Онлайн өҥөлөрү туһаныы кэҥиир

Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох ыал” статуһу ыларга онлайн өҥөнү туһаныахха сөп буолла. СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ e-yakutia саайтка маннык өҥөнү киллэрдэ.

Маннык статуһу 18-гар уонна 23-гэр диэри (аармыйаҕа сулууспалыыр, эбэтэр күнүскү үөрэххэ үөрэнэр буоллаҕына) саастаах 3-тэн элбэх оҕолоох ыаллар ылар кыахтаахтар уонна элбэх чэпчэтиинэн туһаналлар.

Миниистир Елена Волкова 2020 сылга социальнай сулууспа эйгэтигэр улахан суолталаах хамсааһынынан бу онлайн өҥөнү оҥоруу систиэмэтин күүскэ үлэлэтиини ааттаабыта.

Холобур, министиэристибэ оҥорор 58 судаарыстыбаннай өҥөтүн интэриниэт көмөтүнэн сайабылыанньа биэрэн, ылыахха сөп. Кэлэр сылга систиэмэни өссө сайыннарар былааннаахтар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0