Кэккэ сыллартан искэн ыарыылаахтарга улахан болҕомто ууруллар, тиһиктээх үлэ барар. Улахан ситиһиинэн Дьокуускайга поликлиникалаах, стационардаах, аныгы онкология киинин тутуутун ситиһии буолар. Дьэ, маны сөптөөх каадырынан хааччыйар инниттэн, аналлаах исписэлиистэри бэлэмниир соруктаахтар.
Маныаха СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ былааннаах үлэни ыытар. “СӨ Доруобуйа харыстабылын сайыннарыы” туһунан судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа” олоҕуран, кэлиҥҥи түөрт сылга балачча исписэлииһи бэлэмнээбиттэр. Ол курдук, 2017 сыллаахха П.А. Герцен аатынан Москватааҕы онкология научнай-чинчийэр институтун уонна И.П. Павлов аатынан Санкт-Петербурдааҕы мэдиссиинэ судаарыстыбаннай университетын 4 онколог быраас, Диплом кэннинээҕи үөрэх Арассыыйатааҕы мэдиссиинэҕэ академиятын 1 радиолог-быраас, Казаннааҕы федеральнай университеты 2 мэдиссиинэ физига бүтэрбит.
Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын уонна Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинэҕэ институтун базаларыгар былырыын аан маҥнайгытын “онкология” исписээлинэстээх ординатура бырагырааматынан үс онколог бырааһы бэлэмнээбиттэр. Быраастар аккредитацияны ситиһиилээхтик ааһан, исписэлиис сэртипикээтин туппуттар.
Сыл бүтүүтэ, Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерыгар барыта 8 быраас, 1 мэдиссиинэ физига, 22 сиэстэрэ үөрэҕин бүтэрэн кэлбит. Итинтэн үс быраас ХИФУ онкологияҕа, 1 быраас хирургия, 1 быраас паталогоанатомия, 1 быраас анестезиология уонна реанимация, 2 быраас акушерство-гинекология ординатураларын бырагырааматын бүтэрбиттэр. Инньэ гынан, диспансер, уопсайа, 8 бырааһынан хаҥаабыт.
Саха сиринээҕи онкология көмө амбулаторнай кииннэрин итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансеры каадырынан таҥыыга анаан, былырыын ХИФУ мэдиссиинэҕэ институтугар онкология ординатуратын кууруһугар 13 исписэлииһи ылбыттар.
Онтон быйыл Н.Н. Блохин аатынан онкология чинчийэр киинин онкология ординатуратын биир, ХИФУ лабораторнай дьыалаҕа ординатуратын биир, хирургияҕа ординатуратын икки, рентгенология ординатуратын үс, ультразвуковой диагностикаҕа ординатуратын биир исписэлиис бүтэрбит. Уопсайа, 8 быраас диспансерга үлэлэрин саҕалаабыттар.
Лена Афанасьева, СӨ Онкологияҕа диспансерын кылаабынай бырааһа:
— Онкологическай сулууспабытыгар исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ улахан болҕомтону уурабыт. Каадыр тиийбэт кыһалҕатын ситимнээхтик быһаарар инниттэн, 2019 сыллаахха биһиги диспансербыт базатыгар Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет мэдиссиинэҕэ институтун онкологияҕа хаапыдырата тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ онкологияҕа сулууспатын устуоруйатыгар аан бастакытын ординатура иитинэн былырыын үс онколог-бырааһы бэлэмнээтибит. Үһүөн аккредитацияны ситиһиилээхтик аастылар. Өссө 12 клиническэй ординатор эһиил бүтэриэхтээх.
Итини таһынан, биһиги быраастарбыт үлэҕэ быраактыкаларын уонна идэлэрин маастарыстыбатын үрдэтиигэ тас дойду инники сылдьар килииникэлэрин кытта ыкса үлэлэһэбит. Үлэ бу хайысхатыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев уонна кини кэргэнэ, биһиги уопсастыбаннай кураторбыт Людмила Валерьевна көмөлөрүнэн номнуо Америка Холбоһуктаах Штаттарыгар уонна Японияҕа үлэһиттэр быраактыкаланан кэлбиттэрэ. Тустаах стажировкаҕа тиксэр судургута суох этэ, түмүгэ үчүгэй. Ону таһынан, онколог быраастар дойду онкологияҕа киэҥник биллэр кииннэригэр тиһигин быспакка бэлэмнэниини ааһаллар. Блохин, Петров аатынан онкология чинчийэр кииннэрэ, Арассыыйатааҕы ситимнээх идэҕэ үөрэхтээһин мэдиссиинэҕэ академията, уо.д.а. тэрилтэлэр буолаллар. Каадыры бэлэмнээһин биһиэхэ болҕомто киинигэр сылдьар, инникитин даҕаны оннук буолуоҕа.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: СИА.