Бүгүн, ыам ыйын 3 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйа ыам ыйын 9 күнүгэр онлайн ыытыллыаҕа диэн «Инстаграмыгар» иһитиннэрдэ.
«Быйыл Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар коронавирус пандемията туран, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытыллар аахсыйабыт ыам ыйын 9 күнүгэр 11:00 чаастан «Саха» НКИХ ханаалыгар уонна «Бессмертный полк России» порталга ыытыллыаҕа. Быйылгы Кыайыы уонна Албан ааты сылыгар аахсыйаҕа өссө элбэх киһи кыттыаҕа диэн эрэнэбин«, — диэн Айсен Сергеевич суруйар.
Ил Дархан этэринэн, сэрии кыттыылаахтарын хаартыскаларынан видео таҥыллан, бааза оҥоһулла сылдьар.
Маныаха «Бессмертный полк России» саайтка эбэтэр «ВКонтакте», «Одноклассники» ситимнэригэр киирэн сайаапка ыытыахха сөп.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1