Онкологическай киин тутуута кыраапыгы куоһаран иһэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Дьокуускайдааҕы онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Лена Афанасьева бэлиэтээбитинэн, эбийиэк тутуутун Ил Дархан Айсен Николаев тус бэйэтинэн хонтуруоллуур.

«Онкологическай киин — онколог быраастар уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун саамай күүтүүлээх тутуубут. Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Айсен Николаев, эбийиэк социальнай суолтатын өйдөөн туран, үбүлээһинин эрэ буолбакка, тутуу хаамыытын бэйэтинэн көрөр-истэр, хонтуруоллуур. Бу үлэ түмүгэр аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир таһымнаах бөдөҥ киин олоххо киириэҕэ», — диэн бэлиэтиир Лена Афанасьева.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай киин симиэнэҕэ 210 киһи сылдьар поликлиникалаах, 180 куойкалаах стационардаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах буолуоҕа. СИА иһитиннэрэринэн, эбийиэк 2023 сылга тутуллан киириэхтээҕин, 2022 сылга тутан киллэрэр сорук турар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

СИА хаартыската.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0