдьыттар алларастаһа-алларастаһа хаба тардан ылаллара.
Биэтэс Билээхэп